Гаражный движ 👩🔧
По вопросам рекламы и сотрудничества - [email protected]
Last updated 5 days, 20 hours ago
Балаҕан ыйын 12 күнүгэр Петр Алексеев аатынан уулуссаны сабыахтара
Ол курдук, балаҕан ыйын 12-тэн 09:00 чаастан балаҕан ыйын 14 күнүгэр 22:00 чааска диэри тырааныспар сырыытын хааччахтыахтара.
Этиллибит күннэргэ 5-с уонна 15-с нүөмэрдээх оптуобустар атын маршрутунан сүүрүөхтэрэ.
?«Саҥа күн»: оҕоҕо чөл олоҕу көҕүлээһин
Оҕо бырааһа Эмилия Токоемова уонна оҕо уйулҕатын бырааһа Люция Матчитова оҕо чөл сылдьарыгар анаан хайдах көрөрү-истэри төрөппүккэ сүбэлииллэр.
?Илиҥҥи экономическэй форум толору бырагыраамата таҕыста
Ол курдук, «Илиҥҥи экономическэй форум-2024» (ВЭФ) сайтыгар толору дьыалабыай бырагыраама таҕыста.
Форум балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр Владивостокка Уһук Илиҥҥи федеральнай университет кампуһугар ыытыллыаҕа.
Тэрийээччи: «Росконгресс» фондата.
Быйылгы ВЭФ сүрүн тиэмэтэ — «Дальний Восток – 2030. Объединим усилия, создавая возможности».
Дьыалабыай тэрээһиннэр сэттэ блокка арахсан ыытыллыахтара: «Новые контуры международного сотрудничества», «Технологии независимости», «Финансовая система ценностей», «Россия дальневосточная», «Люди, образование и патриотизм», «Транспорт и логистика: новые маршруты» уонна «Мастер-планы: от архитектуры к экономике».
Ону тэҥэ форум бырагырааматыгар Кытайтан, Индияттан уонна АСЕАН дойдуларыттан сылдьар урбаанньыттары кытта биисинэс-диалогтар киирсэллэр.
Ону таһынан, ВЭФ арыллыытын күнүгэр норуоттар икки ардыларынааҕы «День сокола» форум иккис төгүлүн ыытыллыаҕа.
Балаҕан ыйын 3-8 күннэригэр Уһук Илин регионнара «Уһук Илин уулуссата» быыстапкаҕа бэйэлэрин ситиһиилэрин үгэс быһыытынан көрдөрүөхтэрэ.
https://nvk-online.ru/new/ili-i-ekonomicheskej-forum-toloru-byragyraamata-ta-ysta/
Гаражный движ 👩🔧
По вопросам рекламы и сотрудничества - [email protected]
Last updated 5 days, 20 hours ago