НУТРИЦИОЛОГ • HEALTH-КОУЧ • ПП • ЗОЖ • КРАСОТА • СПОРТ
Дипломированный нутрициолог,
специалист по немедикаментозному оздоровлению, член ассоциации нутрициологов
С-во @Oksana_Nutrit
M:@damayorova @krapivaboris @zumrud_368550
Last updated 2 months ago
С техникой и электроникой всегда на «ты» 😎
Расскажем о самых горячих и актуальных новостях в мире технологий, рассмешим мемами и поделимся выгодными предложениями на электронику и бытовую технику.
Связаться: @TechnoXab 👈
Last updated 2 weeks ago
СИН БИИР МИН ЭЙИЭХЭ
ТИИЙИЭМ
Өһүргэммитим,
көҥөммүтүм,
Ахсарбатаҕым,
аахайбатаҕым,
СИН БИИР МИН ЭЙИЭХЭ
ТИИЙИЭМ
Хомоппутум,
Хоргуппутум,
Умнубутум, тумнубутум
СИН БИИР МИН ЭЙИЭХЭ
ТИИЙИЭМ
Ылаабытым,
Ытаабытым,
Аймаммытым,
Айдаарбытым,
СИН БИИР МИН ЭЙИЭХЭ ТИИЙИЭМ.
Ааттаабытым,
Араарбытым
Санаабытым,
Анаабытым
СИН БИИР МИН ЭЙИЭХЭ
ТИИЙИЭМ
СИН БИИР МИН ЭЙИЭХЭ
ТИИЙИЭМ
Ханна эрэ ким да
билбэт суола баар,
Ханна эрэ ким да сэрэйбэт
ыллыга тыргыллар,
Айыылартан сокуоннаах
Таҥараттан ыйаахтаах
СИН БИИР МИН ЭЙИЭХЭ
ТИИЙИЭМ
Тиийиэм
Тиийиэм
Тиийиэм
Тиийиэм
Тиийиэм
Тиийиэм
Тиийиэм
БОРИС КЭМ
ЭРДИИ
Эрдиини
ыһыктымыахха
наада бу олоххо,
Бырахтыҥ да сүүрүк
хоту сурулуу
устаҕын,
туох да
быыһаабат,
Арбаҕастаах да
абыраабат.
Туох өрүһүлтэ
Буолар инник кэмнэргэ?
Санаа түһэр,
Харах бүөлэнэр
күннэргэ?
Эн мичээриҥ?
Кэлээр
ол тоҕойго кэтэһиэм
диэбитиҥ?
Эбэтэр эр киһи
бэриниэ суохтаах,
барытын кыайыахтаах
диэн киһиргэппитиҥ?
Хантан эрэ
күүс ылыахха.
Айыылартан көрдөһүөххэ,
Кими да түһэн
биэримиэххэ,
Эппит тылы
толоруохха.
Олоруохха.
Охсуһуохха
дьон туһугар,
дьол туругар.
Эрдиини илиигэ ылыахха
Эрдиниэххэ.
Эрэниэххэ....
Эрэниэххэ...
Эрэниэххэ...
Борис Кэм
СУЛУС БУОЛАН КИИРБИККЭР
Саҥа дьыл халлааҥҥа
тыһыынча сулуһу
умаппыт,
Айанньыт сылайбыт.
Сынньаныан баҕарбыт.
Утаппыт.
Махтанабын кэлбиккэр.
Сырдыгынан
тыкпыккар.
Сылдьар ыырбар,
сыһыыбар,
Күлүмүрдэс ыллыкпар!
Кэм – кэрдии кинигэ
лииһинии арыллар,
Аан дойду сыл аайы
саҥалыы айыллар.
Махтанабын киирбиккэр.
Эрэл кыымын
биэрбиккэр,
“Барыта этэҥҥэ"
диэбиккэр -
Ахтылҕаннаах
биэрэкпэр.
Ыыс быдаан.
Мутук тостор
тымныыта.
Айылҕа санааны
сахалыы сааһылыыр.
Үтүө дьон олоххун
арыаллыыр.
Махтанабын,
айбыккар
Айыы суолун
ыйбыккар
Ыраах илдьэр
ыллыкпар.
Түһэрбиккэр кустугу
ыраас уулаах
үрэхпэр,
Сулус буолан
киирбиккэр
Уоскуйбатах сүрэхпэр!
Борис Кэм
80 саастаах суруналыыс убайбыт Иннокентий Сыроватскай
БИЛИНИИ
Миэнэ тылларым
барыта сүрэхтэн,
Сып-сырдык, ып-ыраас, сып-сылаас
"Ийэ сир" диэн .
үрэхтэн,
Миэнэ санаам
барыта
салгынтан,
Үүт сыттаах,
күөх оттоох,
үрүмэччилээх,
"Оҕо саас" диэн
сайынтан.
Миэнэ дьолум
барыта Эйигиттэн,
Олоххо эрэллээх,
кэскиллээх
аттыбар баар
киһиттэн.
Хаһан да тохтообот,
бүппэт күн эргиириттэн.
Эн эрэ баар буол!
Эһиги - аттыбар,
Бары- тулабар,
Түөрт өртүбэр,
Биэс эркиммэр!
Сир бары
кээмэйдэринэн,
Дьол бары
мээрэйдэринэн,
Күннэринэн,
Дьылларынан,
Сылларынан,
Ыйдарынан,
Үйэлэринэн,
Сылаастарынан,
Алаастарынан,
Сааскы курас тыалларынан,
Куруук Эйигин
таптыаҕым,
Бырастыы
гыныаҕым:
Сыыһа саҥарбыккын,
Алҕас туттубуккутун,
Сиилээбиккитин,
Сэмэлээбиккитин,
Хомоппуккутун,
Туора
көрбүккүтүн,
Күлүү
гыммыккытын,.
Хаама сылдьан,
Сүүрэн иһэн,
Ыллыы туран,
Ыалдьа сытан,
Ханна да тиийдэрбин,
Туохха да тигистэрбин,
Эһигини эрэ харыстыыбын,
Күнү тула бииргэ
эргийэ сылдьар
дьоннорбун!
Борис Кэм
Суох
НУТРИЦИОЛОГ • HEALTH-КОУЧ • ПП • ЗОЖ • КРАСОТА • СПОРТ
Дипломированный нутрициолог,
специалист по немедикаментозному оздоровлению, член ассоциации нутрициологов
С-во @Oksana_Nutrit
M:@damayorova @krapivaboris @zumrud_368550
Last updated 2 months ago
С техникой и электроникой всегда на «ты» 😎
Расскажем о самых горячих и актуальных новостях в мире технологий, рассмешим мемами и поделимся выгодными предложениями на электронику и бытовую технику.
Связаться: @TechnoXab 👈
Last updated 2 weeks ago