Xoмпорууна + Кистэлэҥ Күүс

Description
Advertising
We recommend to visit

По рекламе / сотрудничеству:
[email protected]
@exs_ad/ t.me/ExSCompany

Last updated 1 month, 2 weeks ago

ЛИСА 01.10.2024

Last updated 1 month, 3 weeks ago

📩 [email protected] +7 (919) 779-11-98 Кирилл Сёмин

Мой Rutube-канал:
https://rutube.ru/channel/31539567/

Last updated 1 month ago

1 month, 1 week ago

Дуальный мир полон сюрпризов.

В каждом из нас есть и Добро, и Зло. 
Поэтому в нашем характере одинаково присутствуют и светлые, и темные стороны.

В каждом из нас живет Ангел и Дьявол.
Поэтому мы одновременно способны на великие подвиги и на ужасные поступки.

В каждом из нас скрыты огромные способности.
Поэтому, принимая и примиряя противоположные силы, мы находим внутреннее спокойствие.

В каждом из нас есть частичка Творца.
Поэтому все равны, и никто не хуже и не лучше другого.

В каждом из нас проявляется жалость, которая унижает, подчеркивая чужую слабость.
Поэтому мы можем помочь облегчить страдания другого человека, мотивируя его на позитивные изменения, проявляя сострадание.

В каждом из нас дар Предков – Кистэлэҥ Күүс (Сакральные силы).
Поэтому мы ответственны за свои действия и за то, как они влияют на наших потомков.

В каждом из нас сильна ВЕРА на духовном плане, на тонком мире.
Поэтому интуиция является отличным ориентиром по жизни.

В каждом из нас потенциал развития неисчерпаем.
Поэтому достигнем ли мы в этой жизни более полного понимания человеческой Природы, себя и мира, зависит только от нас самих.

1 month, 2 weeks ago

Мандар Уус уонча сыл анараа өттүгэр "Кистэлэҥ Күүс" сурунаалбыт редакциятыгар ОҔО иитиитин туһунан кэпсээбиттээх...

1 month, 3 weeks ago

Возможность стать ШАМАН-ом – это дар или наказание?

Какая главная задача человека, обладающего этим даром?

Соколов Спартак родом из Сунтар. К шаманству пришел более 15 лет назад, 12 посвящений в старо-монгольской традиции:
- ...Зачастую работая с людьми, просматривая их, мы сами загрязняемся.
И потом эту энергию мы несем в свой Род и своим близким.
Почему так происходит?
Как помогать другим корректно?
Как правильно очищаться после обрядов?
Как происходит энергообмен и как не навредить себе и своим близким?

#Самая главная задача любого шамана, лекаря, ясновидящего заключается в защите и помощи своему Роду.

Об этом подробно на ВИДЕО 👇👇👇

4 months, 2 weeks ago

Сердце наполняется теплом, когда слышим от многочисленных Масей:
- Чем тебе помочь, Эбээ?,
- Дай-ка Деда, я сделаю...
Эти слова согревают душу  чистой,  неподдельной  детской  любовью  и  желанием  быть  полезным.

В этих простых вопросах и утверждениях, особенно от нашего младшего, шестилетнего Максима, уже чувствуется суть настоящего мужчины, будущего защитника и опоры.
Несмотря на юный возраст, он стремится помочь, взять часть забот на свои ещё маленькие плечи.

Некоторые из наших внуков - настоящие БООТУР-ы!
Мой "бараний вес", как многие шутят, порой сдвигается с места с такой лёгкостью, что в глазах, например, Марка, загорается огонёк силы и заботы, который со временем превратится в яркое пламя.

Приятно, что наши МАСИ еще любят обниматься, целовать.

Трогательно  наблюдать  за   становлением потомства,  видеть,  как  с  каждым  днем у них  проявляются  лучшие  человеческие  качества.

Радостно, что нами освоенный ГЕКТАР среди соснового бора притягивает многих.
Чистый воздух, напоённый ароматом хвои, шелест сосен, умиротворяющая красота ПРИРОДЫ– всё это завораживает и дарит ни с чем не сравнимое чувство покоя и гармонии.

4 months, 3 weeks ago

Бэйэлээх бэйэҥ этэргинии
Бэтэрээнэн-анараанан,
Аллараанан-үөһээнэн,
Абааһылыын-айыылыын
Айах атан амалыһан,
Орто дойду
Тойон Сэргэтин тула түмсэн –
Сиһик ХААН-ы тохпокко,
Сиик ТЫЫН-ы симэлиппэккэ –
Или –Эйэни түстүүр,
Илини-Арҕааны холбуур,
Хотуну-Соҕурууну ситимниир
Улуу Олох –Таптал,
Дьиҥ Кырдьык туһугар
Кэрэ Кэскили кэрэһэлээтэхтэрэ буоллун!

Дьэ туран,
Тохтуом диэбитим
Тохтотумаары гыннылар,
Бүтүөм диэбитим
Бүтэртэримээри мөҕүстүлэр...

Хорохоотторум-хоболорум
Хотунан-соҕуруунан холохуйа көттүлэр,
Хоммуту-холоону хороонуттан хостоотулар,
Хорхоххо хорҕойбуту булан ороотулар,
Сииккэ сиэлбити ситэ баттаатылар,
Тумаҥҥа муммуту тутан ыллылар,
Хаарга хаампыты хатыйа хайдылар...

Ол гынан,
Хобу-хоруйу,
Сиби-сибикини хоро тастылар,
Илини-арҕааны иилии эргийдилэр,
Илимэ-салама иннибэр көттүлэр...

Дьэ, истиҥ...

Уһуктан биэрбэт,
Улугурбута ааспат
Уһун эрэйдээх
Омугум барахсан
Хаппыт хараҕын уутунан,
Хам барбыт айаҕын күрүөтүнэн,
Сылайбыт сындааһын
Иҥииринэн сыҥаһаланан,
Сыраан санаатын салҕанан

Сыалаах сыттык олбохтоохтор,
Көмүс көбүөр суорҕаннаахтар,
Үрүтүн-үөһэ холомолоохтор,
Тилэри тимир сүүс көлөлөөхтөр,
Унньуктаахтык уруулга олорбуттар,
Тараах сиэллээх бастаахтарын
Таһы умнан тараһыйа таалалаабыттар,

Үөгүлүүр үптэринэн,
Хаһыытыыр харчыларынан
Далаһа оҥостон өрө үллэн,
Үөмэн тахсар үктэллэрэ
Үрэллэрэ буолан эрэр курдук да,
СЭТ-и-сэлээни сэнээн туран,
Үгэһи-туому тумнан туран,
Омук тыынын тууйан туран,

Орто Дойдуну
Ордугун күрүөлээн –
Биһиэнэ дэнэн,
Бэттиин бэһирэн,
Бэлэстэринэн бэтиэхэлэнэн,

Сирин баайын
Сиксигинэн сиэлэн,
Сиирэ хаһан, ситэри сиэн,
Халыччы хааман,
Хаалбыт дьону халтай олохтоон,
Туура баһан, түгэҕин көрөн,

Муҥур тойон-хотун дэнэн
Муҥутуур былаастанан,
Тура-тура мунньах ыһан
Муҥхаал тардан
Муҥхаларын хараҕын өссө кэҥэтэн,

Кыраны-кыамматы,
Кыра омугу кыаһылыыр
Кыһалаҥ иэһигэр
Кистээн киллэрэн,
Албыннаан кыайан,
Күнтэн күн күргүөм күргүйүнэн
Күрүөтүн-хаһаатын өссө ыпсаран,
Ыга ылан, ынтах анньан,
Уутуйан олорбут уруу туоналарыттан
Уһуктаах үөрбэнэн, уоттаах сэбинэн
Өтөрү үүрэн,
Өлөрү-хаалары өрүү биттэнэн,
Сэриини-сэймэги тэлэ тардан,
Атахтааҕы аччатан
Былааһын барҕардар,
Баайын хаҥатар
Аам-дьаам айахтаахха
Хаһааҥҥа дылы үҥэбит-сүктэбит:

Үрдүк өһүө, өй хаата,
Үтүө-мааны сирдьиттэрим,
Оҥкуллардаах олохпутун
Очурдарын охторон,
Чочурдарын көннөрөн,
Чачыгыр Таас ойууннуу
Чычымаан мэһэйи,
СУТ-у-СЭРИИ-ни
Субу сууһаран суох гынан
СОРГУ-ну-дьаалыны
Дьарыйа дьаһайыахтара,
Саргылаахтык салайыахтара,
Дурда-хахха буолуохтара диэн
Дураһыйа санаабыт,
Эрэх-турах эрэммит,
Элбэхтик эрэйдэммит,
Элэ-была этиини
Этэ сатаан эппэт буолбут,
Эргэ кэмнэртэн
Эҥэрдэрэ эйэҥэлэспит,
Саҥа саҕахтарга
Аат-харата саппарыспыт
САХАМ ДЬОНО – САХАМ ТЫЫНА!

Эргэ да эстэр кэмэ кэллэ!
Саҥа саҕах арылынна!
Саҥа санаа салалынна!
Кии буоларгын умун,
Киһи буол!
Көҥүл буол!

Ол Көҥүл илдьитэ
Тыыннаах тыллардаах,
Иилиир-саҕалыыр аналлаах, 
Туһааннаах суолдьут-сулус бэлиэлээх
“Кистэлэҥ Күүс” сурунааллаах,
Соҕотох чап-чараас да буоллар
Элбэҕи кэпсиир,
Эрэли күүһүрдэр,
Бэйэ толкуйунан
Күннээҕи олоҕу тобулар,
Сыыһаны-халтыны сонно көннөрүнэр,
Барыны баарынан ылынар,
Олоҕу, чугас дьону, бар дьону
Таптыырга ыҥырар,
Ылыннарыылаах хомоҕой тыллаах-өстөөх
Истиҥ иһирэх
”Ис имим этэринэн” диэн ааттаах кинигэлээх 
Хомпорууна Хотун Хааҥҥа
Туһулаан туойдахпыт буоллун,
Аҕыйах тылынан амалыйдахпыт буоллун:

Кылбайбыт эрэ барыта хараххар хатамматын   
Чаҕылыйбыт эрэ барыта санааҕар сыстыбатын
Чуопчаарбыт эрэ барыта куккун туппатын
Хаһыырбыт эрэ барыта хам баттаабатын.

Кылбайар эрэ барыта сырдык буолбат,
Чаҕылыйар эрэ барыта чаҕылҕан буолбат,
Туругурар эрэ барыта туруктаах буолбат,
Хаһыытыыр эрэ барыта хатан буолбат...
Халбарыйар эрэ барыта хардыылыыр буолбатах,
Хамсаабат эрэ барыта хаалбыт буолбатах...      

@Сата- Анастасия Васильева.

4 months, 3 weeks ago

Сымыйаны, албыны-көлдьүнү кубулдьутан,
Араастаан куоҕатан,
Кураанаҕы куолулууру,
Онон-манан саптынан
Сылайбыта буолууну,
Кутталыгар сөрөнөн
КУТ түгэҕэр сөҥүүнү,
Хата Эн,
Хотой ааттаах кыыс оҕо,
Соҕотох буол,
Сорсуннаах буол,
Харса суох саралыы тардан,
Суолгар-ыыргар
Туора турбут тутах санаа
Түүнүк түрмэлэрин түҥнэритэ тэбэн,
Түҥ хааһах тиэргэннэрин
Сытыган ааннарын
Тэлэйэ аһаттаан
Сырдыгы киллэрэн,
Холоон олохторун түөрэҥнэтэн,
Оҕо куттаах бэйэҥ
Орто саастаргар дьоһун тонуктанан,
Харалҕан бэйэҥ хараҕыҥ аһыллан,
Сыппах бэйэҥ сытыы кылыс тылланан,
Ойох, Ийэ эрэ буолар
Олбохтоох оруолуттан оронон –
Үөһэнэн үргүөрдээх,
Алларанан аргыардаах диэн
Аара хаалбакка –
ОЛОХ үллэр үөһүгэр,
Саллар саалыгар салаллан киирдэҕиҥ.

Хомпорууна Хотой ааттанан,
Хоҥоруугар хоннорон,
Хорсун санаа ылынан,
Буурҕа былдьыа,
Силлиэ сөрүө диэбэккэ,
Сиигирбит тыыннаах сиититтэн иҥнибэккэ,
Ситэритин сигэйбэккэ,
Уолларан кэҕиннэрэн кэбиспэккэ,
Уорба-таарба саарбах дуу
диэн сэрэхэчийбэккэ,

Айыы Күүһүгэр эрэнэн,
Айыы Аартыгын батыһан,
Айыы Тыынын арыйан

“Кистэлэҥ Күүс” диэн ааттаан
Ааттаах хаһыат арыйан,
Онтон сурунаал оҥорон,
Ааттаахтары-суоллаахтары,
Амалары-кыралары
Бииргэ хомуйа тутан,
Күүс иннигэр тэҥмит диэн итэҕэтэн,
Аргыый-наллаан
Айыы айатынан тардан ылан,
Ытык сирдэр ыҥырыыларын ылыннаран –
Сүбэ тула түмэн,
Сүрэх ТЫЛ-ын иһитиннэрэн,
Өркөн Өй сүмэтинэн мунньан

Омукпут туһа диэн,
Олохпут тубустун,
Кэскилбит кэҥээтин диэн,
Итэҕэлбит иилээтин диэн
Үлэ бөҕөнү ыытан
Күн бүгүҥҥэ диэри
Өрө мөхсө сырыттаҕыҥ!

Ол даа буоллар сороҕор...

Араас хааннаахтар,
Атын сырыылаахтар
Анныларын аһары алларытар, айманытар
Ардыгар аргыардаах,
Түктэри түрбүөннээх буолар.

Айыыларга аһыллар ааҥҥынан
Аһынаҥҥын арааһы аһараҕын –
Алҕаска, амырыын аас
Албыннаан ааһыан сөп курдук.

Сүрүҥ хаата сүрэххинэн
Сүрдээхтик чугастык
Сүтэрбиккэ-муммукка,
Муннукка ытаабыкка
Сонно сөллүөххүн сөп курдук,
сороҕор,
Сүлүһүн сииннээх, хара хааннаах
Суобас кыыма буолан кубулунан
Сүрүҥ күүһүгэр суудайыан сөп курдук диэн
Эн тускар
сэрэхэчис санаалар салаллыах курдуктар.

Тоҕо диэтэххэ,
Туораттан иһиттэххэ,
Оруо-маһы ортотунан
Туруору туруук таастыы
Чымаан тылларыҥ
Тыҥааһыны үөскэтэр,
Хатааһыны хатаҕалыыр курдуктар...

Ол эрэн,
Туһугар киирдэххэ,
Тутулун көрдөххө,
Туһааннаах турукка
Туһаайыллар тыллар эбит:

Туора тураары,
Туура баайыллаары,
Өһөр суолга,
Өспөх өтөххө өйөнөөрү,
Быстах былыкка,
Бадараан былыыкка быланаары,
Ааһар албыҥҥа,
Көһөр көлдьүҥҥэ көлбөҕүрээри,
Сылаас тыынтан,
Сай салгынтан саһаары
Тымныы тумаҥҥа,
Хараҥа хаһааҕа
Хааллаары гыммыкка туһуланар:

Ыаппат-иэппэт,
Ымаан-имээн,
Ыркый ойууртан ынтах барбат,
Бэттэх кэлэр ыллык булан,
Ыһыллыбытын ыпсарынан,
Сахсайбытын сааһыланан,
Солоҕурбутун сүдүрээннэнэн,
Моһуоратын көннөрүнэн,
Моһуоктарыттан босхолонон,
Моһоллорун туоратан,
Дьиҥнээх киһи-хара буоллун диэн,

Соло-хаан диэн аахсыбакка,
“Халыҥ хаһа” диэн аахайбакка
Айыы эрэ ТЫЫН-а киниэхэ
Арылыннын диэнинэн
Аһары сирдэтэн ардыгар
Аман өһүнэн амалыйаҕын...

Арах-турах,
Эрэх-турах,
Чэ буоллун...

Чээкийдэрин эрэ чээччилэтэн,
Чэмэликтэрин эрэ чэчигирэтэн,
Чэпчэкитин эрэ көрөн,
Чэ-чэ эрэ диэнинэн
Сиэтиллэн сылдьыбатах
Буолуохтааххын бука, Хомпорууна?

Кырдьык, сылдьыбыт сыыһы булар...
Кыҥаабыт кылааны таарыйар...

Ол эрэн эмиэ эрэнэбин:
Эн эрэйи эҥэринэн тэлбит 
Эгили КУТ-уҥ
Элбэҕи эркээйитэ энчирэтиэ диэн,
Эн иҥэриммит итии илгэҕинэн
Эмсэхтэнэн эрдийбиттэр,
Эгил-бугул эндир сырыыларгар
Эмискэ тиэрэ эргийэр
Эриэн эттээхтэр
Эҕэлээх этиилэрин үөннээх төбөтүн
Эрэллээх Ийэ Иэйиэхситиҥ
Этирик түөһүгэр түһэрэн ылыаҕын,
Күннээх күөнүнэн көҥүрү көтүөҕүн!

Дьэ, Доҕор,
Суруйар тылларыҥ,
Хоһуйар хоһоонноруҥ,
Туойар тойуктарыҥ
Сытыы кылыс бии буолан
Сытыганы сырбаттынар,
Улугурбуту уһугуннардыннар,
Салыйбыты салайдыннар,
Сайдыыга тириэртиннэр, -
Оруһуоллаах ох буолан
Орто дойду
Одурууннаах олоҕун
Оломнорун оймоотуннар,

4 months, 3 weeks ago

...хоммут уоһу хоннордоххо...                                                                         
Оттон кини Буурҕаһыт буурҕаны көрдүүр
Онно көҥүл – нусхал баарын курдук...
                                              (М.Лермонтов)

Хомпорууна "Ис имим этэринэн. кинигэтин ааҕан баран, тус бэйэм санааларбын  хайдах үөскээн-төрөөн кэлбиттэринэн, кэтэмэҕэйдээбэккэ, көнөтүнэн этэргэ сананным, сыыһа-халты, ханан эрэ ааптар ис имин кытта сөпсөспөт сөрөспүт буоллаҕына саҕалыах, “сата баһын” тардыах иннинэ аргыый аҕай алы гыннарабын...

Дьэ, “айаннаатахпыт алгыһынан”...

...Олорбута үһү үс хара бараа күлүктээх орто туруу дойдуга биир кыыс оҕо.
Атыттартан атына, эгил-тэгил бииргэ үөскээбит үөлээннээхтэриттэн уратыта диэн, олох обургу аһыытын-ньулуунун, Ийэ барахсан курдук баар-суох чугас киһини сүтэриини букатын ньулльаҕай оҕочоос кэмигэр билбитэ буолуо.

Туох билиэй?
Арааһа, оччоттон буоллаҕа дуу Марыына,
Олоҕун усталаах туоратыгар,
Оймоон ааспыт оломноругар,
Очурдары-чочурдары
Олус мэһэй диэбэккэ,
Бэйэлээх бэйэтин эрэ
СҮР күүһүгэр эрэнэ,
Кылаан быһаарыныылары
Кытаанахтык ылына,
Ылыммыт ыырыыттан ырааппакка
Тиэрдиллиэхтээх тиһэҕэр
Тиксэрэ үөрэммитигэр, 
Алыс атаахтаппатах Айылҕата,
Дьыбар тыыннаах Дьылҕата кыттыспыттара,
Чочурааннык уһуйбуттара буолуо.

Дьэ туран,
Кыыспыт олоҕун
Ортоку оройугар ойон тахсан,
Оҥостон оллоонноон олорон,
Ойоҕоһуттан буолбакка,
Хабайар хаба ортотунан,
Халыҥ хаарынан,
Саҥата суох сабыллан сытар
Ааспыт сылларын
Сытыары сыымайдыыр,
Уһаты-туора уурталыыр,
Уҥа-хаҥас тутаттыыр...

Ол тоҕо диэтэргит,
Кэлэр кэрэ кэмнэргэ,
Кэнэҕэски кэскиллэрэ,
Кэнчээри ыччаттара,
Бары бүттүүн
Ычалара ыраатарын туһугар,
Урут-хойут
Хоннох устун хотоҕостуу субуллубут,
Хонон хаалбыт 
Хойох холлоох хом санаа
Холбукатын суутун субуйа тардар,
Аһа баттыыр,
Халы-мааргы сырыылар
Сыбана сытар сыыһаларын,
Өһөгөйдөөх өһүргэс
Өс-саас саһа сатыыр
Санааларын саралыы тардар,
Тыгыалас тымныы тыймыыттарын
Тырыта тыытар,
Таһынан тамныыр...

Эрбэҕин үрдүгэр эргитэн аҕалан
Эргим-ургум эттиир-эллиир,
Ороон таһааран
Олоҕун булларан
Оттомноохтук отоһулуур,
Эдэр эмньик кэмнэргэ
Элбэхтик эрэйдээбит,
Эймэнитэ эмпит
Итии имэҥ иэйии
Эгэлгэлээх эйгэлэрин
Эргичитэ эмтиир...

Солотуулаах сололоохпун,
Үрүк-түрүк бэйэлээхпин,
Бүгүҥҥү күҥҥэ килбиэннээхпин,
Бэйэлээтэр бэйэбин
Түгэххэ түһэринимиэхтээхпин диэн
Үгүс үрдүк өһүөлээх
Өйүн сыыһын ылыммакка,
Сымыйа ыллам ырыатын ылласпакка,
Маҕайкаан мааскаларын аһыммакка,
Аанай-туонай аба-сата диэн
Аймах аайы аймаммакка,
Атас-доҕор диэки
Ытана-сулана сүүрбэккэ,
Кыбыстыбыта-симиттибитэ буолан
Кутун түгэҕэр куду аспакка,
Туора кырыы харахтар
Анаҕастаах айаларыгар
Киирэн биэриэм  диэн куттаммакка, 
Холку дьоһун бэйэлээхтик
Тус олоҕун туруору тутан,
Ис ИМ-ин ситэри истэн,
Кистэлэҥ күүһүн күлүүһүн булан
Аан Дайдыга,
Аҕыс Сарадахха аһан биэрдэҕэ –
Кыыс Оҕо, Хотун Ойох, Ийэ-Эбэ,
Эрэллээх Дьүөгэ,
Үрдүк Үлэһит үтүө аатын
Дьиҥ кистэлэҥнэрин  -
Эйиэхэ, миэхэ, барыбытыгар –
Ис КУТ-ун тургуйар түгэҕэр,
Дьиримнэс дириҥ дьэргэлгэнигэр,
Күөгэҥнэс долгун суһумугар,
Толору тутаах туругар тиийэ...

Дьэ,
Көҥүл тыыннаах,
Түмэр айылҕалаах,
Күүстээх санаалаах 
Хотой Айыы албаннаах аатын
Иҥэриниэн иҥэриммит
Хомпорууна Хотун Хаан диэх курдук.

Хотойугум оҕото,
Хоммут уоскун хоҥнорон,
Хотуулаахтык хоһуйан,
Холлоон-бууттаан,
Ис ТЫЫН-наан,
Сүмэһинин сүүмэрдээн,
Хомуурунньук хомуйан
Холумтаммар куду астыҥ,
Хоруй күүтэн иһийдиҥ...

Дьэ, туран...      
Мин көрдүм, биллим:
Эн Кутуҥ түгэҕэр,
Эн хараҕыҥ көрүүтүгэр,
Эн этэр этиигэр,
Эн саҥарар саҥаҕар,
Эн саныыр санааҕар,
Эн айар Кистэлэҥ Күүскэр,
Эн бүгүҥҥү Олоххор –
Дойдуҥ Сириҥ туһугар,
Аар Айылҕаҥ туһугар,
Дьонуҥ-сэргэҥ туһугар
Ис сүрэххиттэн долгуйаргын, ыалдьаргын,
Кырдьык кыайарыгар,
Кистэлэҥ Күүс арыллан
Таптал-Олох дьиҥнээхтик тылларыгар
Дириҥ Эрэлгин,
Тулхадыйбат Итэҕэлгин!

5 months, 1 week ago

САХАлар наһаа сэрэхпит дуу?
Куттаҕаспыт дуу?
Эйгэҕэ эрэлбит суох дуу?
Аттыбытыгар баар атастарга эрэммэппит дуу?

Хаартыска оннугар оһуор, ХАРЫСХАЛ бэлиэтэ буоллаҕына, быһыыта, кырыы харахтаахтартан диэн син өйдөнөр?

Кыыл-көтөр кэннигэр ис КУТпут адьырҕатын бэлиэтиибит?

Хаартыскабыт оннугар Айылҕа кэрэ көстүүтэ сэмэй киһи бэлиэтэ?
...
Бэйэтин СҮР күүһүн сэргиир, өбүгэтин өйдүүр, төрүтүн ытыктыыр, ылынар, улаханнык убаастыыр... эрэ мөссүөнүн атыҥҥа көрдөрөр, АВАтыгар аатын-суолун кытары сурунар?

Киһиэхэ майгынныыр бороҥ бастааҕы, бэйэ бодолооҕу кытары сэһэннэспит, кэпсэппит, булсубут, билсибит биир бэйэбэр быдан ордук доҕоттоор.

18.10.2017 сыл

https://m.facebook.com/story.php?story_fbid=pfbid0TDYgGnWrmMnL5yMM8ydVvjnE1qwuTBfsNGHUFtWchwvxYvmQNnDaNf4qN7xipTuPl&id=100003438568352&mibextid=Nif5oz

Facebook

Log in or sign up to view

See posts, photos and more on Facebook.

We recommend to visit

По рекламе / сотрудничеству:
[email protected]
@exs_ad/ t.me/ExSCompany

Last updated 1 month, 2 weeks ago

ЛИСА 01.10.2024

Last updated 1 month, 3 weeks ago

📩 [email protected] +7 (919) 779-11-98 Кирилл Сёмин

Мой Rutube-канал:
https://rutube.ru/channel/31539567/

Last updated 1 month ago