НУТРИЦИОЛОГ • HEALTH-КОУЧ • ПП • ЗОЖ • КРАСОТА • СПОРТ
Дипломированный нутрициолог,
специалист по немедикаментозному оздоровлению, член ассоциации нутрициологов
С-во @Oksana_Nutrit
M:@damayorova @krapivaboris @zumrud_368550
Last updated 4 weeks, 1 day ago
С техникой и электроникой всегда на «ты» ?
Расскажем о самых горячих и актуальных новостях в мире технологий, рассмешим мемами и поделимся выгодными предложениями на электронику и бытовую технику.
Связаться: @TechnoXab ?
Last updated 2 months, 3 weeks ago
📺🌈✊🏼САХА СУОЛА. САҤАРАР ТАЛКЫБЫТ САЙЫННЫН
🔥Үүнэр ыччаппыт саҥарар дьоҕура мөлтөөн иһэрин бары бэлиэтиир буоллубут. Олоххо ситиһиилэнии киһи тыллаах-өстөөх буоларыттан улахан тутулуктаах. Ону өйдөөн, идэлээх үлэһиттэр саҥарар талкы сайдыытыгар саҥаттан саҥа ньымалары толкуйдууллар, үөрэтии ситимигэр киллэрэллэр. Оттон Саха сирин логопедтара өссө оҕо ийэ тылынан тылланыытын сорук оҥостон үлэлээн эрэллэрэ махталлаах. Логопедтар үөрэхтэрэ баччаҕа диэри нууччалыы эрэ суруллубут үлэлэргэ тирэнэрэ. Онон, бу өҥөнү туһанар оҕо төрөөбүт тылыттан тэйэргэ күһэллэрэ.
🔥 «Хамсаныы – тэтим – саҥарыы – ситиһии» ситиминэн үөрэтиини кэлимник киллэриигэ үлэлэһэ сылдьар логопед-дефектолог, элбэх оҕолоох ийэ, “Төрүт тыл”логопедтар түмсүүлэрин салайааччыта Светлана АРТЕМЬЕВА кэпсээнэ билиҥҥи кэмҥэ кыһалҕалаах дьоҥҥо тыын суолталаах, бар дьоҥҥо тоҕоостоох арыйыы буолуоҕа.
❗️БИШКЕКТЭН МАС ТАРДЫҺЫЫТЫГАР ААН ДОЙДУТААҔЫ КҮРЭХТЭҺИИ БЫҺА БИЭРИИТЭ БУОЛАРЫНАН, БИЭРИИ МЭЛДЬИ ТАХСАР ЧААҺА УЛАРЫЙДА.
🔔🌞 Ахсынньы 1 күнэ, өрөбүл
🔔⏰ Күнүс 16:30 ч.
🔔 Хатылааһына: ахсынньы 8 күнэ, 11:00 ч
🔔 Биэрии «САХА» НКИХ үтүүп ханаалыгар киириэҕэ.
💜🤝Биллэриини бөлөхтөрүгэр тарҕаппыт дьоҥҥо барҕа махтал😍🫶🏼
💫АЛАМПА ТӨРӨӨБҮТ КҮНҮГЭР
❤️🩹🙏🏼Алампа саха айар-суруйар эйгэтигэр мэлдьи баар. Кини аатын тула култуура, искусство, билим көхтөөх уонна тахсыылаах дьоно өрүү түмсэр, кини аатын сирдьит сулус оҥостон, айар аартыктары дабайар.
Быйыл эмиэ кини төрөөбүт күнүгэр "Алампа аатынан бар-дьон бириэмийэтин" туттарыы үөрүүлээх быһыыга-майгыга буолан ааста. Бу сырыыга туттарыы Национальнай художественнай түмэл дьиэтигэр тэриллибитэ ордук табыгастаах курдук. Алампа аата саха дьонун сүрэҕин чопчута буолла, онуоха бэйэбит кэммит "алампистарын" - норуот суруйааччыта Егор НЕЙМОХОВ, уйан иэйиилээх ырыа айааччы уонна хорсун туруулаһааччы Виталий АНДРОСОВ, тыл үөрэҕин дуоктара Валентина СЕМЕНОВА сыраларын өрүү махталынан ахтабыт. Саҥа үйэҕэ Мария ТУРАНТАЕВА, Руслан ТАРАХОВСКАЙ Алампа сүгүрүйээччилэрин истиҥ эйгэтин иэйэн-куойан туран үрдүк таһымҥа тэрийэллэрэ үөрүүлээх.
👏🏼📚Бу тэрээһин уран тыл эйгэтигэр баар үгэс буолбут түһүлгэлэр ортолоругар ала чуо көстөр ураты тыыннаах. Бастатан туран, дьиҥ-чахчы Алампа аатын айар сулус оҥостооччулар кэлэллэр. Кинилэр ааспыт үйэ саҕаланыыта Дьокуускай куоракка олохсуйбут муоданан таҥнарга кыһаллаллара бэйэтэ эмиэ туспа бэлиэ курдук. Быйылгы түмсүүнү СААРЫН саҥа толоруутунан киэргэттэ. Ону манна туспа таһаарыам, истээриҥ эрэ🎶🕊️
🏆Уон хайысхаҕа кимнээх быйылгы АЛАМПАНЫ ылбыттарын ааҕан билбиккит ыраатта. Сылдьыбыт киһи быһыытынан сырдаттахха, дьон БАСТЫҤ МЕЦЕНАТ аатын ылбыт ЯКУТЦЕМЕНТ тойоно Алиш МАМЕДОВ харда тылыгар ордук сэргэхсийдэ. Бары да кини Өрөспүүбүлүкэ духуобунай олоҕо сайдарыгар биир дьиҥнээх өйөбүл, тирэх буола сылдьарын илэ истэммит махталлаах санаабытын анаатыбыт уонна кини поэзия сүгүрүйээччитэ буоларын, түбүктээх олоҕор күн аайы хоһоон ааҕарга кэм аныырын, сахалыы бэрт дьээбэлээхтик саҥаран ыларын биһирээн, сөбүлээн ытыспытын таһынныбыт.
✍️📖Мин суруйааччы уонна суруналыыс быһыытынан, АЙАР ТЫЛ номинацияҕа Ангелина ШАДРИНОВА-СУОҺААНЫ бэлиэтэммититтэн астынным. Суруйааччы да, суруналыыс да биир айылҕаттан үүнэн-сайдан тахсар. Ол эрэн, сурук-бичик бу икки хайысхатыгар иккиэннэригэр тэҥҥэ бэйэтин аатын күүстээхтик бигэргэппит киһи сэдэхтик көстөр быһыылаах. СУОҺААНЫ бу сэдэх дьонтон биирдэстэрэ. Кини бэйэтин айар үлэтин таһынан саха араадьыйатыгар САНАА СЭРГЭТЭ диэн биэриинэн саха дьонун салгын кутун иччилиир, өйүн-санаатын байытар, араадьыйа көмүс пуондатыгар энчирээбэккэ хараллыахтаах үйэлээх биэриилэри - туһугар эмиэ өлбөт-сүппэт айымньылары, уһанна-чочуйда.
СУОҺААНЫ "Сирэй уонна күлүк" кинигэтиттэн:
"Көмүс дьааһык сабыллан, алтан дьааһык арыллыыта, таабырын төрдө Тамтатахай түүлээх холбука иһигэр түүрүллэн сытар Өй оҕотун кытта харах симсэ оонньуур..."
?БИИР БЭЙЭМ “КЫҺЫЛ КӨМҮС ЫАР ТЫЫННААХ” ДИЭН УОС НОМОҔО ОЛУС ЭЛБЭХ КЫҺЫЛ КӨМҮСТЭНЭ СЫЛДЬЫБЫТ, ОЛ ТУҺУТТАН ИЭДЭЭНИ, АЛДЬАРХАЙЫ БИЛБИТ ЭРЭ ОМУК ӨЙҮГЭР-САНААТЫГАР ҮӨСКҮӨН, ХААНЫТТАН ХААНЫГАР ХААЛЫАН СӨП ДИИБИН.
?Бэргэһэтэ сактар итэҕэллэринэн аллара, орто, үөһэ дойдулары көрдөрөн үс араҥаҕа арахсар. Бэйэтэ илин диэки хайыһан сытар. Илиитигэр кымньыы тутуурдаах, куругар кылгас батыйа уонна уһун батас сэптээх. Тарбаҕар бэчээт буолар күн ойуулаах биһилэхтээх. Чөмчөкөтүн уҥуоҕун кииҥҥэ ситэри чинчийиэх буолан илдьэ баран бараннар,төннөрбөтөхтөр - сүтэрбиттэр дииллэр. Ол баара буоллар,тииһиттэн ДНК арааран ылар билиҥҥи кэмҥэ кэбэҕэс буолуох эбит.
??Казахстан тутулуга суох буолан баран орто үйэтээҕи Түүрдэр Каганаттарын утумнааччы курдук бэйэтин билинэн испитэ. Онтон Нурсултан Назарбаев 1995 c. Көмүс Киһиэхэ кэлэ сылдьыаҕыттан саки Тыгынын таҥаһын-киэргэлин сакральнай ис хоһоонун биэрэр көстүүлэрэ Казахстан Илин ытык бэлиэлэригэр киирбиттэр. Алматы киин болуосстыгар баар үрдүк өргөс чыпчаалыгар - Кини турар. Президент штандартыгар – Кини. Маҥнайгы почта маркатыгар – Кини. 5000 муҥ (тыһыынча) харчыга уонна кыһыл көмүс инвестиционнай манньыакка – Кини. Үрдүк бэргэһэтин киэргэлигэр баар кынаттаах, муостаах сылгыта -Өрөспүүбүлүкэ гиэрбэтигэр. Муостаах сылгыны сүрдээҕин ытыктыыллар эбит. Оннооҕор биир аттаах көмүүгэ сирэйигэр муостаах мааскалаах ат уҥуоҕа көстүбүт...
? «Сах саҕаттан» таабырыммыт таайыытыгар сахалар хаһан эмит кэлиэхпит. Ини-бии Нурмухаметовтар кинилэр дойдуларыгар олохсуйан эрэр саха ыччата олус түмсүүлээхтэрин, бэйэлэрин култуураларын, историяларын дьаныһан үөрэтэллэрин, элбэҕи билэллэрин бэлиэтииллэр. Кинилэртэн алгыс, ыһыах, чороон, ода сахалыы тыллары, бу тыллар суолталарын олус бэркэ өйдөөбүттэр. Түмэл худуоһунньуга Даулет Бектемиров миэхэ Көмүс Киһи статуэткатын бэлэхтээтэ.
“Шествие Золотого Человека по музеям мира” диэн бу Көмүс Саханы аан дойду түмэллэринэн кэритэр тэрээһин баар эбит. Кини сахаларга эмиэ ыалдьыттыы кэлэ сылдьара буоллар диэн баҕара санаатым.
САЙА
☀️ «САХ САҔАНААҔЫ»
САХА КӨМҮС ТЫГЫНА
??? «Сах саҕанааҕы» диэн сахалар былыыр-былыр буолбуту этэллэр. Ити этиини кытта былыыр былыр, биһиги эрабыт буолуо 1 тыһ. сыл бэтэрээ өттүгэр Араал байҕал, Орто Азия, Соҕуруу Сибиир иэннэригэр үөскээн-төрөөн тарҕанан, аты мииммит сэрии буолан аан дойдуга ааҥнаабыт, киһи аймах историятын туоһу суруктарыгар “саки” диэн суруллар дьон ситимнээхтэрин туһунан саха историктара, тыл үөрэхтээхтэрэ биирдэ эмит да буоллар, суруйаллар, саха өбүгэтэ бу будунтан саҕаланарын сабаҕалыыллар. Ол эрээри сэмэйбит бэрдиттэн буолуо, бу сабаҕалааһын тиэргэммит иһиттэн ырааппат, Sakha – саха диэн бэйэни ааттаныыны уларыппакка илдьэ хаалан ордон сылдьар соҕотох омук буолуохпут сөбүн туһунан киэҥник иһитиннэриигэ ханна да суох.
??2006 с. “Кэпсиэ” биэриигэ Афанасий ИВАНОВ-ТОҔОЙУ кытта кэпсэтиибин таһааран турабын. Кини миэхэ “Сокровенное” диэн кинигэтин бэлэхтээбитэ. Хайдах эрэ өбүгэ туһунан мин куппар-сүрбэр илдьэ сылдьар санааларбын бу кинигэҕэ этиттэрбит курдук буолан, “Саха туһунан санаалар” диэн хоһоон бөлөҕүн суруйан турардаахпын. Кинигэҕэ Афанасий Иванович 1970 c. Казахстан Иссык диэн сиригэр археологияҕа ХХ үйэ ордук чаҕылхай арыйыытынан буолбут “Көмүс киһи” (“Золотой человек”) туһунан уустаан-ураннаан суруйбут этэ. Бу Көмүс Киһи (казахтыы “Алтын Адам”) б.э. буолуо V-VI үйэтээҕи көмүүттэн булуллубута.
⛰️Иссык - Алатау хайа тэллэҕэр тэнийбит кэрэ көстүүлээх хочо сир. Манна баар былыргы төрүт-уус дьон көмүллүбүт сүүһүнэн кургааннара былыр үйэҕэ бары халанан бүппүт буоланнар, улахан болҕомтоҕо киирбэттэр үһү. Ол да буоллар, сэбиэскэй кэмҥэ күрдьэр түгэннэригэр археологтартан ыйытан, көҥүл ылыахтаахтарын туһунан ыйыы баар эбит. Онон биир кургаан турар сирин автобаза гынаары тутааччылар оннук көҥүлү көрдөөбүттэр. Ортото оҥо хаһыллан, чинчийии көрдөрөрүнэн, иккитэ халаммыт кургааны “көрөн баран көҥүл биэрэригэр” эдэр археолог Бекмуханбет Нурмуханбетовка сорудахтаабыттар. Эдэр киһи сорудахха сүрдээх ирдэбиллээхтик сыһыаннаһан, кумааҕыны суруйа охсон биэрбэккэ, кургааны өссө биирдэ төгүрүччү хастарбыт уонна... ойоҕос өттүгэр олох тыытыллыбатах, кылаана кыларыйбакка бүтүн хаалбыт көмүүгэ түбэһэ түспүт. Атын ханнык да кургааннарга ойоҕос көмүүлэр диэн суохтара, онон аҥардас бу киһи сытар сирэ кытта таабырын буолан, соһуччу булумньу аан дойду археологтарын, историктарын өйдөрүн-санааларын күүскэ долгуппут.
?️Казахтар “Тутанхамоннарын” көмүүтүгэр түөрт тыһыынчаттан тахса кыһыл көмүс оҥоһуктар көстүбүттэрэ, чинчийии түмүгүнэн 18 саастаах эдэр киһи – көннөрү киһи буолбакка, саки ыраахтааҕыта, эбэтэр ыраахтааҕытын уола, Тыгын буолара бигэргэммитэ. Көстүбүт маллартан ордук суолталааҕа – кырачаан үрүҥ көмүс иһит, бу иһит умса ууруллубут түгэҕигэр сытыы биилээх уһугунан тырыта охсон суруллубут түүрдүү урууна бичик баара буолар.
?Афанасий ТОҔОЙ “Сокровенное” кинигэтигэр бу урууна (уурунуу) суругу биһиги Андрей КРИВОШАПКИН-АЙЫҤАБЫТ тылбаастаабытын киллэрбит уонна эрдэтээҥи тимир үйэтин кэминээҕи саха эдэркээн Тыгынын тула буолбут иэдээни сирэйдээн-харахтаан, тилиннэрэн суруйбут этэ.
?Мин өр кэмнээх ыра санаабын толорон, Иссык (Еcik) историко-култуурунай түмэл-заповеднигар, манна олорбут улуу омук кистэлэҥин иҥэринэн сытар уонунан буор булгунньахтар тоҕуоруспут хочолоругар, хаһан эрэ саки ыраахтааҕылара чэчирии сайдан чэлгийбиттэрин кэпсиир куораттарын оннуларыгар доҕотторбун кытта сылдьарбар археолог Бекмуханбет Нурмуханбетов уолаттара ини-бии Армаан уонна Бекбуол көмөлөстүлэр. Уолаттар аҕалара олоҕун анаабыт үлэтин салгыыллар, сакилар саарыстыбаларын үөрэтиинэн үлүһүйэллэр эбит. Түмэл көрдөрүүтүгэр үрүҥ көмүс иһит түгэҕэр баар урууна сурук тылбааһын хас да көрүҥэ баар. Сахалыы ааҕыытын истэн баран үлэһиттэр "бу ордук сөп буолуон сөп эбит” дэһэллэр. Көмүс Киһи көрүҥүн, көмүүгэ кыһыл көмүстэр ыһыллыбыт киэптэрин батыһыннаран чөлүгэр түһэрбиттэр. Онно көрдөххө этэрбэһиттэн саҕалаан үрдүк бэргэһэтин оройугар тиийэ күлүмүрдээн, дьэ, киһи киэнэ килбиэннээҕэ эбит!
НУТРИЦИОЛОГ • HEALTH-КОУЧ • ПП • ЗОЖ • КРАСОТА • СПОРТ
Дипломированный нутрициолог,
специалист по немедикаментозному оздоровлению, член ассоциации нутрициологов
С-во @Oksana_Nutrit
M:@damayorova @krapivaboris @zumrud_368550
Last updated 4 weeks, 1 day ago
С техникой и электроникой всегда на «ты» ?
Расскажем о самых горячих и актуальных новостях в мире технологий, рассмешим мемами и поделимся выгодными предложениями на электронику и бытовую технику.
Связаться: @TechnoXab ?
Last updated 2 months, 3 weeks ago