МО "Едюгейский наслег"

Description
с. Андреевский ул. Школьная д. 11б
8(41133)41863

t.me/.admedugei
Advertising
We recommend to visit

По поводу рекламы- @Luhaiidan_bot

Last updated 1 month, 4 weeks ago

Last updated 5 months ago

с. Андреевский ул. Школьная д. 11б
8(41133)41863

t.me/.admedugei

Last updated 4 months, 2 weeks ago

1 month, 2 weeks ago
МО "Едюгейский наслег"
1 month, 2 weeks ago
МО "Едюгейский наслег"
4 months, 2 weeks ago

СОВЕТ ДНЯ ищите себя, нужно жить так, как хочется, заботиться о себе, ставить новые цели и достигать их, найти любимое дело.

У тебя есть то, чего нет больше ни у кого. Твой голос, твой ум, твоя история, твое видение. Поэтому пиши, рисуй, строй, играй, танцуй, люби, живи так, как можешь лишь ты.

4 months, 2 weeks ago

?Доброе утро. Мир — это огромный сверкающий подарок, который ты разворачиваешь каждое утро. Пусть этот солнечный день подарит самые теплые эмоции и хорошее настроение…?

?Гороскоп на 5 июля?

Овен. 5 июля.

У Овнов период укрепления связей — как с коллегами, так и с родственниками. Возможна весомая прибыль, однако деньги уйдут также легко, как и пришли. Вечером вы будете удивлены чьим-то телефонным звонком или неожиданным появлением.
СОВЕТ ДНЯ не поддавайтесь эмоциям и избегайте необдуманных заявлений.

Телец. 5 июля.

Тельцы, в чьих руках сосредоточена власть, смогут в этот день сделать очень много. При любых обстоятельствах гасите раздражение, действуйте мягко, но не отступайте от цели.
СОВЕТ ДНЯ продумывайте каждый шаг, особенно по отношению к партнёру, иначе могут быть негативные последствия.

Близнецы. 5 июля.

У Близнецов удачное время для повышения квалификации: вы легко воспримите самую сложную информацию. Хорошо закладывать фундамент какого-то нового дела, заниматься спортом и творчеством.
СОВЕТ ДНЯ эксперименты в любой сфере принесут успех, поэтому не бойтесь использовать все свои навыки и таланты..

Рак. 5 июля.

Раки, если речь идет о сложном проекте, полезным окажется привлечение дополнительных ресурсов. В семейной жизни рекомендуется удивить своего партнера неожиданными благородными поступками, проявлением нежности.
СОВЕТ ДНЯ свои эмоции старайтесь держать при себе.

Лев. 5 июля.

Львам занятие любимым делом принесет признание. Легко завершатся старые дела, так же легко начнут осуществляться новые. Хорошее время для того, чтобы начать цикл физических упражнений и другой работы со своим телом.
СОВЕТ ДНЯ чрезмерная активность может сильно утомить, поэтому обратите внимание на своё здоровье.

Дева. 5 июля.

У Дев успешно пройдет взаимодействие с государственными организациями. Вы внушаете доверие, и многие рассчитывают на вашу компетентность. Будьте внимательны — в этот день сущность людей как никогда ярко проявляется в речах и поступках.
СОВЕТ ДНЯ не тратьте нервы по пустякам и обязательно выбирайтесь на природу.

Весы. 5 июля.

Весы ощутят, что могли бы сделать гораздо больше, если бы им дали по-настоящему развернуться. Удачно проходят поездки и командировки, благотворительные акции. А вот личные отношения день проверяет на прочность.
СОВЕТ ДНЯ не пытайтесь делать то, чего вы, мягко говоря, не понимаете.

Скорпион. 5 июля.

Скорпионов ждут новые интересные знакомства с представителями противоположного пола. Тщательно обдумывайте поступающие предложения и не спешите терять голову.
СОВЕТ ДНЯ избегайте конфликтных ситуаций на работе, так как они могут отразиться на вашей карьере.

Стрелец. 5 июля.

У Стрельцов подходящее время для овладения новой профессией и повышения квалификации. От вас потребуется активность: постарайтесь воплотить задуманное в жизнь. В семье советуем больше учитывать интересы домашних.
СОВЕТ ДНЯ не бойтесь начать новую жизнь, это может улучшить ваше финансовое положение.

Козерог. 5 июля.

Козероги получат шанс изменить судьбу. В профессиональной сфере Вас ожидает успех и практически неограниченные возможности, особенно если дело касается разговоров и выступлений перед публикой.
СОВЕТ ДНЯ берегите здоровье: возможны эмоциональные всплески.

Водолей. 5 июля.

Водолеи, вам показано отправляться в поездку или путешествие, ее итоги будут превосходными, а впечатлений хватит надолго. Но можно и с успехом поработать, решить важные вопросы. Внимание и поддержку подарит семья.
СОВЕТ ДНЯ только то, что вы спланировали и буквально расписали по часам, будет успешно продвигаться вперёд.

Рыбы. 5 июля.

Рыбам лучше пока воздержаться от вложения денег в рискованное предприятие. В семейных парах ожидается потепление, а совместные игры и поездки сплотят поколения. Общение должно быть качественным.

4 months, 2 weeks ago

#историябыыһынсэгэтэн

Биһиги телеграм каналбыт ыалдьыта - Чап уустарын сыдьаана, Кэнтиктэн тимир ууһа - Анатолий Саввич Таркаев.

Кини Үөдүгэй ыһыаҕыгар биир саамай болҕомтону ылар сүрүн бэлиэбитин - Ытык дуоҕаны оҥорбут талааннаах киһинэн буолар.

Анатолий Саввич Ытык дуоҕаны оҥороругар туохха тирэҕирбитин туһунан санаатын үллэһиннэ:
- Ытык дуоҕа тутааҕын оҥорорбор саха ытык сыыппараларыгар тохтоотум. Онон тоҕус, сэттэ, үс кэрдиистээх гынным. Үөһэ туттаһыгын төгүрүк гынан баран, уустар ытык көтөрдөрүн - суору оҥордум.Ол өйдөбүлэ маннык:1889 сыллаахха Кэнтик, Үөдүгэй нэһилиэктэрэ биир нэһилиэк эрдэхтэринэ, барыта сүүрбэ уус баар эбит. Онон Үөдүгэй нэһилиэгэ былыр- былыргыттан тимир уустардааҕынан биллэр нэһилиэк буолар. Уустар ытык көтөрдөрө суор буолар. Онон ити өйдөбүлгэ олоҕуран суору оҥордум.

Быйыл Кэнтиктэр Үөдүгэй нэһилиэгиттэн арахсан туспа нэһилиэк буолбуппут 125 сылын бэлиэтээтибит. Ол арахсарбытыгар 16 уус Кэнтиккэ барар, 4 уус Үөдүгэйгэ хаалар.

Ытык дуоҕаны кыһыл көмүскэ майгынныыр өҥүнэн соттум. Тоҥуоҕа көмүс сууйаллар этэ. Онно Үөдүгэй нэһилиэгин дьоно көмүһү элбэхтик сууйбута биллэр. Сэрии төһө эмит инниттэн көмүһү сууйалларын биһиги истэн билэбит. Күҥҥэ 2 гр курдугу булаллар этэ үлэлээбит дьон диэн кырдьаҕастартан истэрбит.
Сэрии кэмигэр манна оройуоҥҥа өссө маҕаһыыннар бааллар эбит. Онно кыһыл көмүһү сууйан илдьэн туттараллара үһү. Онон Ытык дуоҕаны кыһыл көмүс өҥүнэн дуйдаатым.Аллара өттө сэттэ сүүмэх сиэлтэн уонна сэттэ кэрдиистэн турар.
Ытык дуоҕа үөһэ өттүнээҕи ойуута - үүнүү - сайдыы бэлиэтэ.
Ытык дуоҕа - нэһилиэк ытык бэлиэтэ буолар. Онон кини былаахтары кытары биир көстүүлээх, анал миэстэҕэ туруохтаах. Ытык дуоҕа ыһыахха Үрдүк Айыылартан иҥэриммит алгыһа, эньиэргийэтэ сыл устата нэһилиэккэ тарҕана, дьайа турар. Онон Ытык дуоҕаны сөптөөхтүк тутуохха, илдьэ сылдьыахха наада, - диэтэ.

Үөдүгэйдэр талааннаах тарбахтаах, бөлүһүөк Анатолий Саввичка, барҕа махталбытын тириэрдэбит.

#Үөдүгэйсонуннара

6 months, 3 weeks ago

#кутурҕан

Бүгүн Үөдүгэйгэ кутурҕан күнэ. Үөдүгэй нэһилиэгин ыар сүтүгүн айылҕа кытары үллэстэргэ дылы... Тыалыран уһуутаата, хаардаан, тобурахтаан көхсүн кэҥэтэргэ дылы гынна.
Биһиги нэһилиэк биир чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ, элбэҕи эрэннэрэр ыччаппыт, доҕорбут, МАУ "Едюгей" тэрилтэ салайааччыта Максимов Арсен Валерьевич эмискэ ыарахан ыарыыттан күн сириттэн күрэнэн, тиһэх суолугар атаардыбыт.

Арсен от ыйын 21 күнүгэр 1991 сыллаахха Боотулуу нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Үөдүгэйгэ оонньоон-көрүлээн, сүүрэн - көтөн оҕо сааһа ааспыта. Эдьиийэ Наталья Васильевна кинини хараҕын харатын курдук харыстаан, таптаан, бүөбэйдээн улаатыннарбыта.

Арсен 1997 сыллаахха И.Н. Барахов аатынан орто оскуолаҕа үөрэнэ киирбитэ.
2002 сыллаахха 5-8 кылаастарга Дьокуускайга Саха национальнай гимназиятыгар,
2006 сыллаахха 9-11 кылаастарга Дьокуускайдааҕы кадетскай оскуолаҕа үөрэммитэ. 2008 сыллаахха оскуоланы ситиһиилээхтик бүтэрэн,
Дьокуускайдааҕы авто оскуолаҕа үөрэммитэ.
Москва куоракка Институт государственного администрирования «Юриспруденция» салаатын үөрэнэн бүтэрбитэ.

Олохтоох дьаһалтаҕа МАУ «Едюгей» салайааччытынан олус таһаарыылаахтык үлэлии сылдьыбыта. Оҕо эрдэҕиттэн техникаҕа, тыа сирин араас үлэтигэр сыстаҕас уонна көнө, чиэһинэй, үтүө майгылаах, дьоҥҥо - сэргэҕэ чугас буолан, тэрилтэтин сатабыллаахтык салайан нэһилиэккэ биллэр хамсааһыны таһаарбыта, хаһаайыстыбанньык быһыытынан үүнэн, ситэн испитэ.

Оҕо эрдэҕиттэн үтүө дьон сыдьаана буолан эбитэ дуу, кылгас үйэлэниэх буолан дуу, бэйэтин дьоҥҥо саната сылдьардыы ис иһиттэн аламаҕай, куруук үөрэ - көтө, мичилийэ, киһини бары эдьиий, убаай, быраат диэн үөрдэ-көтүтэ сылдьар үтүөкэн майгылааҕа.

2019 сыллаахха тапталын көрсөн ыал буолбута.
2020 с кыыс оҕоломмуттара. Ыал мааныта дэтэн, дьиэ-уот туттан дьоллоохтук олорбуттара.

Өлөр өлүү дэгиэ тыҥыраҕынан соһуччу улахан дьиэ кэргэн аҕа баһылыгын, дьаһалта биир тутаах салайааччытын, чаҕылхай уолбутун илдьэ барда.
Кэргэнигэр, оҕолоругар, эдьиийигэр Наталья Васильевнаҕа, бырааттарыгар, ийэтигэр, чугас дьонугар, табаарыстарыгар дириҥ кутурҕаммытын тириэрдэбит.
Арсен, төрөөбүт - үөскээбит Үөдүгэйиҥ буора сымнаҕас, сылаас буолуохтун. Быдан дьылларга быраһаай ??

Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтата

7 months ago

#Доноркүнэ

Бүгүн Арассыыйаҕа Хаан туттарааччы (Донор) национальнай күнэ бэлиэтэнэр ???

Хаан туттарааччылар (донордар) хирургия эпэрээссийэлэригэр, араас ыксаллаах балаһыанньаларга хааннарын туттаран төһөлөөх киһи олоҕун быыһаабыттара буолуой?

Үөдүгэй нэһилиэгэр барыта отучча хаан туттарааччы (донор) баар. Ол иһигэр 5 Арассыыйа Бочуоттаах хаан туттарааччылара (донордар). Кинилэр кимнээхтэрий?
Үөрэхтэрин бүтэрэн кэлиэхтэриттэн харыс да сири халбарыйбакка, улууспут доруобуйатын харыстабылын сайдыытыгар дьоһун кылааттарын киллэрсэн үлэлии сылдьар дьиҥ-чахчы нэһилиэкпит, улууспут патриоттара, улуустааҕы доруобуйа харыстабылын салаатын кылаабынай бырааһа Сардана Николаевна Павлова, улуустааҕы сэллик балыыһатын сэбиэдиссэйэ Спартак Николаевич Антонов, өр сылларга Үөдүгэй дьаһалтатыгар баһылык солбуйааччытынан үлэлээбит дьаһалта исписэлииһэ Прокопий Ионович Алексеев, доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр өр сылларга үлэлээн кэлбит Күннэй Анатольевна Мыкычанова, социальнай көмүскэл управлениетын исписэлииһэ Михаил Дмитриевич Сибиряков буолаллар ??????❤️❤️❤️

Махтал буоллун, Үөдүгэйбит нэһилиэгин бары хаан туттарааччыларыгар (донордарыгар), дьон олоҕун быыһыыр улахан көмөҕүтүгэр ??????????

#Үөдүгэйсонуннара

We recommend to visit

По поводу рекламы- @Luhaiidan_bot

Last updated 1 month, 4 weeks ago

Last updated 5 months ago

с. Андреевский ул. Школьная д. 11б
8(41133)41863

t.me/.admedugei

Last updated 4 months, 2 weeks ago