По рекламе / сотрудничеству:
[email protected]
@exs_ad/ t.me/ExSCompany
Last updated 1 month, 2 weeks ago
📩 [email protected] +7 (919) 779-11-98 Кирилл Сёмин
Мой Rutube-канал:
https://rutube.ru/channel/31539567/
Last updated 1 month ago
📚Айсен Дойду «Белые лебеди Омолуку»
Тарас с охотничьим ружьем на правом плече медленно шел по заросшей травой и кустарником дороге, которая когда-то была центральной улицей поселка Хатыннах, главного центра отделения совхоза «Ленский путь». По обе стороны бывшей улицы стояли пустые, заброшенные хозяевами дома, черными квадратами зияли окна; заборы покосились, местами упали на землю, и сквозь загнившие щели досок виднелись белые шарики одуванчиков. Проросло, заросло, заглохло.
Охотник подошел к пустому етеху старика Хабырыса, который первым из взрослых научил его стрелять из ружья. Это была старая, большая и тяжелая «тозовка», с которой Хабырыыс ходил в Тайгу стрелять белок и соболей, и он, будучи отличным стрелком, точно попадал, как в легендах, зверям в глаз, будь то белка или росомаха, чтобы «шкурки не порвать», как он говорил. Охотник, конечно, он был что надо, недаром на фронте «работал» снайпером и за подвиги свои имел награды – ордена и медали. Говорят, что даже хотели ему дать звание Героя Советского Союза, но какой-то случай криминальный помешал этому. Дело так и заглохло. Говорили, что он, защищая какую-то полячку, ударил по морде офицера, командира роты. Но это только слухи, байки бабьи. А что и как он, Хабырыс Саргыев, там воевал и «делал дела», сам старик никогда никому не рассказывал. Говорил допытствующим одно: «Плохо было там, плохо». Вот и вся информация.
Действительно, старик Саргыев был человеком на редкость молчаливым, неразговорчивым и на всякие там смешки и пустую ругань только улыбался, сощурив свои и без того очень узкие глаза.
Тарас вошел в пустой, без дверей и окон дом Саргыевых, увидел разбросанные по полу вещи, и ему стало грустно. Плохо, что все меньше и меньше становится таких людей на свете, и многих, кого помнил Тарас в Хатыннахе, уже нет – умерли, лежат на погосте. И даже принудительно переехав в большие «перспективные» поселки улуса, старики потом, после смерти, «возвращались» в родной Хатыннах, ибо лучшей и удивительной по природной красоте местности нигде не было, и, как считал Тарас, нет больше в Якутии.
В свои пятьдесят с лишним лет Тарас Барахов объездил многие места якутского края. Он жил также, после отбывки срока в тюрьме, в Кемеровской области, где чуть было не женился. Два года болтался в Кемерово, да так и не прижился там: сильно тянуло на родину, в родной Хатыннах. Он плюнул на все – на «хату», на денежную работу, на подружку русскую свою и подался обратно домой, чтобы толком пожить оставшиеся годы свои, которые были ему предписаны Джылга Хааном – божеством, определяющим судьбы людей.
Так, сидя в пустом доме Саргыевых, Тарас вдруг увидел в углу деревянные манки уток, которые мастерил сам Хабырыс, обновлял и раскрашивал их каждую весну – освежал. Охотник подошел и поднял с пола манок селезня. Он сдул с него слой пыли и увидел на боку деревянной утки черные точки дробин. Да, это была «его утка», в которую он попал по ошибке в то туманное утро на озере Омолуку. И это был манок старика Хабырыса, который сидел в это раннее время в своем скрадке. После выстрела, оглушительно громкого в утренней тишине, Тарас услышал голос Хабырыса: «Ну что, догор, попал?» Тарас, тогда безусый подросток, сильно покраснел от стыда и молча, очень быстро удалился с места своего позора.
А потом при встрече старик ему ничего не сказал, не упрекнул за порчу вещи, а только улыбался, глядя на парнишку своими удивительно светлыми, добрыми глазами.
Тарас вздохнул, потом, поставив манок на полку, где стояла старинная посуда, тихо вышел из етехе, из обители дорогого ему до конца жизни старика Хабырыса.
Что случилось со стариком Хабырысом❓Продолжение читайте в книге Айсена Дойду «Белые лебеди Омолуку»⬇️
https://ayar.ru/index.php?route=product/product&product_id=246&search=%D0%B1%D0%B5%D0%BB%D1%8B%D0%B5+
✨Также книга доступна к чтению в Литрес😉
Амма Аччыгыйа «Мотуо» (Кырдьаҕас киһи кэпсээнэ)
Мин, биэс кылаас үөрэхтээх, уон сэттэлээх уол, биир кыһын учуутал буолбуттаах этим.
«Ыйаахтаах» оскуолаттан тэйиччи быыкаайык эргэ дьиэни биэрдилэр, иккис кылааһы анаатылар. Туспа буруо таһааран, ыал буоллум.
Биирдэ, кыһыҥҥы түптэлэс тымныыга, оһохпун олус эрдэ сабаммын, угаардаан, төбөбүн былаатынан бобо тардынан, кылааһым аанын тэлэччи аһан баран, оҕолорбор диктант суруйтара олордум.
Арай тирии бүрүөлээх тас аан аһыллан, тымныы тумана өрүкүс гына түстэ. Матрена Семенова кыыс киирэн кэллэ.
Мин этэн испит тылбын ситэрбэккэ, кэлэҕэйдээбитинэн ойон турдум.
Матрена аан холуодатыгар үктэнэн туран, икки илиитин кэннинэн уунан, халҕаны чиҥэтэ тардан кэбистэ. Онтон кырса тыһа муус маҥан бэргэһэтин илиитин көхсүнэн аргыый силэйэ охсон, кырыатын сотунна. Кырыа кыырпаҕа сыстыбыт уһун кыламаннарынан кэрэлэммит ып-ыраас ыас-хара харахтарынан кылаас диэки көрөөт, тымныыга ордук хойдо тэтэрбит сирэйэ кэтирээн, оҕолуу чэбдик уостарын ньимиччи туттан, килбиктик мичээрдээбитинэн ааһа турда.
Ити барыта сүрдээх сымсатык, нарыннык, этиэх бэтэрээ өттүнэн дөбөҥнүк буолла.
Мин хайдах буоларбын, тугу гынарбын билбэккэ, булкулуннум. Диктаным икки-үс тылын сыыһа-халты этитэлээтим. Уруокпун бүтэрэ охсуохпун – сибилигин саҥардыы саҕалаабытым. Кыһамматах учуутал быһыытынан үөрэтэ олоруохпун – кини баран хаалыыһык, сатаан үөрэтиэ да суохпун быһыылаах. Хайыырбар сөбүй?..
Онтон, – «бэйи эрэ» диэн дуу, «олоро түһүҥ» диэн дуу, – тугу эрэ быһаарыыта суох ботугураан баран, кылаастан тахсан бардым.
Кыыс көрүдүөр түгэҕэр баар остуолга төҥкөйөн, испиискэ маһын төбөтүнэн тугу эрэ суруйа турар эбит. Аргыый чугаһаан кэллим.
- Кэпсээ, Матрена Романовна.
Кини соһуйан, эмискэччи көнө түстэ, суруйа турбут сирин ытыһынан саба баттыы оҕуста. Онтон дьэ уоскуйан, остуолтан аргыый халбарыйда, испиискэтин хаатыгар төттөрү уган кэбистэ.
- Суох… Эн кэпсиэ.
- Суох.
- Төбөҥ туох буолла? Хата, киһини куттаатыҥ…
Кини дьиэтиттэн кэлбит. Оскуолаттан биэрэстэ олохтоох эдьиийигэр баран иһэр эбит.
- Манна тоҕо сырыттыҥ? – диэн толоостук ыйытар дууһа буоллум.
Кини, саҥата суох турбахтаан баран, аргыый эттэ: <…>
Салгыытын «Уматар, уулларар тапталым…» кинигэҕэ аах
https://ayar.ru/index.php?route=product/product&product_id=478&search=%D1%83%D0%BC%D0%B0%D1%82%D0%B0%D1%80
На том самом месте, где разъехались вчера с твоим мужем, был. Все, не по разу просмотрел, проверил. Сам не знаю, что и думать теперь по этому поводу. Где искать? По той протоке, по которой он путь хотел себе срезать, я еще вчера спускался. В самом ее начале, да на выходе только глубина. Потом — мели сплошные идут. Даже, если бы и захотел сильно, не прошел бы он там.
Кряжев говорил убежденно, преданно глядя на жену своего бурильщика:
— Ушел он, Полина, из той протоки. Обратно ушел. На Вилюй. Еще вчера. В этой ситуации, одно только и может быть, если нет нигде Николая, снова вниз по реке уплыть он мог. А куда и зачем мог без меня уехать, словом об этом не обмолвился. Может, за какие дела свои срочные, что вспомнил? Может, еще что надумал? Не знаю. Хлебом тебе, соседка, я клянусь, — взял он в руки ломоть, — хлебом! Не знаю я ничего. Такое мое будет окончательное слово, девоньки вы мои. Нам всем, теперь только и остается, что ждать. Через день, на работу лететь. Должен вернуться, — закончил Тимоха, глянул на притихших, испуганных женщин.<…>
Продолжение читай в книге Александра Зотова «Тайна Чирдырского переката» ➡️
https://ayar.ru/index.php?route=product/product&product_id=696&search=%D1%82%D0%B0%D0%B9%D0%BD%D0%B0
Ыһыах үөскээбит төрдө, былыргы ыһыах ыытыллыыта
Ыһыаҕы аан бастаан ким тэрийэн ыыппытын туһунан араас этиилэр бааллар. Бастаан ыһыаҕы Үрүҥ Айыы Тойон орто кыыһа Кыыс Айыы «уйгу-быйаҥ үксээтин» диэн тэрийбит. Оттон былыргы сэһэннэргэ сурулларынан, ыһыаҕы маҥнай Эллэй ойоҕунуун Сыппайдыын ыспыттар, эбэтэр кини уола Лабаҥха ойуун ыспыт.
<…> Сахалар хайдах ыһыахтыылларын туһунан үгүс матырыйааллары XVIII-XIX үйэлэргэ биһиги дойдубутугар кэлэ сылдьыбыт айанньыттар, политсыылынайдар Я.И Линденау, Р.К. Маак, И.А. Худяков, В.Л. Серошевскай уо.д.а бэлиэтээбиттэр. Ону таһынан саха чинчийээччилэрэ А.А. Саввин уонна С.И. Боло сахалар хайдах ыһыахтыылларын туһунан суруйан хаалларбыттар.
Кинилэр бары ыһыах анал кэмҥэ уонна анал сиргэ оҥоһулларын, саха дьоно ааттарын-суолларын киэҥ сиргэ ыытаары улахан ыһыахтары тэрийэллэр диэн эппиттэр. Ол курдук ыһыах буоларын тэрийэр киһи – биллэр кинээс, дьоҥҥо-сэргэҕэ биир сыл иннинэ иһитиннэрэр эбит. Хайа Айыы Ойууна (кэлиҥҥи кэмҥэ алгысчыт) алгыстыырын, хайа бөҕөс тустарын, ханнык ат сүүрэрин туһунан сурах ыытан ыһыаҕар үгүс киһи кэлэрэ үһү.
<…> Өбүгэлэрбит ыһыах күн сарсыарда эрдэ илиилэрин үөһэ уунан күнү көрсөр сиэри-туому толороллор эбит. Айанньыттар, чинчийээччилэр суруйууларыгар саха дьоно күҥҥэ сүгүрүйэн илиилэрин өрө ууналларын туһунан тус-туспатык бэлиэтээбиттэр. Ол курдук Г.Ф. Миллер эппит: «Сиэр-туом бүтүүтэ ыһыахтыыр дьон бары «Уруй!» диэн саҥа аллайаат, илиилэрин өрө уунан, сирэйдэрин таарыйбакка эрэ, түөстэригэр түһэрэллэрэ, оттон И.Г. Гмелин «сирэйдэрин иннигэр илиилэрин хамсаталлара» диэбит.
<…> Ыһыахха бастаан алгыс этэн, сиэр-туом толоруллар, кымыс иһиитэ барар, ол кэнниттэн оонньуу, көр-нар тэриллэр. Онно киирэллэр: оһуохай, оҕунан сыалы ытыы, тустуу, таас көтөҕүүтэ, ат сүүрдүүтэ.
<…> Улуустарынан ыһыах ыытыллара уратылааҕын фольклорист Г.У. Эргис ыйбыт. Чинчийээччи бэлиэтииринэн, киин улуустарга ыһыах дьиэ иһигэр оһох иннигэр ыытыллар, оттон Өлүөнэ эбэ хаҥас өттүгэр сытар улуустарга таһырдьа – аһаҕас халлаан анныгар – ыытыллар эбит.
Ыһыах ханнык кэмҥэ ыытылларын туһунан араас бэлиэтээһиннэр бааллар. Сэһэн Боло суруйарынан, хотугу сахаларга Айыы Ойууна сылгы ыһыаҕын тоҕус төгүл ыһара эбитэ үһү. В.Е. Васильев суруйарынан, ыһыаҕы сайыны быһа ыһаллар эбит, ол аата, отут хонук устата. Сүрүн ис хоһооно – дьыл уонна олох эргиирдэрэ тэҥник дьүөрэлэһиитэ, киһи уонна айылҕа биир ситимнээхтэрэ буолар. Бу итэҕэлтэн үөскээн тахсыбыт.
<…> Ыһыахха сиэмэх (хара) ойууттар сылдьаллара уонна ыттар баайыллыбакка көҥүл сүүрэ сылдьаллара көҥүллэммэт. Хара ойууттар, үс дойдунан сылдьар буолан, араас абааһылары кытта кыттыһаллар, кинилэр ыарахан тыыннаахтар диэн өйдөбүлтэн тахсыбыт. Ыттар ыһыах түһүлгэтин киртитиэхтэрин сөп, ыт кутуругар абааһы сөрүөстэр, ол иһин ыһыахха сылдьарын боболлор, түһүлгэҕэ абааһыны, куһаҕан тыыны батыһыннаран киллэрэн алгыһы тохторуохтара дии саныыллара. Оччоҕо алгыс иччилэргэ, айыыларга тиийбэт.
<…> Ыһыахха ким да кимиэхэ да кыыһырыа, кыйаханыа, улаханнык саҥарыа суохтаах, барыта сэрэнэн оргууй оҥоһуллуохтаах.
?Матырыйаал Афанасий Федоров «Саха ыалын сиэрэ-туома» кинигэтиттэн ылылынна.
Ньукуус тиийэн олорбутун кэннэ чарапчылана-чарапчылана тулатын көрүммүтэ уонна:
— Бу сырыыга ханан ойбон тэһэрбитин Ньукуус таллын. Уол оҕо дьоллоох, эдэр киһи баартаах. Баҕар, балык баар сирин таба тайанаарай... — диэбитэ.
Лэпсэй ону бэркэ сэргээн хонос гына түспүтэ...
көрүөххэ диэн буолбута. Суоллара, хата, күөлу ортотунан ааһара. Онон apҕaa aтaxxa диэри сыарҕа cyoлунан cyбуруһан тиийэн баран, Oxoнооһой тохтоон уҥа-хаҥас олоотоомохтообута.
— Дьэ, ханан ойбон тэһэбит? — диэн баран харда эрэйбиттии Лэпсэйгэ эргиллибитэ.
— Оо, ону мин билээхтиэм дуо? — Лэпсэй тула көрүтэлээбитэ. —
Элбэх ойбону алларар каба суох дьон буолаахтаатахпыт дии. Балыктаах сири таба тайаннахпытына дьолбут буолуо этэ.
— Мэлдьи куйуурдуур дьон балык кыстаан сытар сирин хаара хоҥнорхой, мууһа ыраас буолар дииллэрин истэр этим. Дьоҕойон оннук сирдэ көрдөөн көрүөххэ.
— Ээ, инньэ дииллэрэ. Чэ, бастаан суол хаҥас өттугэр алларан көрүөххэ. Тоҥуу хаары кэһэн ырааппаппыт буолуо да... - дии-дии Лэпсэй салааскаттан курдьэҕи сүөрбүтүнэн барбыта.
Киһини тобугунан тоҥуу хаары оймоон тахсан оҕонньоттор хардары-таары күрдьэҕинэн хаары мууһугар диэри хоҥнорута анньан көрбүттэрэ уонна: «Ча манан тэһэн көрүөххэ», — дэспиттэрэ. Ньукуус ойбон тэһэр сирдэрин хаарын ыраастаһыыга көмөлөспүтэ. Охонооһой үтүлүгүн устан xaapra yypбута, анньыыны ылан төбөтүгэр кэтэрдиллибит мас хаатын быатын сүөрбүтэ, тойон эрбэҕинэн биитин бигээн көрбүтэ уонна ытыһыгар силлээн баран хараҥа күөх мууска «курх» гына батары биэрбитэ. Tөһө да кырыйдар, бытаардар анныыынан тутта үөрүйэҕэ биллэрэ.
Сотору соҕус саар ыаҕас айаҕын саҕа иэннээх, икки харыстан ордук дириҥнээх мууһу көйбүтэ. Онтон аҕылаан, сылайан анньыытын Лэпсэйгэ биэрбитэ. Ол кэмҥэ Ньукуус көйүллүбүт мууһу курдьэҕинэн баһан кэбиспитэ. Аны Лэпсэй көйбүтүнэн барбыта. Ити курдук солбуйса сылдьан
алларбыттара. Ойбон дириҥээн истэҕин ахсын мууһун баһар уустугурбута, Ньукуус сэниэтэ эстибитэ. Аны солбуһа сылдьан муустарын баһар буолбуттара. Кэмниэ-кэнэҕэс ойбоннорун түгэҕинээҕи мууска сиик биллибитэ. Охонооһой сонун устан хаарга тиэрэ бырахпыта уонна анаардас ырбаахынан, сэлиэччигинэн эрэ туран ойбон түгэҕинээҕи мууһу суптурута
анньыбыта. Онуоха уу оннугар убаҕас бадараан быллайан тахсыбыта.
- Оо, пахай! Манан төрүт да уута суох эбит... — диэн саҥа аллайбыта.
Лэпсэй ойбону өҥөйөн көрөн баран:
- Тыый! Бу күөл олус да уолбут... Манан хойуораары гыммыт дии, - диэбитэ.
Бары ойбоннорун таҥнары өҥөйөн соҥуоран турбуттара. Ньукуус,
ойбон тэһиннэр эрэ куйуурунан балыгы баһан ылыахпыт дии санаабыта,
хап-хара бадараан быллайан тахсан кыһыытыттан хараҕын уута бычалыйан кэлбитэ. Охонооһой балачча саҥата суох туран баран:
— Маннык уолбут буоллаҕына, балык баар сирин таба тайаннахха куйуурга кэлиэн сөп этэ, - диэбитэ.
- Оннук. Ол эрээри балык кыстаан турар сирин таба тайанарбыт биллибэт, - диэн баран Лэпсэй үөһэ тыыммыта.
Бастакы ойбонноруттан балачча тэйэн эмиэ хаары хоҥнорута анньан көрөн баран, ойбон аллараары хаарын ыраастаабыттара. Бары да сэниэлэрэ эстэн хамсаналлара бытаарбыта. Бу сырыыга бэрт өр сыралаһан ойбоннорун тэспиттэрэ. Ап-араҕас уу өрө булдьугураан тахсыбы-
та. Оҕонньоттор солбуһа сылдьан ойбон тугэҕин кэҥэппиттэрэ, Ньукуус сүүрүнэн мууһун баспыта. Сэниэтэ эстэн, илиитэ нукаай курдук буолбута, мууһун эһэригэр сүһүөхтэрэ мөҥөн, баран туһэ сыһар буолбута. Итинник сордонон син ойбонноругар куйуур батар буолбута. Охонооой куйуур
угар түөрэйин кэтэрдэн ойбоҥҥо батары биэрбитэ. Эргитэн иһэн:
- Оо, манан дабаны чычаас баҕайы эбит. Куйуурум тугэҕэр тиийэр,- диэбитэ.
— Оччоҕо эмиэ халтайга эрэйдэнээхтээбиппит дии, — диэн Лэпсэй санаата түспүттүү сөҥөдүйбүтэ.
Охонооһой куйуурун эргиппэхтии түһэн баран таһаарбыта бадараантан атын туох да суоҕа. Ону көрөн бары да санаалара түспүтэ. Оҕонньоттор салааскаҕа олорон саҥата суох табахтаабыттара, Ньукуус анньыы угар өйөнөн турбута. Аччыктаан иһэ курулуура, мэйиитэ эргийэрэ, табах аһыы сытыттан сурэҕэ өлөхсүйэрэ. Онтун оҕонньотторго биллэримээри, кинилэргэ көхсунэн эргиллэн, күөл киһи хараҕын саатырдар ньуурун симириктии-симириктии одууласпыта. Кун ортото буолбут быһыылааҕа, сааскы чаҕылхай кун уота киһи иэдэһин сылытара.
- Ньукуус, тоойуом, кэл, манна олор,— диэн баран Охонооһой сонун суулуу тутан ойбонтон баһыллыбыт мууска уурбута. – Сынньана түһэн баран өссө биир ойбону тэһэн көрүөхпүт, — диэбитэ.
нэй уонна Хара муоралар аттыларыгар, атын ханна эмэ төрөөбүт сириттэн быстан-ойдон сылдьан, төрүт итэҕэлин, өбүгэ үгэһин умнарыгар тиийиэ, оннук буолбатах дуо? Оҕолоро ийэ тылларын умнуохтара. Сабырбай аксакал сырдык кута-сүрэ удьуордарыгар кыайан бэриллиэ суоҕун, кини тымыра-сыдьаана туора дойдуга сүтүөн-иҥиэн баҕараҕын дуо? Суох, оннук табыллыбат! Тыыннааҕым тухары оннук сөбө суох быһыыны таһаартарыам суоҕа. Миигин өйдөө дуу, сэгэртэйиэм Жусипбек, эн кумааҕыларгын алдьаппыппар хомойума дуу! Атыннык хайдах даҕаны тохтотор кыаҕым кыаҕым суох! — апай паапканы хамыһаарга чугаһата аста уонна Турлыгазыны илдьэ тахсан барбыта.
Хамыһаар сөҥ түһэн, умса туттан, остуолу харандааһынан тоҥсуйбахтыы олорон хаалбыта.
Загира-апайы кыыһырдымаары, Турлыгазы ол кэннэ байаҥкамаакка чугаһаабатаҕа. Анарааҥҥылар даҕаны, кинини умнубуттуу, ирдэһэ сатаабатахтара. Ол курдук уол олоҕо атын хайысханан салаллыбыта.
Сааммыттарын курдук ол сыл күһүнүгэр Загира-апайы оскуола дириэктэрин дуоһунаһыттан устубуттара. Турлыгазы кини бочуоттаах сынньалаҥҥа барыар диэри көннөрү учууталынан үлэлээбитин туһунан истибитэ...
Оо, Загира-апай барахсан бу кэрэгэй оҥоһуулаах орто дойдуттан арахсыбыта олус даҕаны хомолтолоох! Кини кырдьыгы, бэйэ чиэһин өрө тутар хорсун киһи буолан, ала буркуннуу суолугар түбэспити барытын тоҕо солуур дьүүл-дьаһах саҕанааҕы кэхтии кэмигэр, куттаммакка, дьиҥ кырдьыгы оччотооҕу салайар үлэһиттэргэ хайдах баарынан малтаччы эппитэ.
Загира-апай өтө көрбүт этэ, кини үөрэнээччилэрэ олоххо, үлэҕэ дьоһун ситиһиилэммиттэрэ... Үгүстэрэ араас үөрэх кыһаларыгар үөрэммиттэрэ. Онуһу бүтэрбит 28 оҕоттон икки билим дуоктара, түөрт билим хандьыдаата, икки суруналыыс, биир хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ, хас даҕаны судаарыстыбаннай тэрилтэ салайааччылара үүнэн тахсыбыттара. Ол иһигэр Турлыгазы Дуанбеков Москватааҕы полиграфия институутугар үөрэнэ киирэн, оччотооҕу казах ыччатыгар бэрт сэдэх, бэчээт инженерэ идэни баһылаабыта. Бөдөҥ типографияҕа бэчээттиир сыаҕы салайбыта, бэчээт миниистирин көмөлөһөөччүтүнэн, полиграфия салалтатыгар ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Саҥа киин куорат тэриллибитигэр көһөн, «Елорда» диэн судаарыстыба кинигэтин кыһатын тэрийбитэ. Наассыйа духуобунай эйгэтин байытар үтүөкэннээх кинигэлэри таһаартарбыта. Ханнык даҕаны дуоһунаска үлэлииригэр кини бииргэ үлэлиир дьонун ытыктабылын ылбыта, биллиилээх кинигэ таһаарааччы, киэҥ билиилээх исписэлиис, уопуттаах, дьыаланы бэркэ билэр салайааччы быһыытынан дьоҥҥо-сэргэҕэ убаастанар.
Дьэ ити курдук атыттарга үөрэх буолар түбэлтэ Алма-Ата уоба-
лаһын Панфилов аатынан оройуонугар тахсан турар. Турлыгазы Сабырбайулыттан бэйэтиттэн эт кулгаахпынан истибитим.
Кэлин биллибитинэн Загира-апай казах бэйэтэ туспа уратылаах ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустубатыгар төрүт уурбут худуоһунньук Абильхан Кастеев сиэн балта эбит. Загира-апай Казах ССР Үтүөлээх учуутала бочуоттаах ааттааҕа. Алматыга А. Кастеев мемориал дьиэ түмэлигэр акварелынан улуу худуоһунньук бэйэтэ оҥорбут Загира-апай мэтириэтэ ууруллан турара.
Эн сырдык кутуҥ ырайга буоллун, ыарахан, кэхтиилээх кэмнэргэ ыччат инники кэскилин туһугар турууласпыт казах норуотун чулуу, хорсун кыыһа!
апай сорунуулаахтык кимпитэ. — Ол кэннэ мин бэйэм үөрэнээччилэрим дьылҕаларынан оонньуур кыаҕым суох! Бэһи үтүктэн, талах уһуу сатыыр, үөлээннээхтэригэр тэҥнэһэргэ дьулуһан — оҕо улаатар, үүнэр-сайдар. Мин эдэркээн сүрэхтэр өрө көтөр дьулуурдарын саба охсор быраабым суох. Уонна кинилэр дьылҕалара алдьаныытыгар эппиэтинэһи сүгүөхпүн аньыыргыыбын», — диэн дириэктэр иннин биэрбэтэҕэ.
Дьэ ол курдук Турлыгазы кылааһа чабаан биригээдэтигэр анньыллартан быыһаммыта. Үөскээбит быһыы-майгы ыра санаанан кынаттаммыт ыччаты ыраахха угуйбута, инникигэ дьулууругар күүһү-эрчими укпута.
Сонно эксээмэн туттарыыга бэлэмнэнэн, ким ханна үөрэххэ туттарсалларын быһаарынан барбыттара.
Икки ый ааспытын кэннэ Загира-апай Турлыгазыны бэйэтигэр ыҥырбыта.
— Оттон эн, тулаайаҕым сыыһа, ханна туттарсар былааннааххын? — диэн ыйыппыта.
Турлыгазы, дириэктэр бэйэтин курдук, эмиэ тулаайах этэ. Ол иһин дириэктэр кинини аһынар-өйүүр сыһыаннааҕа уонна итинник ааттыыр идэлээҕэ.
— СВВУЛШ-ка... — диэн киэн тутта уол хардарар.
Загира-апай хараҕын киэҥник көрбүтэ:
— Ол «сыболыш» диэн тугуй?
— «Ставропольское высшее военное училище летчиков и штурманов» диэн...
— Лүөччүк буолуоххун баҕараҕын?
— Оннук, байыаннай лүөччүк...
Загира-апай сыҥааҕын ытыһыгар өйөөн, санааҕа түһэн олорбохтообута.
— Мин хайыы үйэҕэ сайабылыанньа суруйбутум... соторутааҕыта хамыыһыйаны ааспытым, доруобуйам чиргэл. Эксээмэннэри эрэ туттарарым хаалла!
— Ол байыаннай буоларга ким сүбэлээбитэй? — апай тоҕо эрэ өрө тыынан ылбыта.
— Байыаннай хамыһаар!
— Дьэ буоллаҕа... байаҥкамаакка?
— Оннук!
Загира-апай оргууй аҕай туран кэлбитэ.
— Дьэ эрэ, ол байыаннай хамыһааргар барыах! — диэт, уолу батыһыннаран, тахсан барбыта.
Дириэктэр Турлыгазыны биир учуутал массыынатыгар олордон, Жаркент куоракка айаннаабыттара. Ханна даҕаны халыйбакка, чуо бааччы хамыһаарга киирбиттэрэ. Киһитэ кинини билэр эбит этэ. Сонно аан таһыгар кэлэн көрсүбүтэ уонна илиититтэн ылан илдьэн, олоппоско олордубута. Онтон сэкирэтээр кыыһынан Загира-апайга чэй киллэртэрбитэ. Төһө даҕаны дьэбир, кытаанах көрүҥнээх буоллар, хаки өҥнөөх байыаннай таҥастаах хамыһаар сиэри-майгыны тутуһар уонна истиҥ сыһыаннаах киһи эбит.
— Жусипбек, доҕоччуок, «эйигин сатаан сыаналаабат киһиэхэ бэйэҥ дьоһуҥҥун түһэн биэримэ» диэччилэр. Мин эйиэхэ миигин сыаналыыр, ытыктыыр диэммин анаан кэллим. Бу уолу ханна анаан ыытаары олороргутун билиэхпин баҕарабын, — диэн апай кэпсэтиини саҕалаабыта.
— Биһиги бу дьигиити лүөччүк оҥороору гынабыт. Байыаннай лүөччүк! — хамыһаар киэн тутта иһитиннэрэр.
Дириэктэр Турлыгазыны илдьэ кэлбититтэн кини туһунан кэпсэтии буолуохтааҕын сэрэйэр быһыылааҕа.
— Ээ... — апай кэҕиҥнии-кэҕиҥнии унаарытта.
— Уол аҕыйах хонуктааҕыта эрэ хамыыһыйаны ааспыта. Лүөччүк буоларга сөптөөх бөҕө доруобуйалаах. Докумуоннарын бэлэмнээн кэтэһэн олоробут!
— Ол докумуоннары көрүөххэ син дуо? — апай төбөтүн өндөтөр.
— Загира Нусипбаевна, эйиэхэ син... көрдөрүөхпүт!
Хамыһаар ис төлөпүөнүнэн Турлыгазы Дуанбеков докумуоннарын киллэрэллэригэр соруйар.
Көмөлөһөөччү лэйтинээн уол начаас үлүгэр паапка киллэ-
рэн биэрээт, төттөрү таҕыста. Хамыһаар паапканы Загира-апайга уунна.
Апай паапкаттан кумааҕылары таһаараат, икки аҥыы хайа тарта. Хамыһаар соһуйан айаҕын эрэ атан хаалла. Онто да суох хара сирэйэ эбии боруорда, дириҥник олорбут харахтара кыыһырбытыттан килбэс гыннылар.
— Жусипбек, сэгэртэйиэм, миэхэ кыыһырыма дуу! — Загира-апай кини диэки хайыһар. — Бу уол — аҕатын ууһугар соҕотох хаалбыт нэһилиэнньик. Төрөппүттэрин эрдэ сүтэрбитэ. Кини байыаннай буоллаҕына, туора омуктан кэргэн ылыа, оччоҕо аҕатын ууһун кыайан ааттатар кыахтаныа дуо?
— Загира Нусипбаевна, сыыһа гынаҕын!
— Тугу сыыһабын? Биһиги эмиэ байыаннайдар балаһыанньаларын билэбит... Камчаткаҕа, Магадаҥҥа дуу, биитэр Средизем-
— Оннук да буоллаҕына, тоҕо эһиги, үөрэхтээх, өйдөөх-санаалаах, ылыннарыылаах уус тыллаах-өстөөх дьон, ити бэлиитикэни тарбахтан эмэн ылбыттарга быһааран биэрбэккитий? Биитэр кинилэр үүннээх-тэһииннээх үтүө тылы өйдөөбөттөр, ылымматтар дуу? Эбэтэр үлэҕэ таһаарар буоллахха, оскуоланы бүтэрбиттэри тоҕо Темиртауга, оҥорон таһаарар бырамыысылыннаска, ыытар сатамматый? Биитэр үлэҕэ-хамнаска эриллэн улааппыт аул ыччата оҥорон таһаарыыга кыайан үлэлиэ суоҕа үһү дуо?
Бу кэмҥэ ортоку дархаһыйан олорбут норуот үөрэҕириитин оройуоннааҕы салаатын бэрэстэбиитэлэ ойон турбута:
— Загира Нусипбаевна, эн бэйэҥ ааккынан-суолгунан, биллэргинэн туһанан биһигини муннукка хаайыма! — үллэ кытаран хаалан баран, тардыалата-тардыалата төлө биэртэлээтэ. — Чабаан биригээдэлэрин тэрийии уонна бараан иитиитин күүскэ сайыннарыы — Казахстан үрдүнэн «кырыс, оһорбо сири баһылааһын» кэриэтэ суолтаны ылбыт дьоһуннаах дьыала эбээт! Бу — баартыйа ылыммыт стратегиятын хайысхата буолар!
— Сэгэртэйиэм, миигин стратегиянан куттаама. Дуоһунаспыттан уураттаххытына даҕаны... син хайдах эмэ, муоста даҕаны сууйан аһыырбын булунуом. Луоһун тылларынан кэпсэтимэ! Төбө быһыллыан сөп, оттон тыллаах киһи саҥарар кыахтаах. Мин бэйэм киһи быһыытынан санаабын этэбин. Эһиги биллэр-көстөр дьоҥҥут, онон атыттар этэллэрин хоту эрэ ыҥырыынан ыһыахтанымаҥ, дьон-сэргэ куолаһын истиҥ! Эдэр ыччат инники кэскилин быһымаҥ, олох аартыгар тахсалларыгар моһолу оҥорумаҥ. Эһиги аултан дьаабы буолбакка, сүүрүк тулпар ат бастыҥнара, кутуйахсыт буолбакка, кыырт мохсоҕоллор үүнэн, тыыллан-хабыллан тахсалларыгар эрэммэккит дуо? Эдэрдэр иннилэрин быһан бараҥҥыт, кэлин хайдах дьон сирэйин утары көрүөххүтүй?
— Ити бэлиитикэҕэ харалҕан буолуу, ырааҕы көрбөт быһыы...
— Ырааҕы көрбөт быһыы диэҥҥэ сөбүлэһэбин, доҕоччуок, оччотугар маннык этэрдээхпин: өскөтө ыаллыы Луначарскай аатынан оскуолаттан сатаатар биир үөрэнээччи чабаанныы ба-
рарга сөбүлэстэҕинэ, мин тус бэйэм бу кылааһы ол этэр биригээдэҕитигэр батыһыннаран илдьиэм... Ол кыаллыбат буоллаҕына, кураанах кэпсэтиини тохтотуоҕуҥ! Оҕолор төбөлөрүн булкуйумаҥ, бэйэҕит тустаах үлэҕитинэн дьарыктаныҥ!
Загира-апай ыалдьыттарга аан диэки ыйардыы, садьыс гым-
мыта. Анарааҥҥылар сымыһахтарын хам ытыран, сирэйдэрэ-харахтара сабыстан, төбөлөрүн хоҥкулдьута-хоҥкулдьута, аан
диэки дьулуспуттара. «Биһиги маннык дьыаланы таах хаалла-
рар кыахпыт суох!» — дэһэн бэйэ-бэйэлэрин күүркэтэн, тыл бырахсаллара.
Кэлин оҕолор Загира-апайы оройуоҥҥа ыҥыттарбыттарын истибиттэрэ. Арааһа, кэлэ сылдьыбыт дэлэгээссийэ салалтаҕа үҥсүбүт быһыылааҕа. Ол эрээри хорсун дириэктэр үрдүкү салалтаҕа даҕаны иннин биэрбэтэҕэ. Кини ааспыт сылга чабаан биригээдэтин тэрийиигэ икки кылааһы бүттүүнүн таһаарбыт ыаллыы оскуола үөрэнээччилэрин киһи ымсыырбат, холобур туттубат дьылҕаларын ытыска ууран кэпсээбитэ... Сыл буолаат, биригээдэ ыһылларга тиийбит, чилиэннэрэ ким ханна баһа батарынан,
барабыай үөрүнүү, арҕам-тарҕам барбыттар. Саҕалааһын дарбааннаах, оттон түмүгэ олус хобдох буолбута. Ол икки кылаастан биир да оҕо үөрэххэ киирбэтэҕэ. Дьиҥэр, кылааска үөрэхтэрин мэтээлинэн бүтэрбит биирдии кыыс баара. Биирдэрэ сыл ааһаатын кэргэн тахсыбыта. Күн бүгүн кини — дьиэ-уот кыһалҕатыгар баттаппыт икки кыра оҕолоох ийэ. Атына биригээдэҕэ сылдьан, хат буолбут. Онон дьиэҕэ оҕо көрөн олорор. Оттон кинилэр, оскуоланы көмүс мэтээлинэн бүтэрбит дьоҕурдаах баҕайы кыргыттар, салгыы ситиһиилээхтик үөрэниэхтэрэ, үтүө үлэһит дьон буолан, оскуолаларын, аулларын ааттатыахтара диэн улахан эрэли уурбут үөрэнээччилэрэ этилэр. Ол барыта күппүлүү барбыт. Оҕо эрдэҕиттэн киинэ туруорааччы буолуон ыраланар уолчаан арыгыга убаммыт, буруйу оҥорон хаайыыга түбэспит. «Оҕолор ыра, баҕа санааларын сиргэ тэпсэн, дабыдалларын сарбыйан, уйаларыттан дайан өрө көтөн тахсар кыахтарын хааччахтаан тугу ситистибит? Ким онуоха эппиэти сүгүөй?» — диэн Загира-
По рекламе / сотрудничеству:
[email protected]
@exs_ad/ t.me/ExSCompany
Last updated 1 month, 2 weeks ago
📩 [email protected] +7 (919) 779-11-98 Кирилл Сёмин
Мой Rutube-канал:
https://rutube.ru/channel/31539567/
Last updated 1 month ago