НУТРИЦИОЛОГ • HEALTH-КОУЧ • ПП • ЗОЖ • КРАСОТА • СПОРТ
Дипломированный нутрициолог,
специалист по немедикаментозному оздоровлению, член ассоциации нутрициологов
С-во @Oksana_Nutrit
M: @zumrud_368550, @damayorova @krapivaboris
Last updated 4 days, 21 hours ago
С техникой и электроникой всегда на «ты» ?
Расскажем о самых горячих и актуальных новостях в мире технологий, рассмешим мемами и поделимся выгодными предложениями на электронику и бытовую технику.
Связаться: @TechnoXab ?
Last updated 1 month, 3 weeks ago
🐟Балык дьаарбаҥкатыгар быйыл 80 туонна көмүс хатырыктаах атыыга баран киин куорат дьоно-сэргэтэ кыстык астарын хаһааннылар. Маннык тэрээһиҥҥэ балык сибиэһэйэ, сыалааҕа, минньигэһэ кэлэрин билэн дьон күүтэр атыыта көхтөөхтүк барда.
🐟Балык дьарыктаах дьон бүгүҥҥү түбүктэрин, кыһалҕаларын уонна соруктарын туһунан "КҮН ДЭЛЭЙЭ" биэриигэ, сэтинньи 2 күнүгэр, субуотаҕа 13:00 көтүппэккэ көрүҥ!
🌿Идэһэ кэмэ чугаһаата. Саха ыаллара кыстык аһы-үөлү дьаһанар күннэрэ саҕаланнылар. Эт-ас эгэлгэтин элбэтэн дьиэ халбаһытын астыахха.
🌿Таатта улууһун Даайа Амматын олохтооҕо Оксана Михайловна АРГУНОВА "КҮН ДЭЛЭЙЭ" биэриигэ эттэн бэлэмнэниллэр минньигэс сарделька ырысыабын үллэһиннэ.
🌿Сонун ас хайдах буһарылларын билиэххитин баҕарар буоллаххытына, алтынньы 26 күнүгэр, күнүс 13:00 "САХА" НКИХ ханаалыгар холбонооруҥ!
🌿Биэрии бары таһаарыылара ютуб,рутуб ханаалларыгар тахсаллар.
«Сахаэтностиль» мааны таҥас мастарыскыайа🧡
Айылҕа муҥутаан күүһүрэр кэминэн тускуо!???
?Чороон, кытыйа, симиирчэх, чабычах,ычаа хамыйах - саха мааны иһиттэрэ. Саха иһиттэрэ түүр омук малларын, астарын-үөллэрин майгыннаһар уонна уратылаһар өрүттэрин М.К. Аммосов аатынан ХИФУ магистрана, эдэр чинчийээччи Саргылана МИХАЙЛОВА үөрэппит үлэтин биһиги биэриибитигэр сырдатта.
?Айыы аһа - кымыс сиэригэр-туомугар туттуллар иһиттэр туһунан Саха түмэлин археологияҕа уонна этнографияҕа салаатын сэбиэдиссэйэ Василий ПОПОВ кэпсээтэ.
?Ыһыах күнүн көрсө бэлэмнэммит «КҮН ДЭЛЭЙЭ" биэриини субуотаҕа,бэс ыйын 22 күнүгэр көтүппэккэ 13:00 көрүҥ!
☀️ЧОМУГУРТАН САЛАМААТЫ АМСАЙБЫККЫТ ДУО?
?Өлөөн улууһун үрүҥ балыгын искэҕиттэн уонна өрөҕөтүттэн саламааты, сугунтан минньигэс бүлүүдэни уонна хаптаҕастан утаҕы Галина АМБРОСЬЕВА "КҮН ДЭЛЭЙЭ" биэриигэ астаан, билиһиннэрэн көрдөрдө уонна төрөөбүт улууһун олоҕун-дьаһаҕын, аһын-үөлүн туһунан сырдатан кэпсээтэ. Ыалдьытымсах хоту сир дьонун булт-аһыттан ньымаат сандалытын билиһиннэрдэ.
?Биэриини бу субуотаҕа, бэс ыйын 15 күнүгэр күнүс 13:00 көрөргүтүгэр ыҥырабыт.
?НЬУКУОЛУН АҺА - АЛААДЬЫ УОННА КУС МИИНЭ
?Ыам ыйа сахаҕа санааны сааһыланар, киртэн-хохтон ыраастанар кэм. Бу кэмҥэ өбүгэлэрбит ходуһаҕа, хонууга, тэлгэһэҕэ алгыстаах алаадьыы ууран кэлэр сайынтан илгэни, быйаҥы көрдөһөллөрө.
?"КҮН ДЭЛЭЙЭ" биэриигэ Хаҥалас улууһун Төхтүр нэһилиэгин олохтоохторо Т.С.БОРИСОВА, Л.Е.РУФОВА алаадьы ырысыаптарын, алгыстаах ас суолтатын, Ньукуолуннааҕа сиэри-туому үллэһиннилэр.
?Бу кэмҥэ Саха сиригэр кэлэн ааһар кустар, хаастар көрүҥнэрин, ханнык көтөрдөр аска-үөлгэ амтаннарынан ордук барсалларын биология билимин хандьыдаата, ХИФУ зоологическай түмэлин дириэктэрэ В.Ю.ЧИБЫЕВ кэпсээтэ.
?"КҮН ДЭЛЭЙЭ" Ньукуолуннааҕы таһаарыытын бу субуотаҕа, ыам ыйын 18 күнүгэр күнүс 13:00 көрөргүтүгэр ыҥырабыт!
?МООННЬОҔОНУ ЭЛБЭТИЭХ!
Тиэргэҥҥэ сөпкө дьаһаннахха мас, үүнээйи арааһын олордон ас буолар элбэх битэмииннээх сир аһын хомуйуохха сөп.
?Ыам ыйыгар маһы олордуу, элбэтии үлэлэрэ үгэннииллэр. Кэми мүччү туппакка тиэргэҥҥитигэр күөх үүнээйини элбэтиҥ!
?Тыа хаһаайыстыбатын билимин кандидата И.А. ФЕДОРОВ отонноох мастары, чуолаан моонньоҕону, акацияны умнаһынан элбэтиигэ (черенкование) туһалаах сүбэлэри "КҮН ДЭЛЭЙЭ" биэриигэ кэпсээтэ.
?Биэриини бу субуотаҕа, ыам ыйын 11 күнүгэр күнүс 13:00 көтүппэккэ көрүҥ!
?Сааскы маай бырааһынньыктара шашлык аһа суох сатамматтарын кэриэтэ. Эттэн оҥоһуллар ас биһиги омукка чугас диэххэ сөп. Эдэрдиин-эмэнниин сөбүлээн сиибит.
?Сыалаах-арыылаах ас мас чоҕугар буһар кэмигэр онтон тахсар буруо-тараа аска иҥнэҕинэ доруобуйаҕа куһаҕан дьайыылаах буоларын диетологтар этэллэр.
?Шашлык аһы хайдах доруобуйаҕа содула суох буоларын курдук сөпкө астыыбыт? Тугу кытта аһыыр сэрэхтээҕий? Тугу кытта дьүөрэлээн аһыыбыт?
?Бу ыйытыыларга хоруйу диетолог Дарина ПОПОВА уонна шеф асчыт Игорь ГЛУХАРЕВ "КҮН ДЭЛЭЙЭ" биэриигэ биэрдилэр.
?Сааскы эт аска анаммыт биэриини, субуотаҕа ыам ыйын 4 күнүгэр, күнүс 13:00 көрүҥ!
?БЫРААС СҮБЭТЭ
?Күөрчэх туһата тугуй? Күннээҕи аһылыкка килиэби хаһан сиибит? Үүттээх чэй туһалаах дуо? Ис-үөс туруга үчүгэй буоларыгар хайдах аһыыбыт?
?"КҮН ДЭЛЭЙЭ" биэриигэ Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын бэлэмниир киин кылаабынай бырааһа Л.Е.АРГУНОВА медицина үөрэҕин көрүүтүнэн сөптөөх аһылык туһунан кэпсээтэ.
?Биэриини бу субуотаҕа, кулун тутар 23 күнүгэр күнүс 13:00 көтүппэккэ көрүҥ!
НУТРИЦИОЛОГ • HEALTH-КОУЧ • ПП • ЗОЖ • КРАСОТА • СПОРТ
Дипломированный нутрициолог,
специалист по немедикаментозному оздоровлению, член ассоциации нутрициологов
С-во @Oksana_Nutrit
M: @zumrud_368550, @damayorova @krapivaboris
Last updated 4 days, 21 hours ago
С техникой и электроникой всегда на «ты» ?
Расскажем о самых горячих и актуальных новостях в мире технологий, рассмешим мемами и поделимся выгодными предложениями на электронику и бытовую технику.
Связаться: @TechnoXab ?
Last updated 1 month, 3 weeks ago