По рекламе / сотрудничеству:
[email protected]
@exs_ad/ t.me/ExSCompany
Last updated 1 month, 2 weeks ago
📩 [email protected] +7 (919) 779-11-98 Кирилл Сёмин
Мой Rutube-канал:
https://rutube.ru/channel/31539567/
Last updated 1 month ago
“Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур” – олоҥхо 30 сыл аннараа өттүгэр хайдах туруоруллубутун ССРС култууратын туйгунун, РСФСР култууратын үтүөлээх үлэһитин, СӨ култууратын бочуоттах үлэһитин, култуура ветеранын Мария Андреевна Герасимова Сэҥээрэ ахтыытыттан ааҕын, сэргээн.
🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿
Олоҥхоһут И.Г.Теплоухов - Тимофеев төрөөбүтэ 155 сылынан, П.М.Решетников аатынан Чурапчытааҕы народнай театр төрүттэммитэ 55 сылынан, “Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур” олоҥхону сценаҕа туруоруу 30 сылынан.
Эрдэтээҕи көлүөнэ уус-уран самодеятельность кыттыылаахтара Хайахсыттар бу олоҥхону эрдэ быһа тардан туруора сылдьыбыттара, сурукка суруллар гынан баран, П.М.Решетников аатынан народнай театрга 1994 с. олоҥхоһут 125 сааһын көрсө туруорбуппут туһунан санаан ахтан ааһыахпын баҕардым. Ити сыл өрөспүүбүлүкэҕэ олоҥхо сыла биллэриллибитэ уонна И.Г.Теплоухов-Тимофеев 125 сыла улууска бэлиэтэнэр буолбута. Мин оройуоннааҕы культура дьиэтигэр уус-уран салайааччынан үлэлии сылдьарым. Оҕо сааһым өйдөбүлэ Чоппулуохап оҕонньор олоҥхото кинигэ буолан бэчээттэнэн Хайахсыкка олоҥхотун толорбут өрөгөйдөөх күннэрин 1957с. билэр буолан бу олоҥхону ааҕан, кылгатан пьеса курдук оҥорон толорбут киһи диэн санаа киирэн ииппит уолуттан П.К.Дорофеевтан кинигэтэ баар дуо диэн ыйыппытым. Прокопий Кузьмич биһиги народнай театырбыт быыһын биир бастакынан арыйсыбыт артыыспыт буолан айымньылаахтык үлэлии сылдьар кэмнэрэ этэ. Кинигэтин аҕалбытыгар көрөн баран салынным. 283 страницалаах обургу кинигэ, өссө нууччалыы тылбааһа кытта баар. 605 страница.1985 с. Москваҕа “Эпос народов СССР”серияҕа киирэн күн сирин көрбүт. Оччолорго олоҥхону ааҕа үөрэммэтэх буолан наһаа ыарырҕаппытым. 1957 с-ха 87-88 саастаах оҕонньор олоҥхону олоччу эт өйүнэн саҥаран-туойан олоҥхолообутун оччотооҕу көлүөнэ дьон сөхпүттэрин-махтайбыттарын оҕо сылдьан истибиппин, оҕонньор сүргэтэ көтөҕүллэн ис-иһиттэн сырдаан мичээрдии-мичээрдии сэһэргэһэн аргыый сэҥийэтин имэринэн чэйдии олороро харахпар көстөн кэлэр. Тыый, бу бэлэм суруллубуту хайдах кыайан кылгатар кыаҕа суохпунуй, аата сүрүн?- диэн бэйэбиттэн кэлэйэн, ис-санаам күүһүнэн, кулууп түбүктээх үлэтин кэнниттэн түүннэри дьаныһан олорон кылгатан түөрт хартыыналаан сценаҕа туруоруллар оҥорбутум. Олоҥхо бастакы чааһын ылбытым. Аны артыыстары сүүмэрдээһин буолбута. Туойан ыллыыр артыыһы көрдөөн балайда моһуогурбуппут. Иннокентимй Гурьевич хаан аймаҕын Федор Афанасьевич Тимофеевы уонна Герасимов Валерий Петровиһы олоҥхоһут оҥортообутум. Икки бастакытын Федор Афанасьевич, икки кэннники хартыынатын Валерий Петрович толорор буолбуттара. Кулун Куллустууру театрбыт саамай уһун уҥуохтаах артыыһын, ырыаһыт, электросеть үлэһитэ Егор Монастыревы, Ньургустай удаҕаны ырыаһыттар, иистэнньэҥ Валентина Манасытованы, повар Клара Кондратьеваны, Үрүҥ Айыы Тойону- врач, ырыаһыт Е.А. Марковы, Ытык Дьуорсун суруксуту - И.К. Дегтяреву, Кыыра Чохчой удаҕаны, культура үлэтин туйгуна, мелодистка М.Е.Васильеваны, барыта үҥкүүһүттэрдиин 40-ча киһи кыттыбыта. Абааһы уолаттара, кыргыттара бааллара. Сатыы олоҥхо диэн ааттаабыппыт. Тексин үксүн саҥара-саҥара туойан ылаллар. Тойуктарбытын-ырыаларбытын ким тугу сатыырынан бэйэ-бэйэлэрин үөрэтиһэн көр-нар бөҕө буолбуппут. Биир да улахан тойуксуппут суох. Аны сахалыы соннору, удаҕаттар, ойууннар таҥастарын булуу, абааһыларбыт уонна үҥкүүһүттэрбит, быһата ол оонньообут 40-ча киһибитин таҥыннарыы, сценическэй көстүүмнэрин соруга биир туспа кыһалҕа буолбута. Санаа хоту үп-харчы да суоҕа. Сөптөөх дьүһүннээх матырыйаал да көстөн биэрбэккэ моһуоктаабыта. Билиҥҥи курдук таҥас дэлэйэ суоҕа. Оччолорго бытовой комбинат баар буолан Ирина Никифорова салайар “Чурапчинка” иистэнньэҥнэрэ, сорох көстүүмнэрбитин Матрена Васильева, Акулина Ноговицына, Мария Феофанова, Майя Шеломова, Евдокия Местникова адьас кылгас кэм иһигэр күнүстэри-түүннэри иистэнэн, онтон мантан сиирэ-халты салҕанан, сороҕун костюмернайга баар таҥастары уларытан - тэлэритэн тигэн бүтэрбиттэрэ. Көрөөччүгэ тахсар күммүтүгэр И.Г.
Чурапчыбыт улууһугар олоҥхо күнүгэр аналлаах декадаҕа
И.Г.Теплоухов-Тимофеев “КУРУУБАЙ ХААННААХ КУЛУН КУЛЛУСТУУР” олоҥхото сценическай дьүһүйүү быһыытынан турарыгар бэлэмнэнии үлэтэ тигинэччи бара турар. Онтон бэлэмнэнии биир сүрүн хайысхата, сцена декорацията буолар, сценаҕа аныгылыы тылынан эттэххэ двух уровневай конструкция техническай өттүнэн эппиэттиир гына оҥоһуллунна. Бу оҥоһуллубут конструкцияҕа артыыстарбыт, хайдах сүүрэллэрин дуу, көтөллөрүн дуу дьүһүйүүнү көрө кэллэххитинэ эрэ көрөҕүт, олоҥхо көстүүлэрин анал саҥа уотунан- күөһүнэн киэргэтиэхтэрэ, соһутар да сэргэхситэр да өрүттэрэ үгүс буолуо диэн эрэннэрэллэр. Инникигэ сыһыаран эттэххэ Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур үс төрөппүт уолаттара, үс аҥы, үс дойдунан иитиллэн хайдах дьон сэргэ буолбуттара, хайдах майгылаахтара көрөөччүнү сөхтөрүө. Билиэттэр сотору кэминэн атыыланыахтара, солуннары салҕыы күүтүн.
#ЧурапчыУлууһунОлоңхоКиинэ
🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿
Чурапчыбыт улууһугар олоҥхо күнүгэр аналлаах декаданы ыытыы үтүө үгэскэ кубулуйан, быйылгы сылга киэҥ хабааннаах буолара торумнанар.
Олоҥхоҕо аналлаах научнай-практическай конференцияттан саҕалаан, төгүрүк остуоллар, быыстапкалар, куонкурустар, кинигэ сүрэхтэниитэ, дьоммутун - сэргэбитин түмүөхтэрэ.
Декада саамай улахан тэрээһининэн И.Г.Теплоухов-Тимофеев төрөөбүтэ 155 сылыгар аналлаах “КУРУУБАЙ ХААННААХ КУЛУН КУЛЛУСТУУР”олоҥхото сценическай дьүһүйүү быһыытынан туруоҕа.
Сценическай дьүһүйүү туох сыаллаах- соруктаах?, Хаһан торумнаммытай?, Хантан үбүлэнэрий?- диэн үгүс киһини интириэһиргэтэрэ буолуо.
Чурапчыбыт үйэттэн- үйэҕэ бэриллэн испит үгэстэрэ, норуот уус- уран тылын күндү баайа, 287 сурукка киирбит олоҥхоһуттарбыт, олоҥхолорун тилиннэрии, үөрэтии, туруоруу, суруйуу, сайыннарыы, кэнчээри ыччаттарбытын олоҥхо тылынан- өһүнэн, уус-уран айымньыбытынан, фольклорбутунан, культурабытынан ииттэхпитинэ, ыччаттарбыт төрүт үгэстэрин үчүгэйдик билэр буолуохтара, инники олохторугар тирэхтээх, кыахтаах, үрдүк культууралаах, өйдөөх-санаалаах, билиилээх-көрүүлээх буолууларыгар норуоппут нэһилиэстибэтэ тирэх буолуоҕа диэн, 2023 сыл түмүгэр улууспут баҺылыга Степан Анатольевич Саргыдаев, саха биллиилээх олоҥхоһута И.Г.Теплоухов-Тимофеев төрөөбүтэ 155 сылыгар "КУРУУБАЙ ХААННААХ КУЛУН КУЛЛУСТУУР”олоҥхотун сценическай дьүһүйүүтүгэр харчы көрөн, быйыл 2024 сылга, олоҥхо декадатыгар сүрүн уонна солун хамсааһынынан буолара күүтүллэр.
#ЧурапчыУлууһунОлоңхоКиинэ
«Симэх» национальнай киин Далбар Хотуна үбүлүөйдээх сааһын бэлиэтиир
Бүгүн, о.э. сэтинньи 15 күнүгэр, Дьокуускай куоракка СР бырабыыталыстыбатын 2 нүөмэрдээх дьиэтин актовай саалатыгар норуот уус-уран оҥоһуктарын "Симэх" национальнай киинин салайааччыта, Россия уонна Саха сирин культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо Яна Викторовна Игнатьева үбүлүөйдээх сааһыгар анаммыт айхаллаах тэрээһин буолла. Чурапчы улууһуттан култуура салалтатын салайааччыта Петр Егорович Гуляев, Олоҥхо киинин салайааччыта Дмитрий Дмитриевич Попов, "Ай" студия үлэһиттэрэ Сусанна Дмитриевна Дьячковская, Муосчут кыыһа Айылгы Пинигина, СР норуот маастара, тимир ууһа Василий Степанович Попов-Бааха Уус, СР норуот уус-уран оҥоһуктарын маастара, ювелир Гаврил Гаврильевич Николаев кыттыыны ыллылар. "Чурапчы улууһун бочуоттаах ветерана" бэлиэни уонна улуус култууратын үлэһиттэрин махталларын бэлиэтин - УБАҺА - мэктиэ суругун туттардылар. Тэрээһин СР култууратын миниистирэ Афанасий Иванович Ноев эҕэрдэтиттэн саҕаланна. Саха норуотун уус-уран оҥоһуктарын аан дойду таһымыгар таһаарбыт, норуот маастара сокуонунан көмүскэллээх буолуутугар сүҥкэн кылаатын киллэрбит республика биир бөдөҥ салайааччытын аатыгар үгүс үтүө тыл, барҕа баҕа санаа ананна.
Пинигина А.М.к., "Ай" норуот студиятын специалиһа
🍃🍃🍃 Күндү Чурапчы улууһун олохтоохторо, сахалыы ырыаны сэҥээрээччилэр! 🍃🍃🍃
Сэтинньи 8 күнүгэр, киэһэ 18ч.00м уонна 20ч.00м. “Айылгы” НАДь сценатыгар 🪩“ИСТИҤ ИЭЙИИ СЫРДЫК ТҮҺҮЛГЭТЭ”🪩 Виталий ОЧИРОВ 20 сыллаах айар киэһэтигэр ЫҤЫРАБЫТ!
Көрөөччүм- кынатым
Истээччим- тирэҕим
Сэҥээрээччим-эркиним
Биһирээччим -бигэ туругум
Көмүс түгэнин мүччү тутума, Виталий Очировтыын алтыһар сырдык түһүлгэни куоттарыма! Киирии: 1000 солк. Онлайн касса: https://aiylgy.ru/ Касса номера: 89248738658
Сэтинньи 1️⃣3️⃣ күнүгэр 1️⃣1️⃣ чаастан оройуоннааҕы «Айылгы» норуот айымньытын дьиэтигэр сахалыы норуот ырыаларын көрүҥнэрин үөрэтэр (таҥалай, хабарҕа, мурун ырыаларыгар) маастар-кылааска бука барыгытын ыҥырабыт!
⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️
Маастар-кылааһы ыытыахтара:
А. Д. Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы культура уонна искусство колледжын төрүт культура салаатын уһуйааччылара Сардаана Васильевна Харитонова уонна Галина Анатольевна Лыткина
б/т 89245676453
☀Күндү 🏢Чурапчы улууһун 🏠олохтоохторо уонна ыалдьыттара! ☀
❄Сэтинньи ый 4️⃣ күнүгэр
🇷🇺Сомо5олоһуу күнүн бэлиэтиир 🇷🇺
💥“БИҺИГИ КҮҮСПҮТ СОМО5ОЛОҺУУГА”💥
🎤э5эрдэ кэнсиэргэ ыңырабыт!
кыттыыны ылаллар:
🕺“Дайан”үңкүү ансаамбыла
💃🏻“Дьиэрэңкэй” о5о үңкүү ансаамбыла
🕴🏻🕴🕴“Ыллыыр ыччат” ырыа ансаамбыла
👫О5о искусство оскуолатын үөрэнээччилэрэ
🎤Сардаана Приходько
🎤Варя Орлова
🎤Матрена Пермякова
🔊уо.д.а
Бу киэһэ Эһиги болҕомтоҕутугар Чурапчы нэһилиэгин ТОСтарын икки ардыларыгар араас омук бүлүүдэлэригэр күрэх ыытыллар! 🏛Буолар сирэ “Айылгы” Оройуоннаа5ы Норуот Айымньытын Дьиэтэ
🕓Киэһээ 1️⃣6️⃣:0️⃣0️⃣ чаастан
➡Киирии босхо
*🇷🇺Кэлин, сылдьын, биһигини кытта биир сомо5о буолун!*
По рекламе / сотрудничеству:
[email protected]
@exs_ad/ t.me/ExSCompany
Last updated 1 month, 2 weeks ago
📩 [email protected] +7 (919) 779-11-98 Кирилл Сёмин
Мой Rutube-канал:
https://rutube.ru/channel/31539567/
Last updated 1 month ago