Сунтаар улууһун аҕа баһылыга А.В. Григорьев көҕүлээһининэн, Сунтаар улууһун дьокутааттарын Сэбиэтин мунньаҕынан бигэргэтиллэн, 2025 сыл Сунтаар улууһугар Саха АССР искусстволарын үтүөлээх деятелэ, РСФСР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, норуот ырыаһыта, олоҥхоһут Сергей Афанасьевич Сибиэрэп— Кыыл Уола сылынан биллэрилиннэ.
Ол чэрчитинэн өрөгөй ырыатын хоһоонугар кэтэхтэн күрэс ыытыллар.
Тэрийээччилэр: «Сунтаар улууһа (оройуона)» МТ дьаһалтата, Сунтаар улууһун култууратын уонна айылгытын салалтата, Л.А.Попов аатынан Сунтаардааҕы киин бибилэтиэкэ ;
Уопсай балаһыанньата:
Сыала:
С.А. Сибиэрэп-Кыыл Уолун аатын үйэтитии.
Айар-суруйар дьоҕурдаах дьону, саңа ааттары арыйыы, айар талааннары өйөөһүн;
Айымньы тиэмэтэ:
С. А.Сибиэрэп-Кыыл Уолун сылыгар аналлаах өрөгөй ырыаҕа сөп түбэһэр айымньы буолуохтаах.
Ирдэбиллэр:
• Күрэскэ 18 сааһыттан үөһэ дьон кыттыыны ылар;
• Кыттааччы 1 хоһоонунан кыттар;
• Айымньы көмпүүтэргэ (WORD) Times New Roman 14 кээмэй, 1.5 интервалынан бэчээттэммит буолуохтаах;
• Кыттааччы толору аата, дьаралык аата, төрөөбүт сыла, аадырыһа, телефона булгуччу толору ыйыллыахтаах;
• Айымньы атын дьон ааптарыскай быраабын кэспэтин ааптар бэйэтэ мэктиэлиир.
Айымньыны тутуу болдьоҕо:
Ахсынньы 28 күнүттэн тохсунньу 8 күнүгэр диэри [email protected] электроннай почтаҕа ыытаҕыт.
Күрэс түмүгэ тохсунньу ый 21 күнүгэр саҥа сылы арыйыыга биллиэ.
Кыайыылаах айымньыта 2025с. Сунтаар улууһугар С.А.Сибиэрэп-Кыыл Уолун сылын өрөгөй ырыатынан буолуо.
Кыттыан баҕалаахтар бу нүөмэрдэргэ эрийэн билсиң;
89142677617 - Мария, 89142812275 - Саргылана
СВО кыттыылаахтарыгар, дьиэ кэргэттэригэр аналлаах тэрээьинцэ Сууйуулээх оонньууга Анатолий Васильевич туруорбут бирииьин Степан Афанасьевич тутта.
Мария Валентиновнаҕа истиҥ эҕэрдэ! Волонтерскай хамсааҺыҥҥа кылаатын иҺин улуус баҺылыгын махтал суругунан наҕараадаланна!???
Элгээйигэ 39 төгүлүн ыытыллыбыт "Тымныы Моруос оҕонньор" бирииһигэр дуобакка күрэстэн фоторепортаж
Саха литэрэтиирэтин төрүттээбит суруйааччылартан биирдэстэрэ, бастакы комедиограф, талааннаах драматург Николай Денисович Неустров төрүөбүт күнүгэр аналлаах тургутукка кыттыҥ.
?????
Сиһилии бу сигэнэн киир.
⬇️⬇️⬇️
https://elgay.sunlibrary.ru/?p=826
"САХАПЕДАГОГ" бырайыак чэрчитинэн, АНО ДПО ЦИП "УЛЫБКА" ахсынньы 15 күнүгэр, 2 чаастан ПРАКТИКУМ “ҮӨРЭХТЭЭҺИН ЭЙГЭТИГЭР ВИДЕОНЫ УСТУУ ОЛУКТАРА” ыытар.
ТУОХХА ТУҺАЛААҔЫЙ? Кэм тэтиминэн, уһуйаан, оскуола сүрүн ситиһиилэрин көрдөрөр биир көрүҥүнэн - конкурстарга кыттыы буолар. Конкурстар үксүлэрэ онлайн, видеонан ыытыллаллар, онон видеоны сөпкө, хаачыстыбалаахтык устуу, таҥыы биир сүрүн ирдэбилинэн турар. Профессиональнай күрэхтэргэ визитканы, музыкальнай клиптары, роликтары, хоһооннору уо.да. продукталары устан кэтэхтэн кыттыы биир сүрүн хайысха буолла.
КИМИЭХЭ ТУҺААЙЫЛЛАРА: Практикум уһуйаан иитээччилэригэр, оскуола учууталларыгар, музыкальнай салайааччыларыгар, эбии үөрэхтээһин педагогтарыгар туһаайыллар. Ыытааччылар үлэлэрин уопутун билиһиннэриэхтэрэ, сүбэлиэхтэрэ уонна программаны хайдах баһылыырга сүрүн хаамыылары көрдөрүөхтэрэ.
КИМ ЫЫТАРЫЙ: Музыкальнай салайааччы Матрена Пермякова уонна "Тиһилик" телестудия салайааччыта Мария Саввина
ПРАКТИКУМҤА ТУГУ ГЫНАБЫТЫЙ? Устуу сүрүн соруктарын билсэҕит, Movavi программаны компьютергытыгар туруорунаҕыт, ыытааччыны кытары тэҥҥэ оҥорорго холоноҕут.
ТӨЛӨБҮРЭ: 2000 солк, манна киирэр программаны туруорунуу ссылката, онлайн-практикум, урок ссылката.
Үөрэниэн баҕалаахтар бу ссылканан киирэргитигэр. https://chat.whatsapp.com/D1PfFuef8xrGcXrN1UVpjh