Ҳаётингизда шунчаки кун ўтказманг. Вақтингизни дунё ва охиратингиз учун фойдали амалларга сарфланг...
Админ: @SayyoD3003
Last updated 1 year, 6 months ago
Кореяда ишлашни хоҳлайсизми?
Кореяда ўқишни хоҳлайсизми?
Ундай бўлса бизнинг каналимизни кузатиб боринг биз силарга қўлимиздан келгунича ёрдам берамиз
Реклама учун 👉 @korean_teacher07
Last updated 2 months, 1 week ago
Last updated 1 year ago
📆 Алтынньы 31 күнэ. Чэбэр күн
Былыт ☁️☁️☁️ баар аҕай🤭 Арай тыалын хайысхатын хотуттан ылбыт. Сарсыарда 5:30 чааска Суоттуга -22°С🤗 Сарсыҥҥыттан -40°С буоларын киһи итэҕэйэмиэх курдук😅 Бүгүн билиҥҥи кэмҥэ сөп түбэһэр кэпсээн ыытар буоламмын, дьүһүйүүбүн, билгэбин тохтоттум.🤗
ИДЭҺЭ БАРАХСАН
"Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн", – диэн ѳс хоһооно идэһэни ѳлѳрүүттэн, муҥха саҕаланыаҕыттан ааҕыллар. Бу кэмҥэ ас-үѳл дэлэйэр, санаа кѳнньүѳрэр. Кыстык кэмэ уратыта диэн муус ылыыта, идэһэ ѳлѳрүүтэ, күһүҥҥү муҥха барыта биир кэмҥэ түбэһэр буолан үлэтэ баһырхай. Идэһэлэнэ сырыттаххына, мууһуҥ халыҥыыр, муускунан дьарыктаннаххына, халлааныҥ тымныйар. Дьэ, ол иһин тыа киһитэ барахсан барытын аттаран үлэлиэхтээх.
Баһылайка быйыл 5-гэр сылдьар ат кунанын ѳлѳрүѳхтээх. Оҕонньор сүѳһүлэрин бэйэтэ кѳрѳр, оҕо курдук бүѳбэйдиир . Идэһэни сүүскэ охсуохтааҕар ѳлѳрѳллѳрүн да кѳрѳѳччүтэ суох. Хата ол оннугар ыгым майгытыгар тэптэрэн, мѳккүспүт киһитин, чэпчэки да буоллар, чэчэгэйгэ баран кэлээччи. Ону эттэххэ, "киһи мѳккүһэр буоллаҕа" диэн тыллаах буолааччы.
Бүгүн сүѳһү ѳлѳрѳргѳ анаабыт курдук үтүѳ күн үүннэ. Хаан сытын билэн хара тыа хара суордара "кулук-халык" саҥарсан дэриэбинэни уһаты-туора кѳтѳн куһурҕаспыттара ыраатта. Баһылайка кырдьаҕас киһи сиэринэн ыксаабакка, аа-дьуо малын-салын бэлэмнии сырытта. Үѳлээннээҕэ Сиидэр кѳмѳлѳһѳ кэлиэхтээх. Сиидэр үйэлээх сааһыгар сүѳһү сааҕыгар биккиллибэтэх киһи. Хата дьэ, тылынан баҕас кини саҕа сүѳһүгэ үлэлээбит киһи суох. Кинини билбэт дьон аһынан: "Оо, барахсаны", – диэхтэригэр диэри кэпсээччи.
Баһылайка тиэргэнигэр тѳттѳрү-таары тэйбэҥнии сылдьан "оҕуспун киминэн оҕустарабын?" диэн санааттан ырааҕы толкуйдаабат буолла. Ол сырыттаҕына атахтаһа олорор ыалын уоллара Куонааскы обургу доҕорунаан Киргиэлэйдиин дьиэттэн бѳтѳрѳҥнѳһѳн тахсан, кыстык маска тиийэн, чууркаларга олороот табахтаабытынан бардылар. Баһылайка "сэксэс" гына түстэ. Идэтинэн үтүлүктээх илиитинэн ыстаанын ѳрѳ тардыммыта буолла. Ыскаабар баар буоккатын саныы-саныы уолаттары сапсыйан ыҥырда. "Тугу гынабыт?" дии сылдьар уолаттар ѳр ыҥыртара туруохтара дуо? Бу ыстаҥалаһан кэллилэр. Сүѳһү ѳлѳрүѳхтээҕин эппитигэр уолаттар "Ханна баарый?" – дэһэ түстүлэр. Этитэ да барбакка, далтан сиэтэн таһааран, баҕанаҕа эрийэ кѳттүлэр… Оҕус эрэйдээх ѳлѳрүн билэн бууһурҕаччы тыынна, хос-хос хойуулаан туманнатта, хааннааҕынан кѳрдѳ, хараҕыттан уу-хаар баста.
"Сүгэни дабаай", – диэн буолла. Баһылайка оҕуһун аһынан сүрэҕэ ытырбахтаата, салҕалас илиитинэн мас хайытар килиин сүгэни биэрдэ, Куонааскы обургу сүгэни ыараҥнатан кѳрдѳ уонна оҕонньорго:
– Баһылайка, манан оҕустахпына оҕуһуҥ ѳлѳн хаалыа суоҕа дуо? – диэтэ. Оҕонньор ѳйдѳѳбѳтѳ:
- Онтон биһиги ѳлѳрѳ сатыыбыт буолбатах дуо? – диэтэ бэркэ мунааран, итиэннэ барбатах балык минин курдук кѳрѳн кэбистэ.
– Суох оҕонньор, миэхэ оҕус ѳлѳрѳ наадата суох, дѳйүтэн түһэриэхпин наада. Дѳйѳн, сүрэҕэ үлэлии сыттаҕына хаана элбэх кэлиэ этэ буоллаҕа.
– Оннук сах этэ дуу?..
– Бар, тэттик тэлэгэр сүгэни аҕал, – Куонааскы обургу кыыла турбута сүр. Сутуругунан охсуохтуу оҕус будьурҕай сүүһүн тоҥсуйбахтаан ылла. Сүѳһүнү сүүскэ охсортон атын үлэни сатаабат курдук тутунна. Баһылайка дьону баһаалыстаҕа үлэлэтэ сылдьан хос этиттэрэ сылдьыа дуо, умса-тѳннѳ түһэн тэрээк сүгэни аҕалан Куонааскыга туттаран кэбистэ уонна:
– Куонаан, эрэйдээбэккэ ѳлѳрѳѳр эрэ. Бээрэ, мин дьиэҕэ киирбитим кэннэ охсоор, – диэтэ.
– Сѳп-сѳп, – уол тирэҕин булунардыы хаары хаһыйбахтаата. Оҕонньор кѳхсүнэн буоларын кытта, оҕус сүүһэ сүр тыастаахтык "тоос!" гынна. Дьон үрдүлэринэн ыт да сирэн сиэбэтэх сүѳһү куһаҕанын ытыран испит суор соһуйан тиэрэ ханарыйда, тэлиэс-былас дайбанна, сыптарыйан ыһыырта, бэрт куһаҕаннык саҥараары били бэйэлээҕин мүччү тутта. Баһылайка иэнэ кэдэс гынна, эргиллэн кѳрбүтэ – оҕуһа эрэйдээх орулаабытынан тура сатаан эрэр эбит. Сүгэ иккистээн күѳрэйдэ, Баһылайка хараҕын быһа симтэ, кулгааҕын саба тутунна. Идэһэ барахсан…
САЛАЛЛЫБЫТ САҤА КҮН🌞СЫРДЫГЫНАН СЫДЬААЙАН,САҤА САҔАХТАРЫ АРЫЙДЫН!😅✊✊✊
✍️ *Иннокентий Попов-Оҕуруоттаах. Суотту
📸 Ольга Шепелева. Мүрү
✅* @uamurusahargata
💫 Алтынньы 31 күнэ♈️Хой
Сэрэйэн көрөр дьоҕуруҥ сүрүн сыалгар айаҥҥын биллэрдик чэпчэтэр. Барыта санаа хоту табыллан иһэр. Онон саҥа соруктарга ылсыаххын наада. Таптал чааһыгар эмиэ саҥа интэриэс күөдьүйүөн сөп.
♉️Оҕус
Күөн көрсүһүүгэ уопуттаах дьон сүбэтин ылын. Бэйэҥ тылгын сатаан ылыннараҕын, быһаарыылаах хардыыга бэлэмҥин. Чугас дьоҥҥун кытта биир тылы булар туһуттан аһаҕас буол.
♊️Игирэ
Күн устата кыра тургутуулары ааһыаҥ. Былааҥҥын кыратык уларытыаххын, туох эрэ саҥаны киллэриэххин наада. Бу туруктан тахсыы судургу – бэйэҕэр эрэлгин сүтэримэ.
♋️Рак
Сүрэҕэлдьиигин, үксүн кэлиҥҥигэ көһөрөҕүн. Өрөбүл ылан, сынньана түһүөххүн, күүс, сэниэ ылыныаххын наада. Баанньыктанар олус туһалаах буолуоҕа.
♌️Хахай
Ситиһии чэпчэкитик кэлбэт. Кыра да түмүгү ыларга тиритиэххин-хорутуоххун наада. Киэһэҕин тапсар доҕоргун кытта атаар, аһаҕастык кэпсэт. Биллэрдик чэпчиэҥ.
♍️Кыыс
Барыска тахсарга табыгастаах күн. Иэскин төнүннэриэхтэрэ. Дьыалабыай кэпсэтии хаһааҥҥытааҕар да табыллар. Кэлэктиипкэр, салайааччыгын кытта эмиэ сыһыаныҥ үчүгэй.
♎️Ыйааһын
Айар үлэҕэ ситиһии кэлиэ. Харчыга сыһыаннаах кэпсэтиилэри, дуогабар түһэрсиитин кылгас бириэмэҕэ тохтото түс. Таптыыр киһиҥ тылын болҕомтоҕо ыл. Ол сыһыаҥҥытын бөҕөргөтүө.
♏️Скорпион
Буола турары баарынан ылын. Итэҕэһи-быһаҕаһы, өйдөспөт быһыыны-майгыны дириҥэтимэ. Бииргэ үлэлэһэр киһигин кытта сыһыан ыараан ылыа. Элбэҕи саҥарыма. Сотору барыта оннун булуо.
♐️Охчут
Бэйэҥ күүскэр эрэнэҕин, сөптөөх быһаарыныыны ылынаҕын. Онон ситиһии кэлэрин лаппа түргэтэҕин. Сорох Скорпионнар бүгүн хаһааҥҥытааҕар да эйэҕэстэр, романтичнайдар. Таптыыр киһигэр болҕомтоҕун уур.
♑️Чубуку
Олоххор уларыйыы киирэр кэмэ кэлбит. Кыралаан содур быһыыга умньаныаххын сөп. Үлэ чааһыгар табыллыы бөҕө. Арай туораттан сүбэни аһара чугастык ылыныма.
♒️Күрүлгэн
Түмүгэ биллибэт кэпсэтиигэ сөбүлэһимэ. Дьон иннин ыла сатаан сыраҕын, сэниэҕин бараама. Бүгүн ол туох да туһаны аҕалыа суоҕа.
♓️Балыктар
Күннээҕи үлэҥ бэркэ табыллар. Дьиэҕэ да, үлэҕэ да хомунарга, сааһыланарга табыгастаах күн. Чугас дьоҥҥун кытта холкутук, куоласкын үрдэппэккэ сыһыаннас.
⚡️ Алтынньы 28 күнүгэр 10 кВ күүрүүлээх Л-Борогонцы-1 уот ситимигэр былааны таһынан үлэ оҥоһулларынан күнүс 14.00 чаастан киэһэ 17.00 чааска диэри Бороҕон сэлиэнньэтигэр Ленин аат. уулусса 59–83 №№-гэр, Герой Егоров, Профессор Егоров ааттарынан уулуссаларга, баһаарынай чааска, “СтройДом” маҕаһыыҥҥа, "Мүрү Ас" ТХППК, киин баанньык, сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолору социальнай реабилитациялыыр киин, "Өркөн" киинэ тыйаатырын, мировой суут, нолуок инспекциятын, нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин дьиэлэригэр, "Универмаг" атыы-эргиэн киинигэр, "Мичил" оҕо саадыгар, улуус дьаһалтатын дьиэтигэр, "РДК", "ММК" хочуолунайдарга, скважинаҕа, "РДК", "ММК" ТП-ларга, полиция улуустааҕы отделыгар, Мигалкин аат. уулусса 1–51NN-гэр, “Дорожнай”, “Армон” хочуолунайдарга, Радиотумулга барытыгар уот арахсыаҕа.
Ҳаётингизда шунчаки кун ўтказманг. Вақтингизни дунё ва охиратингиз учун фойдали амалларга сарфланг...
Админ: @SayyoD3003
Last updated 1 year, 6 months ago
Кореяда ишлашни хоҳлайсизми?
Кореяда ўқишни хоҳлайсизми?
Ундай бўлса бизнинг каналимизни кузатиб боринг биз силарга қўлимиздан келгунича ёрдам берамиз
Реклама учун 👉 @korean_teacher07
Last updated 2 months, 1 week ago
Last updated 1 year ago