Биики халандаар ?

Description
Күн аайы саха устуоруйатыгар сыһыаннааҕы Бикипиэдьийэттэн сүһэн суруйабыт.
Эбиилээх-көҕүрэтиилээх буоллаххытына дьаһабылга @Halan_Chuekke суруйуҥ.
We recommend to visit

Group? @StickerssGroup
Feedback? @Feedbacksebot
Cute Stickers? @CuteStickery

Last updated 1 year, 3 months ago

Энг керакли видеоларни бизда топасиз?

Каналимиз Эркаклар ва Аёларимиз учун жуда фойдали?‍♂️?‍?

Янгиликлар бўлса юборинг биз каналга чиқар
Reklama: https://t.me/SIFATLIK_REK

Last updated 1 month ago

''Hello World''

Last updated 3 months, 1 week ago

3 weeks ago
3 weeks, 1 day ago
3 weeks, 1 day ago
`Тохсунньу 5 күнүгэр туох буолбут эбитий?`

Тохсунньу 5 күнүгэр туох буолбут эбитий?

? Скаут аан дойдутааҕы күнэ. 1910 сыллаахтан бэлиэтэнэр. Бастакы скаут оҕолор лааҕырдара Англияҕа 1907 сыл сайыныгар аһыллыбыта. Арассыыйа импиэрийэтигэр 1909 сыллаахха баар буолбута. Ол эрээри 1924 сыллаахха бобуллубута. Кини үгэстэрин сорҕотун Пионер хамсааһына ылбыта. 1990 сыллаахха сөргүтүллүбүтэ
?? Ииндийэ — Гобинд Сингх гуру төрөөбүт күнэ
?? Беларусь — Социальнай көмүскэл үлэһиттэрин күнэ
?? КытайХарбин — Харбиннааҕы муус уонна хаар оҥоһуктар дойдулар ардыларынааҕы фестиваллара
?? АХШ — Көтөрдөр күннэрэ
?? Япония — Джома Синдзи. Камакура куоракка ыытыллар мацурилартан (бэстибээллэртэн) биирдэстэрэ. Куһаҕан тыыны куттууллар, оҕунан ытыалыыллар
Ороһооспо 12-с күнэ уонна түүнэ (арҕаа христианство).

? 1634 — Нам улууһугар 600-1000 саха боотура Өлүөнэ остуруогун төгүрүйээри тоҕуоруспуттарыгар атаман Иван Галкин 47 аттаах хаһааҕы кытары урутаан саба түспүт. Сиһилии.
? 1762 — Дьиҥнээх Романовтар династиялара быстан Арассыыйа бүрүстүөлүгэр  ньиэмэс принцэ Пётр III олорбут.
? 1905 — Арассыыйа-Дьоппуон  сэриитин кэмигэр Порт-Артур көмүскээһинэ түмүктэммит. Кириэппэһи комендант генерал Анатолий Стессель дьоппуоннарга биэрбит.
? 1926 — ВКП(б) Саха сиринээҕи обкомын бюрота "Балаҕаны хотонтон араарар туһунан" уураах таһаарбыт.
? 1967 — Дьааҥы оройуона икки оройуоҥҥа хайытыллыбыт: Үөһээ Дьааҥы (киинэ — Баатаҕай) уонна Усуйаана (киинэ — Депутатскай).

? Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1837 — Василий Радлов — востоковед-тюрколог, академик, түүр тылын чинчийиитигэр саҥа хайысханы арыйан төрүттээччи, саха тылын бастакы историческай грамматикатын суруйбута биллэр.
▫️1856 — Егор Николаев - Улахан Дьөгүөрдээн — XIX үйэ иккис аҥаарыгар биллибит киһи, Боотур Уус улууһун кулубата. Сахалар бэйэлэрин бэйэлэрэ салайыныыларын туруорсубут, Степной Думаны сөргүтэ сатаабыт, земство институутун Саха Сиригэр киллэриини туруорсубут, Саха сиригэр холуобунай көскө ыытыы суох буоларыгар кылаатын киллэрбит киһи. Саха уһулуччулаах киһитэ Күлүмнүүр учууталынан билинэр киһитэ.
▫️1946 — Надежда Николаева — учуонай, музыковед, хандьыдаакка диссэртээссийэтэ олоҥхоҕо уонна саха оператын олоҕуруутугар анаммыта.
▫️1953 — Артур Васильев — саха живописеһасаха норуодунай худуоһунньуга.

Өлбүттэр:
▫️2013 — Раиса Захарова  (06.04.1954 төр.) — ырыаһыт, саха норуодунай артыыһа  (2010), Горнай улууһун Ытык олохтооҕо.

? Бүгүн уонна туох ахтылларын — бэлиэ күннэр, түбэлтэлэр, ким төрөөбүтүн/өлбүтүн туһунан — манна сиһилии көр.

Сэҥээриктэ тал:
? – урут истибэтэхпин аахтым
? – урут истибиппин санаатым
?? – сэргээн аахтым

?  Биики Халандаар | Сурут

3 weeks, 2 days ago
3 weeks, 2 days ago
3 weeks, 3 days ago
3 weeks, 6 days ago
4 weeks ago
4 weeks, 1 day ago

Ахсынньы 29 күнүгэр туох буолбут эбитий?

?? АХШ — Кванза төрдүс күнэ.
?? Ирландия — Конституция күнэ.
?? Монголия — Тутулуга суох буолуу күнэ.

? 1607 — Аныгы АХШ Виргиния штаатын сирдэригэр Покахонтас диэн алгонкин индеецтар баһылыктарын 12 саастаах кыыһа билиэҥҥэ түбэспит англичанины, Джон Смиты, быыһыыр. Бу кэнниттэн хас да сылынан Покахонтас атын англичаниҥҥа кэргэн тахсыбыта, элбэх биллиилээх американецтар төрүттэрэ буолбута, ол иһигэр бэрэсидьиэн Рональд Рейган кэргэнэ Нэнси. Бэйэтэ Британияҕа ыалдьыттаан баран төннөн иһэн уоспа ыарыыттан 22 саастааҕар өлбүтэ.
? 1699 — (аан дойду оҥоһуллуутуттан 7208 сыл ахсынньы 19 күнэ) Петр I Юлиан халандаарыгар көһүү туһунан ыйаах таһаарбыт: «О писании впредь Генваря с 1 числа 1700 года, во всех бумагах лета от Рождества Христова, а не от сотворения мира».
? 1921 — Күн тахсыытыгар Амма улууһун Абаҕатын 200 киһилээх үрүҥ этэрээтэ төгүрүйбүт. Сэлиэнньэ иһигэр олорбут Е. Романченко хамандыырдаах 17 киһилээх кыһыл этэрээт 4,5 чаас тухары 4 атаканы тулуйбут, ол кэннэ үрүҥнэр чугуйбуттар.
? 1922 — түөрт сэбиэскэй өрөспүүбүлүкэ ССРС үөскүүрүн туһунан дуогабарга илии баттаабыттар (РСФСР, УССР, БССР, ЗСФСР).
? 1926 — Төмтөөн оройуона  тэриллибитэ, киинэ Якут диэн суол станциятыгар буолбута (1927 сыллаахха улуус киинэ Нагорнай бөһүөлэккэ көһөрүллүбүтэ).
? 1990 — Борис Ельцин Саха ССР Үрдүкү Сэбиэтин бэһис сиэссийэтигэр сылдьыбыт, соторутааҕыта биллэриллибит Саха ССР сүбэрэнитиэтин билинэрин туһунан официальнайдык эппит.
? 1997 — Хоҥ Коҥ грипп вирус ыарыытын тохтотоору, 1.25 мүлүйүөн кууруссаны өлөрөр.
? 2002 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнэ биир палааталаах буолбута, түмэҥҥэ быыбар буолан иккис ыҥыырыылаах дьокутааттар уурайбыттара, III ыҥырыы дьокутааттара эбээһинэстэрин толорууну саҕалаабыттара.
? 2008 — Дьокуускайга 2 поликлиника саҥа дьиэтин үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйбыттар.

? Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1913 — Иван Слепцов - Арбита (13.07.1943 өлб.) — XX үйэ бастакы аҥаарыгар олорон, айан-тутан ааспыт саха аатырбыт бэйиэтэ, тылбаасчыта.
▫️1941 — Абый нэһилиэгин Муҥурдааҕар Николай Соломов — 1998 с. Ил Түмэн бэрэстэбиитэллэрин палаататын бэрэстээтэлэ, Арассыыйа Федеральнай Мунньаҕын Сүбэтигэр Саха Сириттэн чилиэнэ, 2003—2005 сс. — Ил Түмэн үһүс ыҥырыытын бэрэстээтэлэ.

Өлбүттэр:
▫️1915 — Николай Эверстов (Сэрбэкэ) — Нам улууһун  Модутуттан төрүттээх Арассыыйа бастакы гильдиялаах атыыһыта, Дьокуускай куорат бочуоттаах гражданина. Кини үбүнэн Дьокуускайга уопсастыбаннай баан аһыллыбыта. Билигин бүүһэ Дьокуускай куорат 5-с оскуолатын тиэргэнигэр турар.
▫️1997 — Андрей Захаров  (18.08.1912 төр.) — өрөспүүбүлүкэ салайааччыларыттан биирдэстэрэ, 1943 сыллаахтан ВКП(б) Саха Сиринээҕи обкомун пропагандаҕа уонна агитацияҕа сэкиритээрэ. Кэлин тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччытынан үлэлээбитэ, РСФСР уонна Саха АССР Үрдүкү Сэбиэттэрин дьокутаатынан хаста да талылла сылдьыбыта.
▫️2000 — Владимир Иванов-Унаров (04.03.1937 төр.), саха искусствоведа, билим хандьыдаата, Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууhун чилиэнэ.
▫️2013 — Феодосий Донской  (1919 төр.), Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, суруналыыс, социолог-чинчийээччи. Кини Рейхстааг эркинигэр 1945 сыл ыам ыйын 8 күнүгэр суруйбут суруга 1946 сыллаахха "Огонек" сурунаалга бэчээттэммитэ.
▫️2017 — Лазарь Афанасьев - Тэрис — "Айыы Үөрэҕин" түһэ, тиэрминнэринэн дьарыктаммыт филология билимин хандьыдаата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.

? Бүгүн уонна туох ахтылларын манна сиһилии көр.

Сэҥээриктэ тал:
? – урут истибэтэхпин аахтым
? – урут истибиппин санаатым
?? – сэргээн аахтым

?  Биики Халандаар | Сурут

1 month ago
Биики халандаар ?
We recommend to visit

Group? @StickerssGroup
Feedback? @Feedbacksebot
Cute Stickers? @CuteStickery

Last updated 1 year, 3 months ago

Энг керакли видеоларни бизда топасиз?

Каналимиз Эркаклар ва Аёларимиз учун жуда фойдали?‍♂️?‍?

Янгиликлар бўлса юборинг биз каналга чиқар
Reklama: https://t.me/SIFATLIK_REK

Last updated 1 month ago

''Hello World''

Last updated 3 months, 1 week ago