Любите Пророка, читайте салават!
https://t.me/RKadyrov_95?boost
https://t.me/boost/kadyrov_95chat
Vkontakte: https://vk.com/ramzan
Twitter: https://twitter.com/rkadyrov
Last updated 2 weeks, 1 day ago
Last updated 2 months, 2 weeks ago
Команда КРА
Председатель Правительства ЧР
Герой России
Магомед Даудов
ВК: https://vk.com/magomeddaudov
Last updated 1 month ago
Айар үлэ ыллыгынан...
Саха төрүт музыкальнай инструменнарын үйэтитээччи, Саха өрөспүүбүлэкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Таатта улууһун, Алдан нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Чахов Александр Иванович төрөөбүтэ 90 сылын бэлиэтиир «Айар үлэ ыллыгынан...» ахтыы киэһэтэ сэтинньи 28 күнүгэр Дьокуускай куоракка Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун түмэлэ, Таатта улууһун норуот айымньытын дьиэтэ, Таатта улууһун «Алдан нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтэ, Алдан нэһилиэгин «Кытыл» норуот айымньытын дьиэтэ тэрийиилэринэн үрдүк таһымҥа ыытылынна.
А.И. Чахов айар үлэтин быыстапкатын Алдан нэһилиэгин модельнай библиотекатын библиотекара, ССРС култууратын туйгуна Маркова А.К. кэрэхс’биллээх кэпсээнинэн көрүстүлэр. Александр Иванович Чахов хас биирдии киһини умсугутар, кэрэхсэтэр, кэрэ эйгэлээх олоҕун сырдатар сырдык түһүлгэтин «Айыы кыһата» национальнай гимназия үөрэнээччилэрин «Дьири-дьир» бөлөҕө (салайааччы СӨ култууратын туйгуна Уруйдаана Харитонова) тэрээһини ордук киэргэттэ.
Бу киэһээ Александр Ивановиһы кытары бииргэ алтыспыт биир идэлээхтэрэ, уус абылаҥар уһуйбут үөрэнээччилэрэ, Өрөспүүбүлүкэ түмэллэрин специалистара, биир дойдулаахтара, биир идэлээхтэрэ - Cаха Өрөспүүбүлэкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Толбонова Н.С., Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыстара Клавдия, Герман Хатылаевтар, Хомус түмэлин уонна аан дойдутааҕы киинин Президенэ Алексеев И.Е. - Хомус Уйбаан, түмэл быыстапкалыыр отделын специалиһа Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын, үөрэҕириитин туйгуна Слепцова Е.П., «Симэх» национальнай киинин уус-уран оҥоһуктарын сайыннарар салаатын салайааччыта, кыраайы үөрэтээччи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Осипов Д.К., Саха Өрөспүүбүлэкэтин култууратын туйгуна, музыковед, Дьокуускайдааҕы С.Ф. Гоголев аатынан педагогическай колледж преподавателэ Шамаева М.И., Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатырын «Кыл саха» төрүт дорҕоон ансамблын салайааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Томская А.И., ансамбыл кыттааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Габышев Р.П., Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара, Ил Дархан стипендиятын туһааннааҕа, Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕо Лопатин А.П., Саха Өрөспүүбүлэкэтин норуотун маастара Харайданов А.Д., биир дойдулааҕа мас ууҺа Малгин В.С., Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун түмэлин дириэктэрэ Корнилова М.И., Таатта улууһун норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрин солбуйааччы Петрова Р.Р., Таатта улууһун Алдан нэһилиэгин аҕа баһылыга Постников Е.Н., биир дойдулааҕа, үөрэҕирии бочуоттаах үлэһитэ Неустроев И.Г., Александр Иванович төрөппүт уола медицинскэй наука доктора, Максим Кирович Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет медицинскэй институтун стоматология кафедратын профессора Чахов Александр Александрович.
Александр Иванович олорон ааспыт олоҕун, айан хаалларбыт айымньыларын, дууһа кылын таарыйар саха төрүт дорҕооно-кылыһахтаах кырыымпаны, биһилэхтээх хомуһу, ойуун дүҥүрүн оҥорорго холонууларын дириҥник ырыттылар, үтүө тылларынан аҕыннылар. Александр Иванович барыта 57 ырыа ааптара буоларынан кини ырыаларын биир дойдулаахтара Суорун Омоллоон аатынан опера уонна балет театрын артыыһа Александр Максимов, Матрена Максимова аатынан Уус-Тааттатааҕы норуодунай хор кытааччылара Петр Колодезников, Марфа Тарабукина, Николай Собакин ылбаҕай ырыаларынан киэргэттилэр.
Ахтыы киэһээтэ ыытааччы Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Кривых Д.Г. алгыс тылларынан уонна Василий Сивцев тылларыгар, Александр Чахов матыыбыгар «Күөх Таатта үрэҕэр» ырыатын кыттыбыт ыалдьыттар бииргэ толорууларынан түмүктэннэ.
Удьурҕай ойуута Олоҥхо тойугар
Сэтинньи 22 күнүгэр Хаҥалас улууһун «Арчы» дьиэтигэр Өктөм нэһилиэгин олохтооҕо, Хаҥалас улууһун норуотун маастара, мас ууһа Колодезников Демьян Дмитриевич «Удьурҕай ойуута, олоҥхо тойугар» диэн айар үлэтин тус быыстапката аһылынна.
2014 сылтан араас таһымнаах куонкурустарга кыттан, дьон сэҥээриитин ылан буолан барбыта. Сылтан сыл тиhигин быспакка, үлэлэрин элбэтэн, тупсаран, билигин Өрөспүүбүлүкэҕэ биир биллэр-көстөр мас ууhа буолла. 2019 сыллаахха ыытыллыбыт «Связь поколений» диэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска кэргэнин Екатерина Иннокентьевна дьиэ-кэргэнин кытары Демьян Дмитриевич ийэтинээн кыттыыны ылбыттара. Бу куонкуруска 2 степеннээх дипломант уонна жюри биһирэбил бирииһинэн наһараадаламмыттара.
2022 сыл түмүгүнэн Өктөмнөр Демьян Дмитриевичка «Сыл маастара» ааты иҥэрбиттэрэ. Өймөкөөҥҥө буолбут олоҥхо ыһыаҕар «Үлэнэн чэлгийэр Сахам сирэ» Өрөспүүбүлүкэтээҕи уус-уран оҥоһуктар күөн күрэстэригэр «Удьурҕайынан оҥоһук» күрэҕэр 2 степеннээх лауреат буолбута.
Амма улууһугар ыытыллыбыт Олоҥхо ыhыаҕар «Художественная резьба по дереву» күрэх түмүгүнэн «Бастыҥ уран оhуор» анал ааты ылбыта. Быйылгы Туймаада ыһыаҕар «Уран мас ураты ойуута-оhуора» көрүү быыстапкаҕа биһирэбил бириис ылбыта. 2023 сыллаахха доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон икки ардыгар тэриллибит «Таланты особенных людей Севера» Өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ гран-при үрдүк ааты ылбыта.
Уһанар–иистэнэр үгэстэри сөргөтүүгэ, сайыннарыыга, үгүс сыллаах сыралаах үлэтин иһин Колодезников Демьян Дмитриевичка «Саха Өрөспүүбүлүкэтин уус-уран оҥоһуктарын маастара» үрдүк аат тутарылынна.
Быыстапка үөрүүлээх аһыллыытыгар Хаҥалас улууһун дьаһалтатын үлэтин салайааччыта Сахаайа Владимировна Громова, Ханалас улууһун култуура уонна духуобунас сайдыытын салалтатын салайааччыта Сергей Альбертович Павлов, «Симэх» норуот ускуустубатын уонна уус-уран оҥоһуктарын салаатын салайааччыта Дмитрий Константинович Осипов, Хаҥалас улууһун «Арчы дьиэтэ» норуот айымньытын киинин салайааччыта Лидия Васильевна Харитонова, Арассыйа Бэдэрээссийэтин уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара, Хаҥалас улууһун маастардарын «Уран» түмсүүтүн салайааччыта Татьяна Николаевна Шишигина, Томпо улууһун Мэҥэ-Алдан нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Демьян Дмитриевич ийэтэ Анна Алексеевна Колодезникова, аймах-билэ дьонноро, доҕотторо, Өктөм нэһилиэгин түмсүүлэрин бэрэстэбиитэллэрэ уо.д.а. эҕэрдэлээтилэр, баҕа санаа бастыҥын, үтүө санаа үтүмэнин анаатылар.
Якутяне покоряют мир музыки 🎹
Восемь молодых пианистов из Якутии готовятся к II Международному конкурсу имени Марка Жиркова. Конкурс с 19 по 23 ноября пройдет в Москве, в самой знаменитой музыкальной школе - Московской государственной консерватории имени П.И. Чайковского.
В конкурсе примут участие:
- Два пианиста из Вилюйской школы искусств им. М.Н. Жиркова,
- Четыре пианиста из Высшей школы музыки Якутии им. В.А. Босикова,
- Один пианист из Амгинской школы искусств,
- Один пианист из Детской школы искусств Якутска.
В жюри конкурса — известные музыканты и педагоги из России и Турции.
Конкурс — это не только дань памяти Марку Жиркову, первому якутскому композитору, но и шанс для юных талантов показать свои способности и учиться у лучших. В рамках конкурса будут мастер-классы и тематические мероприятия.
🌎 Это шанс для наших ребят проявить себя на мировой арене. Удачи им!
Мероприятие, посвященное 70-летию Яны Викторовны Игнатьевой, заслуженного работника культуры Российской Федерации и Республики Саха (Якутия), директора Национального Центра «Симэх».
*💐*💐💐Бүгүн РФ уонна СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитин, «Симэх» национальнай киин салайааччытын Яна Викторовна Игнатьеваны өрөгөйдөөх үбүлүөйүнэн эҕэрдэлээтибит**
Яна Викторовна саха төрүт ииһин-ууһун киэҥ эйгэҕэ көрдөрөргө сүдү үлэни ыытан, биһиги баай култуурабытын билигин аан дойдуга үгүс норуот билэр буолла. Өбүгэбититтэн кэлбит туох баар муос, мас, тимир кэрэ көстүүлээх оҥоһуктары оҥоруу маастарыстыбатын сөргүтэн, күн бүгүн элбэх киһи уһанар, иистэнэр буолла, ону тэҥэ сахалыы кэрэ оһуордаах таҥас-сап, симэх, мал-сал, иһит-хомуос араас норуоттар биһирэбиллэрин ыллылар. Кини түмэн, уран тарбахтаах дьон бэйэлэрин кыахтарын, талааннарын арыйдылар, күрэстэргэ кыттан, элбэх ситиһиилэннилэр. Бу улахан үлэттэн тахсар.
Ытыктабыллаах Яна Викторовна күннэтэ биһиэхэ холобур буолар, кини үлэтигэр хайдах курдук бэриниилээҕэ, кыһамньылааҕа, тапталлааҕа үгүс киһини кынаттыыр. Аны туран, кини эдэр ыччаты духуобунаска, сиэрдээх буоларга, үлэни таптыырга, төрүт култуураны уонна төрөөбүт дойдуну киэн туттарга үөрэтэр - бу баар киһи саамай үрдүкү нэһилиэстибэтэ. Саха култуурата чэчирии сайдарыгар сүҥкэн кылаатын иһин Яна Викторовнаҕа улаханнык махтанабыт, сүгүрүйэбит уонна үрдүктүк сыаналыыбыт.
Күндү биир идэлээхпит салгыы бу курдук үөрэ-көтө, эрчимнээхтик, биир дойдулаахтара лингвист Семен Новгородов, суруйааччылар Болот Боотур уонна Сэмэн Тумат кэккэлэригэр Чурапчы Болтоҥотун чулуу дьонуттан биирдэстэринэн ааттанан, айымньылаахтык өр сылларга үлэлии-хамсыы, дьону-сэргэни үөрдэ-көтүтэ сылдьарыгар баҕарабын!
В Доме дружбы народов им. А. Е. Кулаковского 13 ноября, в день рождения первого президента Якутии, состоится концерт «Махтал».
Это событие организовано по инициативе студентов и выпускников Высшей школы музыки Якутии им. В. А. Босикова, Якутской балетной школы им. Аксении и Натальи Посельских, а также при участии артистов республики.
Поддержку мероприятию оказывают «Николаев Центр» и Окружная администрация города Якутска. Концерт начнётся в 16:00, вход для зрителей будет свободным.
Михаил Николаев, чей вклад в развитие Якутии признан на государственном уровне, оставил яркий след в истории региона.
Глава Якутии Айсен Николаев, объявив 13 ноября Днем инноваций, подчеркнул значение наследия Михаила Ефимовича для современной государственности и социально-экономического прогресса республики.
Любите Пророка, читайте салават!
https://t.me/RKadyrov_95?boost
https://t.me/boost/kadyrov_95chat
Vkontakte: https://vk.com/ramzan
Twitter: https://twitter.com/rkadyrov
Last updated 2 weeks, 1 day ago
Last updated 2 months, 2 weeks ago
Команда КРА
Председатель Правительства ЧР
Герой России
Магомед Даудов
ВК: https://vk.com/magomeddaudov
Last updated 1 month ago