Гаражный движ 👩🔧
По вопросам рекламы и сотрудничества - [email protected]
Last updated 3 Wochen, 5 Tage her
УУСтан сонуннар.
Саха тустуута бүгүн-2
Алтыс кылааска физкультурабыт учуутала Николай Павлович Кэрээкин диэн киҺи буолла. "Тустууга успуорт маастара үҺү" диэтилэр. Туста таҕыстаҕына көрдөххө уурбут-куппут курдук уҥуохтаах, чочуйан оҥоҺуллубут курдук эттээх-сииннээх, куруппааскы курдук маҥан эттээх, киҺи эрэ кэрэхсии көрөр уол оҕо уҺуктааҕа. Көбүөргэ сүүрэн таҕыста да, үтүҺэ-анньыҺа сылдьыбакка, дөйөн турбакка, уҥа-хаҥас мельницалаан субурутан, өттүктээн кылбаҥнатан барар.
Биирдэ физкультура уруогун бүтүүтэ:
-Уолаттар, ким баҕалаах тустууга суруйтарыҥ. Аны саас ырбаахыгытыгар баппат былчыҥнаныаххыт,- диэтэ.
Кылаастан маҥнай хас да буолан барбыппыт эрээри аҕыйах эрчиллии кэнниттэн Дабыыдап Куола биҺикки эрэ ордон хааллыбыт.
Секциябытыг
ар нэдиэлэҕэ иккитэ сылдьабыт. Хас да курууппа баар. Олору тренербит нэдиэлэ күннэринэн араартыыр. Үчүгэй аҕай тустууктарбыт Васильев Сэмэн, Арбыкин Алик, Сэмиэнэп Юрка - Бодоппуут, Александров Үстүүн уо.д.а. бааллар. АтаҺым Куола өр буолбата, баардаах баара өттө, быччыҥ - иттэ буолан күүҺүрэн уоҕуран барда. Онуска үөрэнэ сылдьан аатырбыт Альберт Сахаараптыын тэҥҥэ анньыспыта, хапсаҕайга Манчаары оонньууларын оҕолорго чөмпүйүөнэ буолбута. Мин курдук мөлтөх тустуук биир эмэ. Сылайабын ахан, эрчиллииттэн этим-сииним аҺара көҺүйэр. Ардыгар, сүрэҕэлдьээн, секциябар нэҺиилэ барабын. Дьэ ол гынан баран секцияҕа суруйтарбыт сааппар өсөҺө - өсөҺө сылдьа сатыыбын даҕаны, хомойуом иҺин ол да саас, эҺиилигэр даҕаны "быччыҥым ырбаахыбар баппат" буолаахтаабатаҕа. Оннук сэттиҺи бүтэриэхпэр диэри көтүппэккэ сылдьыбытым. Онон миэлиҥсэ, вертушка, өттүк, накаат диэн истэн эрэ билэр тылларым буолбатах диэн, кыратык да буоллар, дэбдэнэ түҺүүм.
Туох да таах хаалбат. Николай Павлович секциятыгар эрчиллибитим, кини оскуолатын ааспытым, бэйэтин кумир оҥостубутум олохпор элбэҕи биэрбитэ, ардыгар быьаччы да туҺалаабыт түгэннэрэ баар.
Сэттис кылааҺы бүтэрэн баран, Михаил Андреевич тэрийиитинэн Новосибирскай Академгородогар физмат оскуолаҕа үөрэнэ барбытым. Онон көҥүл тустуунан дьарыктаныым тохтообута.
Кэлин учууталым Николай Павловичтыын "саха туҺугар" диэн общественнай үлэҕэ уҺуннук бииргэ үлэлээбиппит. Биирдэ учууталым биир интириэҺинэйи быктаран турар, ону кэпсээн ааҺыым. Баҕар ҮөҺээ Бүлүү саастаах бөҕөстөрө сэргии ааҕыахтара. Биирдэ Ньукулай Павлович сөҥ куолаҺынан этэн турар: "Ваня, ҮөҺээ Бүлүүгэ тустууну улаханнык сайыннарар кыах баар этэ, уолаттар да бааллар этэ. Ол гынан баран оҕонньорго мэҺэйдээмээри күүскэ ылсыбатаҕым".
Оҕонньор диэн Михаил АндреевыҺы этэр.
Уйбаан Самаайап, балаҕан ыйын 28 күнэ, 2024 с
Борис Павлов олус дьикти хоҺоону айбыт. Мин санаабар бу хоҺоон элбэх саха киҺитин дууҺатын кылын таарыйыа.
ААЛЫЫ АЛТАН БИҺИЛЭХ
Туман түспүт ньуолах түүтүн
Былаат курдук эринээр,
Күнү көрсө ууга киирэн
Тыыга миигин кэтэһээр.
Сүүрүк хоту, долгун хоту
Олох устун устуохпут,
Кэлэр кэмтэн алгыс көрдүү
Илиибитин уунуохпут.
Сүүрүк тыла - саха тыла
Хатыҥ чараҥ аймаҕа,
Сыыһа туттуоҥ- таптааҥ кээһиэҥ
Дууһа кылын аймыаҕа.
Мичик гына, имниин кыыһа
Сэбэрэҕин көрүнүөҥ,
Дьэҥкир ууга көстөн кэлиэ
Тоҕус дьоллоох өбүгэҥ.
Этиэҥ миэхэ «маннык көстүү
санаа курдук кэбирэх»,
Ыйтан түһүө, кылыр гыныа
Аалыы алтан биһилэх.
Иитин курдат киинэ курдук
Дьылҕа уота көстүөҕэ,
Тыалтан үргэр туман курдук
Саарыыр санааҥ сүтүөҕэ.
Айыы тыла, алгыс тыла
Үрдүк халлаан уруута,
Киһи буолар саха дьоло
Саамай бастыҥ
үөрүүтэ.
Борис Кэм
ХРОНИКА РЕФОРМЫ РОССИЙСКОГО МСУ-1
После более двухгодичного перерыва стартует продолжение политического детектива «Реформа российского МСУ». Призываю всех, кого волнует будущее страны и республики, вникнуть в суть происходящих событий, выработать свое мнение, лучше позицию, а по возможности принять участие и пытаться реализовать свою позицию.
Нюансы первого этапа
Первый этап принятия законопроекта Клишаса-Крашенинникова (КК) состоит из следующих дат: проект поступил в госдуму 16 декабря 2021 года, на другой день обсужден в профильном комитете, 25 января 2022 года прошло первое чтение, второе было запланировано провести через месяц. Как известно, 22 февраля началась СВО. Видимо по этой причине второе чтение было перенесено на неопределенный срок. Также был перенесен на 20 мая 2022 года последний день приема поправок.
Что здесь удивляет? Многие заметили, что почему-то законопроект рассматривали не в комитете по региональной политике и местному самоуправлению, а в комитете по государственному строительству и законодательству. Если профильному комитету по местному самоуправлению (МСУ) не доверяют обсуждение законопроекта по реформе МСУ, то почему такой комитет вообще создавали? Значит, надо полагать, комитет по регполитике и МСУ менее удобен для проведения законопроекта нежели комитет, где председательствует П. Крашенинников? Значит, те силы N, которые проталкивают этот законопроект, понимают, что поставили перед собой непростую задачу и вынуждены выбирать подходящий комитет, который, на их взгляд, может справиться с этим.
Интересны даты «дорожной карты» проведения законопроекта. Можно ли допустить, что силы N не знали о готовящейся СВО? Мне это кажется маловероятным. Наоборот они, возможно, знали даже приблизительную дату начала СВО, и пытались провести второе чтение до этого срока. Тогда становится понятной невероятная спешка, которая сопровождала этот законопроект: 16 декабря вносится в госдуму, а на другой день проходит обсуждение в комитете. Несмотря на новогодние каникулы первое чтение планируется на 26 января, затем переносится на 25, и т.д. Но их расчеты не оправдались – СВО началась на три дня раньше.
Конечно же, мы не зацикливаемся на одном варианте. Как люди здравомыслящие, теоретически допускаем, что силы N знать не знали о готовящейся СВО, а схожесть дат всего лишь совпадение.
Иван Шамаев
15.10.24 г.
Г.М.Артемьев туҺунан Таатта учууталын ахтыыта.
Георгий Михайлович Артемьев барахсан дьоһуннаах салайааччы этэ. 1991 сыллааҕы выпустарбын соҕуруу Москва-Ленинград күүлэйдэтэ илдьээри, сааскы каникул кэмигэр турфирматтан путевка атыыласпытым, кинилэр автобуһунан оҕолору Ытык Күөлтэн көтүөх иннинээҕи күммүтүгэр кэлэн ылыах буолбуттара. Онон эрдэ Харбалаахтан айаннаан, болдьоспут сирбитигэр гостиницаҕа олорон автобуспутун күүт да күүт. Суох да суох, тэрилтэбитигэр эрийбиппитин бэҕэһээ барбыт буолуохтаах дииллэр.
Иккигэ дылы кэтэһэ сатаан баран, ыксаан оройуонум салалтатыгар тиийдим. Мин дьолбор, В.Х. Кашкин, Г.М. Артемьев иккиэн бааллар эбит. Баар балаһыанньаны кэпсээтим, Василий Хрисанфович төбөтүн быһа илгистэн баран мөхтө:"Хайдах, саатар, Ытык Күөлтэн да сатаан тахсыбакка сылдьан, хайдах оҕолору соҕуруу илдьэ бараары гынаҕын?"-диир, этэр эттэҕинэ, кырдьыга да оннук буоллаҕа дии...
Мин хараҕым уута халыс гына түстэ...
Онтон Георгий Михайлович наһаа аһыммыт хараҕынан көрөн баран, эттэ:"Ыксаан, көмө көрдүү кэлбит дьону наһаа мөҥүмүөххэ, хайдах көмөлөһөрү толкуйдуохха,"- диэтэ уонна Маҥан пуордун начальнигар эрийдэ. Кэпсэттилэр, онтон миэхэ ыстакааҥҥа уу кутан биэрдэ уонна эттэ: "Валентина Семеновна, уоскуй, билигин 4 Ан 2 самолету ыытыах буоллулар, маннааҕы автобуһу кэпсэтиэм, Мойуонаҕа киллэртээн биэриэ. Оҕолору сайыннара хорсуннук ылсан, баран эрэргин хайгыыбын, үчүгэйдик сылдьан кэлиҥ!"- диэтэ. Хаһыска төннөрбүтүн ыйыталаста, кэлэргитигэр самолету кэпсэтиэм диэтэ. Автобуһунан пуорка киирдибит. Киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук, 4 самолет утуу-субуу көтөн кэлэн, куоракка сөбүнэн тиийдибит, Сарсыарда 7-ҕэ Москубаҕа көттүбүт. Бэркэ күүлэйдээн, элбэҕи билэн-көрөн, төннөн кэлэн, Маҕаҥҥа киирбиппитигэр диспетчер тута: "Эһиги тускутугар оройуоҥҥут салалтата кыһаллан, кэпсэтии ыыппыта, сүрүн рейстэр толоруллан бүттэхтэринэ, көтүтүөхпүт",- диэтэ. Ол күн дьиэбитин этэҥҥэ буллубут.
Бу кылааһым оҕолоро ол баран кэлбиттэрин олохторун биир дьоллоох түгэнинэн ахталлар, саныыллар.
Оттон мин Георгий Михайловиһы оччолорго да убаастыырым, ити түгэн кэнниттэн наһаа сүгүрүйэр, ытыктыыр, билиҥҥэ диэри улахан махталынан ахтар салайааччым, киһи кэрэмэһэ буолар. Быдан дьылларга бырастыы, таатталарга дьиҥнээх ааппытын туруулаһан, төннөрбүт, бар дьон туһугар кэскиллээҕи эрэ толкуйдаан үлэлээбит муударай салайааччыбыт!
СӨ үтүөлээх учуутала Валентина Семеновна Кривошапкина
Е.П. Жирков:
Илон Маск прорыв оҥордо!
Аан дойдуга саамай улахан, саамай ыарахан ыйааһыннаах космическай ракета- носитель ( 250-150 туонна таһа5аһы космоска, о.э. Ыйга дуу, Марс планета5а дуу тиэрдиэн сөптөөх космическай транспорт саҥа көрүҥүн ) бэйэтэ маннык сабыс саҥа ньыманан сиргэ түһэрин Илон Маск илэ- бааччы СИТИСТЭ. Улахан температураны уйар аналлаах тимир вышка икки ытарчатынан хап гынан хабан ылар техника, технология УРАТЫ көрүҥүн Илон Маск сатаан тобулбут, сатаан олоххо киирэрин бу ситистэ.
Маннык ньыманан Сиргэ төттөрү түһэр сүүнэ космическай РАКЕТА- НОСИТЕЛЬ элбэхтэ туттуллар ( многоразовай ) буолар буолла . Дьэ диэ ... бүттүүн киһи-аймахха хайдахтаах сө5үмэр ситиһииний ...
Сөхпүтүн суруйда Дьөгүөр Суркуоп.
Алтынньы 14 күнэ 2024 с
Общественнай палатаҕа кэлбитим 15.00 буолуохтаах мунньаҕы правительство дьиэтигэр 14 чаас 15 мүнүүтэҕэ көҺөрбүттэр.
Французские офицеры связи были замечены во время фотографирования советской колонны в Восточной Германии, пока ЗИЛ-131 не преградил им путь, но им удалось уйти. Предположительно 1980-е
гг.
Нобелевская премия по физике присуждена исследователям Джону Хопфилду и Джеффри Хинтону за фундаментальные открытия и изобретения, обеспечивающие машинное обучение с помощью искусственных нейронных сетей.
Министерство бэрэстэбиитэлэ эттэ.
Гаражный движ 👩🔧
По вопросам рекламы и сотрудничества - [email protected]
Last updated 3 Wochen, 5 Tage her