Василий Аммосов

Description
Глава МР "Усть-Алданский улус (район)" РС(Я)
Advertising
We recommend to visit

Last updated 2 months, 2 weeks ago

пропонуйка: https://t.me/kaskaeb_bot
Канали-побратими: https://t.me/addlist/ImjzESj88qBkNThi

Last updated 1 week ago

Last updated 2 months, 1 week ago

3 weeks, 3 days ago
Ис дьыала Министиэристибэтин Уус Алданнааҕы салаатын

Ис дьыала Министиэристибэтин Уус Алданнааҕы салаатын
бары үлэһиттэрин, араас сылларга үлэлээбит бэтэрээннэрин бүгүҥҥү идэлээх күҥҥүтүнэн улууспут дьонун-сэргэтин, салалтатын аатыттан
эҕэрдэлиибин!

Ис дьыала уорганнарыгар сулууспалааһын хайа да кэмҥэ олус үрдүктүк сыаналанара, бирисээгэҕэ, Ийэ дойдуга бэриниилээх, дьоҥҥо-сэргэҕэ ханнык баҕарар уустук, ыарахан түгэҥҥэ көмөҕө кэлии, дойду интэриэһин бастакы уочарат көмүскээһин чаҕылхай холобурунан буолар.

Эһиги эр санаалаах, күннэтэ дьоммут-сэргэбит нус-хас олороллорун хааччыйар, араҥаччылыыр, хайа баҕар түгэҥҥэ көмөҕө кэлэр, түүнү-күнүһү аахсыбакка сыралаах үлэҕит иһин махтал тылларбын тиэрдэбин!

Хас биирдиигитигэр уонна чугас дьоҥҥутугар этэҥҥэ буолууну, чэгиэн туругу, үлэҕит-хамнаскыт үтүө түмүктээх, үрдүк ситиһиилээх буоллун диэн баҕа санаабын аныыбын.

https://t.me/ammosov68

3 weeks, 6 days ago
Василий Аммосов
3 weeks, 6 days ago
**Анал байыаннай дьайыыга Ийэ дойдубут туһугар …

**Анал байыаннай дьайыыга Ийэ дойдубут туһугар туруулаһа сылдьар биир дойдулаахтарбытын өйүүр үлэ тиһигин быспакка ыытыллар.

Ол курдук, улуус "Эрэл" пуондатын үбүлээһининэн мотоцикл уонна квадроцикл ылылынна. Мотоцикл снайпер уолга бүгүн анал байыаннай дьайыы буола турар сиригэр тиийдэ. Квадроцикл бүгүн айаннаата. Биир дойдулаахтарбыт бойобуой сорудаҕы толороллоругар бу техникалар төһүү көмө буолуохтара.

Маны таһынан, улуус бөлөҕө анал байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарбытыгар гуманитарнай көмө оҥоро бу ыйга айанныаҕа.

Улууспут олохтоохторугар, тэрилтэ үлэһиттэригэр көмөҕүт өйөбүлгүт иһин улахан махталбын тиэрдэбин!**

1 month ago

Күндү биир дойдулаахтарым!

Эһигини "Уус Алдан улууһа" муниципальнай оройуон дьаһалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Өссө XVII үйэ саҕаланыыта Минин уонна Пожарскай салалталарынан тэриллибит народнай ополчение сэриилэрэ Польша интервеннэриттэн Москваны босхолообуттара. Ити сомоҕолоһуу түмүгэр ситиһиллибит норуот кыайыытын үйэтитэн, Россия Президенэ В. Путин анал Ыйааҕынан олохтоммут бэлиэ күнү, бүгүҥҥү көлүөнэ дьон бары бииргэ түмсэн бэлиэтиибит.

Биһиги араас итэҕэллээх, элбэх омуктаах республикабытыгар норуот сомоҕолоһуутун күнүн бэлиэтээһин бэйэ-бэйэҕэ иллээх-эйэлээх сыһыан салгыы олохтонуутугар, олох ыарахаттарын эрдээхтик туоратыыга, инникигэ эрэллээх, сайдыылаах буолуубутугар төһүү күүс.
Хаһан даҕаны, ханна даҕаны сомоҕолоһуу, биир санааҕа кэлии үтүө түмүктээҕэ итиннэ сытар, итинтэн көстөр.

Күндү биир дойдулаахтарым!
Эһиэхэ чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну баҕарабын!

Уус Алдан улууһун дьаһалтатын баһылыга Василий Аммосов

1 month ago
Василий Аммосов
1 month ago
Василий Аммосов
4 months ago
We recommend to visit

Last updated 2 months, 2 weeks ago

пропонуйка: https://t.me/kaskaeb_bot
Канали-побратими: https://t.me/addlist/ImjzESj88qBkNThi

Last updated 1 week ago

Last updated 2 months, 1 week ago