По поводу рекламы- @Luhaiidan_bot
Last updated 1 month, 2 weeks ago
Last updated 4 months, 3 weeks ago
Last updated 1 week, 6 days ago
Ытыктабыллаах Сунтаарбыт улууһун олохтоохторо!
Сунтаардааҕы ыччат отделын уонна тус бэйэм ааппыттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Муус устар 27 күнүгэр Сахабыт сирин историятыгар улахан, дьоһун суолталаах түгэннэр буолбуттарын билэбит. Ол курдук 1922 сыллаахха Саха АССР тэриллибитэ. Онтон 70 сыл буолан баран бу күн 1992 с. Саха сирин саҥа Төрүт сокуона күүһүгэр киирбитэ.
Бу күн хас биирдиибит сүрэҕэр дойдуга бэриниилээх буолуу, бэйэ омугунан киэн туттуу тыына саҕыллар, сомоҕолоһуу, төрөөбүт тылбытын, үгэстэрбитин, култуурабытын, сиэрбитин-туоммутун, ураты айылҕабытын харыстыырга дьулуһуубут өссө ордук күүһүрэр.
Күндү биир дойдулаахтарбыт!
Бука бары биир сомоҕо буолан салгыы Өрөспүүбүлүкэбит бөҕөргүүрүгэр, сайдарыгар үлэлии-хамныы, айа-тута сылдьыаҕыҥ, омук быһыытынан чөл туруктаах кэлэр кэмҥэ эрэллээхтик хардыылыаҕыҥ!
Кэнчээри ыччаппыт ситиһиилээх, дьулуурдаах, инникигэ эрэллээх буоллун!
Барыгытыгар чэгиэн доруобуйаны, уйгулаах олоҕу, сарсыҥҥы күҥҥэ энчирээбэт эрэли баҕарабыт!
Ытыктабылы кытта Сунтаардааҕы Ыччат отделын коллектива, салайааччы Трофим Иванов.
По поводу рекламы- @Luhaiidan_bot
Last updated 1 month, 2 weeks ago
Last updated 4 months, 3 weeks ago
Last updated 1 week, 6 days ago