Традиционная культура саха🌿

Description
Канал о подлинной культуре народа саха.
We recommend to visit
Mash
Mash
3,143,254 @mash

Прислать новость, фото, видео, аудио, бересту: @in_mash_bot

Покупка рекламы: @marina_mousse

Помахаться и обсудить новости: @mash_chat

Регистрация в перечне РКН:
https://knd.gov.ru/license?id=6726d0b5db0c1931b12fc77f&registryType=bloggersPermission

Last updated 6 hours ago

Из России с любовью и улыбкой :)

From Russia with love and a smile :)

Chat - @ShutkaUm

@Shutka_U

Last updated 2 months, 2 weeks ago

Быстрее и интереснее всех про IT, диджитал и медиа.

Сотрудничество: @denmins

№ 4958286262

Last updated 2 weeks, 3 days ago

2 weeks, 6 days ago

Тохсунньу ый.

Тохсунньу - тымныы өрөгөйө, кыһын оройо. Ый саҕаланыытыгар, үгэс курдук, күнү уһатардыы былытырар. Тохсунньуга тоҥсоҕой маһы торулутар дииллэр. Тохсунньуга тураҕас сылгы күн уотугар туорайдыыр. Дьылдьыттар тохсунньу ыйы от ыйыгар сөп түбэһиннэрэллэр. Тохсунньуга тымныйдаҕына - от ыйыгар кураан буолар. Оттон хаардаах, былыттаах буоллаҕына, ардахтаах ыйы күүтэллэр. Былыргы сахалар ый үргэли кытта алтыһыытын көрөллөрө: үчүгэй дьыл буоларыгар тохсунньу 9 күнүгэр алтыһар. Кураан дьыл кэлэригэр хойутаан алтыһар. Ороһуоспаҕа (Сибээккэҕэ), былыргы итэҕэл этэринэн, сүлүкүүттэр оһох оттооччулара тахсаллар. Бу кэмтэн Кириһиэнньэҕэ дылы тымныйар. Сүлүкүүттэр оҕолоохторо Эргэ Саҥа дьылга (Баһылыайапка) тахсаллар. Тохсунньу 7 к., Ороһуоспаҕа, былыргы ыалга үөрүүлээх бырааһынньык, дьиэҕэ күөх от тэлгииллэр, күндү ас астанар, күөх окко оҕолор күөлэһийэ оонньууллар, улахаттар мааска кэтэллэр, ыалтан ыалга хардарыта сылдьыһыы буолар. Сүлүкүүн таҕыстаҕына бит-билгэ дэлэйэр. Сүлүкүүн иһиллииллэр, бүлүүһэ, остуол хаамтараллар, суоруна иһиллииллэр, сэргэҕэ хаар сиидэлииллэр, биһилэх көрөллөр. Бу кэмҥэ түһээбит түүл иччилээх, тойоннооһуна дьиҥнээх буолар, биттэммит бит туолар диэн этэллэр. Тохсунньу 14 к., Баһылайап үүнэр түүнүгэр халлаан сулустаах буоллаҕына, дьэдьэннээх, отонноох сайын буолара күүтүллэр. Ойбон томточчу тоҥноҕуна, саас үрэхтэргэ уу дохсуннук киирэр. Сарсыарда кыраһа түһэр, атырдьах, кыраабыл төбөлөрө кырыарар буоллаҕына, сайын от, бурдук үчүгэй үүнүүтүн күүтүөххэ сөп.
Тохсунньу 19 к. сарсыарда сүлүкүүттэр суолларын сабар хаар түһэр. Түүн ыттар элбэхтик үрдэхтэринэ, булт-алт дэлэй, көтөр-сүүрэр элбэх дьыла буолуохтаах.
Ый бүтэһик 31 күнүгэр - маҥнайгы Охонооһойоп. Сахалар кыһыҥҥы хонугу алтынньы 14 күнүттэн ааҕаллар. Маҥнайгы Охонооһойопко кыһын бастакы аҥарын тиһэх күнэ буолар. Дьыл оҕуһун аҥар муоһа тостор, күнүһүн дьыбар кыралаан тахсар. Эһэ арҕаҕар сытан эргийэр, ытыһын биирдэ саланар. Бу күн ыраас буоллаҕына - саас эрдэ кэлэр.

3 weeks ago

Саҥа дьылынан саҥардым,
Кэлэр дьылынан кэпсээтим,
Үөскүүр үйэнэн үөгүлээтим.
Саҥа дьыл
Саргыны салайдын,
Санааны көннөрдүн,
Эйэни тэниттин,
Эгэлгэни эргиттин,
Хараҥа санаа халбарыйдын,
Харыстаһыы хайыстын!

Алампа
1926

3 weeks, 2 days ago

Тойон кыыһа.
(Биир хаартыска туһунан)

1902 с. Евгений Пфиценмайер диэн палеонтолог Халымаҕа Березовкаҕа көстүбүт сэлии (мамонт) өлүгүн чинчийэ кэлэ сылдьыбыта. Кини сүрдээх уһун, эрэйдээх айаны айаннаан соругун сиппитэ. Биир үчүгэйэ диэн айанын кэмигэр сахалар, саха олоҕун туһунан элбэх бэлиэтээһини оҥорбута. Олортон бүгүн саха кэрэ кыыһын туһунан Дьааҥы улууһунан ааһан иһэн суруйбутун билсиэхпит.

"Сотору кэминэн аны өссө икки ындыылаах аппыт быстаран оҕуннулар. Онон дьаамсыктарым букатыннаахтык бууннаатылар - салгыы хардыы да барбаппыт диэн. Кинилэр этэллэринэн чугастааҕы дьаамтан саҥа аттары ылыахпытын наада.Слепцов сахалартан билбитинэн, айан суолуттан чугас биир дьадайбыт тойон огдообото олороро үһү. Кини биһиэхэ аттары биэриэн сөп диэммит айаҥҥа туруннубут: мин, Слепцов уонна сирдьит-саха.
Тиийбиппит улахан күөл аттыгар бэрт сэнэх балаҕан турара. Күөлгэ уонунан ахсааннаах арыы бөҕө көстөрө. Огдообо эмээхсин биһиэхэ аттары биэрэр кыаҕа суоҕун эппитэ - бырдахтан куоттаран хайаларга, үрдүк сиргэ ыыппыттар эбит. Биһиги төптөрү айаннаары гыммыппытын, хотун ыыппакка кымыс аҕалан иһэрдибитэ уонна сынньанарбытыгар эппитэ. Мин сирдьиппин, сөрүүн кымыһынан утаҕын ханнарбытын кэннэ, чугастааҕы дьаамҥа ыыппытым (мантан биир көстөөх сиргэ баара).
Онтон биһиги салгыы күндүлэнэ олорон эмээхсин кэпсээнин истибиппит. Кини ытамньыйан ыла-ыла хайдах баай-байылыат олохтон дьадаҥыга тиийбитин кэпсээбитэ. Табалара, сүөһүлэрэ чума уонна кэҥэрииһит ыарыыттан бараммыттар эбит. Ону тэҥэ кини уола уонна икки кыргыттара өлбүттэр. Эмээхсин ити курдук кэпсии олордоҕуна балаҕаҥҥа икки кыыс киирэн кэлбиттэрэ, биирэ - уон түөртээх, иккиһэ - уон сэттэлээх.
Кинилэр сыбыдах кэриэтэ этилэр. Эмээхсин сиэннэрэ эбиттэр. Суһуохтарыттан уу чоккуруура, түөстэригэр толору сымыытаах тымтайдаахтара. Онтуларын ситии быанан моонньуларыгар кэппиттэр этэ. Күөл арыыларыгар сымыыт хомуйа баралларыгар кинилэр, биллэн турар, элбэх таҥаһы кэппэтэхтэр этэ. Эбээлэрин кытта кэпсэтэ түһэн баран тымтайдарын ылан уурбуттара уонна чиэс маска ыйанан турар таҥастарын улахан тиэтэлэ суохтук кэппиттэрэ. Онтон улахан кыыс Слепцовтан туох сыаллаах-соруктаах сылдьарбытын ыйыталаспыта. Эмээхсин кыргыттар өссө да эргэ бара иликтэр диэн үҥсэргээбитэ. Дьадаҥы күтүөттэртэн бэйэлэрэ аккаастаналлар эбит, оттон баай күтүөттэр, энньэлэрэ кыра диэн (баара-суоҕа сэттэ сылгылаахтара, сүүрбэ аҕыс табалаахтара), ыйыппаттар эбит. Сахалар тапталынан ыал буолаллара сүрдээх сэдэх көстүү.
Эмээхсин биһиэхэ сымыыт буһаран биэрбитэ. Кус, хаас уонна куоҕас сымыыттара этилэр. Сахалар дьиэ көтөрүн ииппэттэр, ол эрэн күөл, өрүс таһыгар олорор буоланнар, көтөр сымыытын хото хомуйаллар уонна булуустарыгар ууран хаһааналлар.
Мин кыракый "кодак" аппараатым ыҥыырым сиэбигэр баара. Слепцов көмөтүнэн, улахан эрэйинэн, улахан кыыһы бу "аптаах дьааһык" иннигэр туран хаартыскаҕа түһэригэр сөбүлэҥин ылбыппыт. Мин этэммин мааны таҥаһын (бу сырыыга быыс кэннигэр) таҥныбыта. Кыра кыыс саспыт этэ уонна биһиги барыахпытыгар дылы көстүбэтэҕэ".
Ити курдук бу сүрдээх ыраас сэбэрэлээх, харааччы көрбүт былыргы дьадайбыт ыал кыыһа, аҕыйах кэм анараа өртүгэр арыыттан арыыга харбыы сылдьан сымыыт хомуйан кэлэн баран түспүт хаартыската эбит.

4 months, 3 weeks ago

Балаҕан ыйа.

Түүнэ тымныйар, сарсыарданан хаһыҥ түһэр. Оҕуруот астарын хомуйуу, хортуоппуйу хостооһун былдьаһыктаах күннэрэ. Ыаллар оторго, эбэтэр кыстык олохторугар көһөллөр. Сайылык иһэ кураанахсыйар. Ынахтар күһүҥҥү ачаҕа мэччийэллэр. Кыһыҥҥы олоҕу оҥостуу үгэнэ. Көтөрдөр сыыйа соҕуруу дойдуларыгар кыстыы бараллар. Бу дойдуга олохтоох кыыллар кыстык олохторун оҥостоллор. Норуот күһүҥҥү билгэлэрэ: балаҕан ыйыгар этиҥ эттэҕинэ - итии күһүн, мас көтөҕөтө түспэтэҕинэ - тымныы кыһын уонна уута суох саас, куобах эрдэ маҥхайдаҕына - хаар эрдэ түһэр о.д.а. Балаҕан ыйын 13-гэр Киппирийээн күнэ: туруйалар бадарааннарга, маардарга мусталлар, үөрдүүллэр итиэннэ соҕуруу көтөллөр. Бастаан хатыҥнар, талахтар, оттон тииттэр саһараллар, устунан бэрт кылгас кэмҥэ көмүс күһүн кэлэн ааһар. Балаҕан ыйын 14 к. - Сэмэнэп: от, бурдук хомуура бүтэр. Ыаллар кыстык олохторугар тахсан, саҥа сэлиэһинэй бурдугунан алаадьылыыллар. Ыраас күннэр тураллар. Дьахтар сайына эргийэр. Дьахталлар сайыҥҥы күүстээх үлэттэн сынньана түһэллэр, сууналлар-тарааналлар. Ол да буоллар түбүктээх үлэлэрэ бүппэт: кыстык бэлэмэ саҕаланар.
"Дьахтар сайынын" кэннэ хаас кыыдаана кэлэр. Хотуттан тымныы тыал үрэр. Киһи тоҥон дьагдьайа сылдьар күннэрэ үүнэллэр. Хатыҥнар, талахтар ордубут сэбирдэхтэрин тыал бурайар, тииттэр көтөҕөлөрүн ыраастыыр тымныы ардах түһэр. Хаастар үөһэнэн ааспыт дьылларыгар дьогдьоот күһүн буолар. Оччоҕо кыстык хаар түһүүтэ хойутуур. "Кумаар күһүн хойутаан тыҥкынаатаҕына - ичигэс күһүн күүтүллэр"-диэн билгэлииллэр. Балаҕан ыйын 27 к. - Иһийээнэп: эһэ арҕахха, моҕотой хороонугар киирэр. Ый бүтүүтүгэр көтөҕө түһэн бүтэр. Көтөҕө түспэккэ, маска бэйэтигэр хаалан олунньу, кулун тутар ыйдар тыалларын кытары хаар үрдүгэр түстэҕинэ, тыа хаарын эрдэ быһа сиэн, уута суох саас буолар. (И. Сосин "Төгүрүк сыл" суруйуутуттан)

4 months, 3 weeks ago
Традиционная культура саха🌿
5 months, 2 weeks ago

Былыргы уруу кэһиитэ.

1) Ат кэһиитэ - кэргэн кэпсэтэр эр киһи сулууга (халыымҥа) биэрэр убаһата.
2) Биһирэм кэһии - кыыс төрөппүттэригэр биһирэмнээн бэриллэр сүөһү.
3) Иһит кэһиитэ - сүөһүнэн бэриллэр халыым.
4) Көрдүүр кэһии - уол кыыһы сүгүннэрэригэр төрөппүттэрин сөбүлэҥнэрин ылар атыыта.
5) Күтүөт кэһиитэ - кэргэн ылар кыыһыгар ыалдьыттыыр иһин кыыс төрөппүттэригэр биир эмэ кыра сүөһүнэн бэлэх.
6) Кыыс кэһиитэ - сүктэр кыыс этинэн, дьэҥкир арыынан кэһиитэ. Былыр сүктэр кыыс кытыйатыгар, кытаҕар булгуччу ууллубут арыыны толору кутан ыыталлара. Баай кыыска 10-20 оннук кытаҕы, кытыйаны тэрийэллэрэ.
7) Оҕо оннугар көрөр кэһии - кыыс сүктэн барарыгар бэриллэр халыым сорҕото.
8) Сыарҕа кэһиитэ - кыыс төрөппүттэригэр күтүөт сылдьыбытын кэнниттэн ыытыллар эт.
9) Таҥара кэһиитэ - сүктэр кыыс килиэби, арыгыны таҥара мөссүөнүн кытта күтүөт дьиэтигэр аҕалар кэһиитэ.
10) Төргүү кэһиитэ - халыым элбэх өттүн биэрэргэ эбии кыра сүөһүнэн бэлэх.
11)Түҥүр (ходоҕой) кэһиитэ - күтүөт аймахтарга (кыыс эр дьонугар) кэһиитэ.
12) Улаҕа хаалар кэһии - сүөһүнү өлөрөн, этин буһаран дьоҥҥо-сэргэҕэ аһатар ас.
13) Уокка кэбиһэр кэһии - арыынан уонна буспут этинэн бэриллэр бэлэх. 14) Хоҥнорор кэһии - сүөһүнү өлөрөн түҥүрдэргэ, ходоҕойдорго түҥэтэн бэлэх биэрии.
15) Хоонньоһор кэһии - күтүөт буолар киһи ойоҕун бастаан хоонньоһоругар кыыс дьонугар илдьэр халыымын сороҕо (сүөһүнэн, эбэтэр этинэн).

6 months, 4 weeks ago

Саха итэҕэлэ: кымыска сыһыан.

1) Көөнньө турар кымыс аттыгар улаханнык айдаарар, кыыһырсар көҥүллэммэт. Ону тутуспатахха кымыс "төннүөн" сөп.
1) Алгыска ананар кымыһы ким да эрдэ испэт. Ыһыах алгыһа түспүтүн эрэ кэннэ иһэр көҥүллэнэрэ.
3) Алгыс кымыһын туҥуй (быйыл төрөөбүт) биэ үүтүттэн көөнньөрөллөр.
4) Кытарах (быйыл төрөөбөтөх) биэ үүтүттэн көөнньөрүллүбүт кымыһы алгыс (ыһыах) да иннигэр иһиэхтэрин сөп. Тоҕо диэтэххэ бу биэ үүтүттэн былырыын кымыс көөнньөрөн, Айыыларга анаан тураллар.
5) Кымыһы сиргэ тохпоттор. Аньыы. Ыһыах кэмигэр "эбир хамыйах" диэн хас да сиринэн оҥо эбэтэр дьөлө хаһыылаах хамыйаҕынан өрө ыһаллар. Айыыларга - үс төгүл, иччилэргэ - биирдэ.
6) Алгыс кэмигэр уоту аһатар буоллахтарына, чороонтон холумтаҥҥа илиилэрин иһинэн (ойууга көр) кута түһэллэр.

P.S. "Саха төрүт култуурата" телеграм-сирэй үлэтин сэргиир уонна өйүөххүн баҕарар буоллаххына толук (донат) ыытыаххын сөп, манна (сбер):
2202 2067 5636 5776

6 months, 4 weeks ago
Традиционная культура саха🌿
8 months ago

Былыргы муостаах бэргэһэлэр.
Старинные якутские шапки с рожками.

Во многих архивных и опубликованных материалах по истории, археологии, этнографии народа саха есть упоминания, а в некоторых случаях даже довольно подробные описания старинных шапок с рожками "муостаах бэргэһэ" и "муостаах нуоҕайдаах бэргэһэ" (женская шапка с рожками и с султаном).
Конструктивные особенности рогатой шапки описаны у П.В. Слепцова: "Чопчу (навершие) рогатой шапки настолько очень большое, что современному человеку могло быть отдельной шапкой. Его шьют из лисьих лап или бобрового меха. У нарядной шапки по углам навершия нашивают два рожка из беличьего, рысьего или бобрового хвоста и так их обшивают, чтобы торчали как рога".
И.В. Константинов, опираясь на материалы погребений саха 18 в., описал женские меховые шапки с двумя рожками, насаженными на берестяные или кожаные стерженьки и опушенными меховыми кисточками, с вертикально расположенным между рожками на макушке шапки возвышающимся торчком прямоугольной формы, насаженным на берестяной каркас (как на фото).
Шапки с рожками были довольно распространенным головным убором, как правило их носили представители богатого слоя населения.

9 months, 3 weeks ago

Умнуллубут, киэҥник туттуллубат буолбут тыллар. 2 чааһа.

  1. Симиин - сибиэһэй, минньигэс.
  2. Ньымаат - тугу эмэ киһиэхэ босхо биэрии, бэлэх
  3. Сөтөгөй - сөп диэн тыл утарыта. Сөп дуу, сөтөгөй дуу?
  4. Ураадыһан - барыларыттан үрдээн, хоройон көстөр көстүү.
  5. Кулур - туох да булкуһуута суох, ыраас. Холобур, кулур кумах.
  6. Суомах - кыра, улахана суох, дьадаҥы.
  7. Тубар - сиигэ суох, хаппыт-куурбут. Олус аҕыйах, кэмчи, тутах.
  8. Туймуу - туох эмэ үөскүүр, салҕанар төрдө.
  9. Олодоһун - айдааннаах, дьалхааннаах. Холобур, олодоһун олох.
  10. Түһүргэн - сүөһүнү дьиэҕэ өлөрөн иһиттэн, сыатыттан, этиттэн буһаран уҥа муннук остуолугар иччилэргэ анаан ууруу.
  11. Моҕоло - киһини көмөр иин.
  12. Кэниэр - кырыыс.
  13. Курум - уруу, малааһын аһа-үөлэ.
  14. Байаан - дьол.
  15. Чоҕой - сыстан баран арахсан биэрбэт.
We recommend to visit
Mash
Mash
3,143,254 @mash

Прислать новость, фото, видео, аудио, бересту: @in_mash_bot

Покупка рекламы: @marina_mousse

Помахаться и обсудить новости: @mash_chat

Регистрация в перечне РКН:
https://knd.gov.ru/license?id=6726d0b5db0c1931b12fc77f&registryType=bloggersPermission

Last updated 6 hours ago

Из России с любовью и улыбкой :)

From Russia with love and a smile :)

Chat - @ShutkaUm

@Shutka_U

Last updated 2 months, 2 weeks ago

Быстрее и интереснее всех про IT, диджитал и медиа.

Сотрудничество: @denmins

№ 4958286262

Last updated 2 weeks, 3 days ago