Айаал Бурцев

Description
Официальный Telegram-канал Айаала Бурцева.

Глава МР "Таттинский улус"
Advertising
We recommend to visit

НУТРИЦИОЛОГ • HEALTH-КОУЧ • ПП • ЗОЖ • КРАСОТА • СПОРТ

Дипломированный нутрициолог,
специалист по немедикаментозному оздоровлению, член ассоциации нутрициологов

С-во @Oksana_Nutrit

M:@damayorova @krapivaboris @zumrud_368550

Last updated 1 month ago

С техникой и электроникой всегда на «ты» 😎

Расскажем о самых горячих и актуальных новостях в мире технологий, рассмешим мемами и поделимся выгодными предложениями на электронику и бытовую технику.

Связаться: @TechnoXab 👈

Last updated 22 hours ago

телеграм душевных метаний

Last updated 1 month ago

2 months ago
Бүгүн айылҕаттан айдарыылаах тимир ууһа, норуот …

Бүгүн айылҕаттан айдарыылаах тимир ууһа, норуот маастара, бөлүһүөк, Таатта улууһун, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах олохтооҕо, ытык кырдьаҕаспыт Борис Федорович Неустроев-Мандар Уус төрөөбүт күнэ.
Ытыктыыр киһибитин бүгүҥҥү үөрүүлээх күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!

Ытыктабыллаах Борис Федорович! Эн норуоппут култууратын, духуобунай баайын сайыннарыыга, историябытын үйэтитиигэ киллэрбит кылааккар биһиги бары сүгүрүйэбит. Бу күн эйиэхэ баҕа санаа бастыҥын, ыра санаа ырааһын аныыбыт. Оҕолоруҥ, сиэннэриҥ, аймах-билэ дьонуҥ амарах сыһыанынан арыалланан, үөрүү-көтүү үктэллэнэн, ырыа-тойук аргыстанан, чэгиэн туруктанаргар, дьоллоох олохтоноргор баҕарабыт!

2 months ago
Бугүн биһиги күн курдук саныыр дьоммутугар …

Бугүн биһиги күн курдук саныыр дьоммутугар - төрөппүттэрбитигэр эҕэрдэ тылларын аныыбыт. Таатта улууһун салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини барыгытын Россияҕа Аҕалар уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр бэлиэтэнэр Ийэлэр күннэринэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Күндү ийэлэр! Эһиги дьиэ кэргэн эргийэр киинэ буолаҕыт, дьиэ кэргэҥҥитин көмүскүүгүт, араҥаччылыыгыт, тапталынан угуттуугут, сайдарга көҕүлүүгүт. Эһиги тапталгыт кынаттыыр, олоххо тирэх буолар, инникигэ эрэли биэрэр.

Ийэ күнэ - ийэҕэ дириҥ ытыктабылы, тапталы биллэрии күнэ эрэ буолбакка, эһиги уопсастыбаҕа улахан оруолгутун бэлиэтээһин буолар. Дьоллоох ийэ дьоллоох олоҕу түстүүр. Саха норуота уйгута улаатарын, чэчирии сайдарын туһугар хас биирдии ийэ дьоллоох буоларын туһугар кыһаллыах тустаахпыт.

Күндү аҕалар! Аҕа – көмүскээччи, Аҕа - бигэ тирэх, Аҕа - үтүө сүбэһит, Аҕа – иллээх дьиэ кэргэн тутааҕа. Кини оҕо олоҕо сатабыллаах, майгыта кытаанах, тулуурдаах улаатарыгар тус холобур буолар.

Аҕа ыарахан түгэннэргэ үтүө сүбэтинэн өйүүр, саҥа саҕахтары арыйарга, саҥа чыпчааллары дабайарга көмөлөһөр суолталаах. Аҕа оҕолоругар хорсун санааны, дойдуга тапталы уонна бэриниилээх буолууну, тулалыыр эйгэтигэр, айылҕаҕа, үгэстэргэ ытыктабылы иҥэрэр. 

Эһиэхэ уонна чугас дьоҥҥутугар чэгиэн-чэбдик туругу, энчирээбэт эрчими, этэҥҥэ буолууну, дьолу-соргуну баҕарабын!

2 months ago
Айаал Бурцев
We recommend to visit

НУТРИЦИОЛОГ • HEALTH-КОУЧ • ПП • ЗОЖ • КРАСОТА • СПОРТ

Дипломированный нутрициолог,
специалист по немедикаментозному оздоровлению, член ассоциации нутрициологов

С-во @Oksana_Nutrit

M:@damayorova @krapivaboris @zumrud_368550

Last updated 1 month ago

С техникой и электроникой всегда на «ты» 😎

Расскажем о самых горячих и актуальных новостях в мире технологий, рассмешим мемами и поделимся выгодными предложениями на электронику и бытовую технику.

Связаться: @TechnoXab 👈

Last updated 22 hours ago

телеграм душевных метаний

Last updated 1 month ago